Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров улуустардааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалталарын уонна өрөспүүбүлүкэ улахан хаһаайыстыбаларын салайааччыларыгар инникитин туох-хайдах тосхоллоох үлэ ыытыллыаҕын билиһиннэрбитин кэннэ бачча ыраах айаннаан кэлбит дьон “ыйытыы – хоруй” киэбинэн кэпсэтиигэ киирдилэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ саамай элбэх сүөһүлээх, үүт ыамыгар күүскэ үлэлиир хаһаайыстыба – “Кириэстээх” ТХПК (Сунтаар) салайааччыта Владимир Егоров бастакынан тыл эттэ. Владимир Семенович саныырынан, тыа хаһаайыстыбатын сокуона кумааҕыга эрэ баар, үлэлээбэт, ол төрүөтэ – баччаҕа диэри сыана методиката оҥоһулла илигиттэн. “Үүт бэйэҕэ турар ороскуота, биһиги ааҕарбытынан, 85 солкуобай. Оттон үүппүтүн 70-нуу солкуобайга туттарабыт. Онон, субсидия кырата 95-100 солкуобай буолуохтаах. Иккиһинэн, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар көрүллэр үптэн тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарааччыларга чопчу тиийэр харчыны арааранкөрдөрөргүтүгэр баҕарабын”, – диэн этиннэ.
Миниистир уопуттаах салайааччы этиилэрин ылынан, методиканы оҥорууга үлэ бара турарын иһитиннэрдэ итиэннэ бүддьүөт тутулугар тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуларга тиийэр көмө үп чуолкайдык көстүөхтээҕэр сөбүлэһэрин биллэрдэ.
Чурапчы Муҥудайыгар нэһилиэк сылгытын түмэн көрөр “Бараммат” кэпэрэтиип салайааччыта Никифор Оконешников тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлиэҕиттэн миниистир олбоҕор сүүрбэччэ киһи олорон ааспытын, хайа муҥун тосту уларыйыы буоларыгар эрэнэрин эттэ. “Аан дойду үрдүнэн иирсээн, сэриитимсийии тэнийэр куттала суоһуурунан, бэйэ аһынан-үөлүнэн хааччыныы хаһааҥҥытааҕар даҕаны өрө тутуллар кэмэ кэллэ. Бүддьүөт үбүн туһанааччылартан биһиги салаабыт эрэ оҥорон таһаарар. Онон, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сир баайын хостооччулары кытта тэҥҥэ тутуллуохтаах. Ынах төбөтүгэр харчы көрүллэр буолуоҕуттан тыаҕа үүтү ыырга, ынах төрүүрүгэр-төрөөбөтүгэр ким даҕаны кыһаммат буолла. Саҥа эдэр миниистиртэн бородууксуйаны оҥорон таһаарыыны бастакы уочарат туруораргар көрдөһөбүн”, – диэтэ зоотехник идэлээх, бэйэтин кэмигэр 4 тыһыынчалаах кирбиини куоһаран аатыра сылдьыбыт уордьаннаах ыанньыксыт Никифор Иванович.
Владимир Чириков Аартыка түбэтигэр туспа тосхол оҥоһулла сылдьарын сэҥээрэн: “Хотулартан биһиги улууспут, Үөһээ Дьааҥы, эрэ үүт соҕотуопкатыгар үлэлиир. Ол гынан баран, ыабыт үүппүт киин улуустардыын тэҥ сыанаҕа тутуллар. Бэйэҕит бэркэ билэҕит – биһиэхэ туох барыта 2-3 бүк ыараан тиийэрин.Оппут сыаната кытта ыарахан: киин улуустарга туонна оту 8 тыһ. солкуобайга атыылаһыахха сөп буоллаҕына, Дьааҥыга – 15 тыһ. солкуобай. Ынах 10 бырыһыана кытарыыр. Ол түмүгэр ыаллар төбө харчытын даҕаны ылбат, үүт даҕаны кыайан туттарбат балаһыанньаҕа киирэллэрэ, хомойуох иһин, сыл аайы хатыланар хартыына буолан эрэр”, – диэн санаатын эттэ.
Артем Александров “төбө харчытыгар” сыһыаннаах элбэх этии киирэринэн, министиэристибэ сөптөөх мэхэньииһими тобулуоҕун иһитиннэрдэ уонна: “Бородууксуйа бэйэҕэ турар ороскуота сир ахсын уратылаһара биллэр. Инникитин хотуларга туспа ааҕарга кыһаныахпыт”, – диэн эрэннэрдэ.
Саҥа миниистири кытта көрсүһүүгэ сорох улуустартан куйаар ситимигэр холбонон, кытыннылар. Анаабыр улууһунааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалтата “тиэйии-таһыы ороскуота толуйулларыгар, тыа хаһаайыстыбатыгар идэлээх каадыр тиийбэтинэн, олорор дьиэнэн хааччыйыыга көмө оҥоһулларыгар”, Бүлүү улууһун “Тыымпы” кэпэрэтиибиттэн “хаһаайыстыбалары үп-харчы өттүнэн чэбдигирдэр бырагырааманы үбүлээн, салгыы үлэлэтэргэ”, Мэҥэ Хаҥалас Хорообутуттан “үүт субсидията олунньуга ыытылларыгар, тыа хаһаайыстыбатын улахан эбийиэктэрин тутууну Инвестбырагыраамаҕа киллэрэргэ” баҕа санааларын этиннилэр.
Артем Александрович: “Тыа хаһаайыстыбатыгар каадыр ханна баҕарар тиийбэт. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аграрнай хайысхалаах 100-тэн тахса оскуола баар. Миэстэтигэр оскуола үөрэнээччилэрин кытта бэйэҕит ыкса үлэлэһиҥ. Тыа сиригэр олорор, үлэлиир дьон дьиэ тутталларыгар туһуламмыт федеральнай бырагыраама 2019 сылтан үлэлээбэт. Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр анаан маннык бырагыраама оҥоһуллан бигэргэнэрин ситиһэ сатыахпыт. Улахан хаһаайыстыбалары үбүнэн чэбдигирдэр бырагыраама салҕанарыгар үлэлэһэ сылдьабыт. Ол эрээри, сүүс бырыһыан үбүлэнэрин эрэннэрбэппин, бу ый иһинэн быһаарыллыа. Бүддьүөт үбэ хаһан хамныырын билэҕит. Биһиги быйыл улуустарга кулун тутарга ыыппыппыт, онтон урутуур кыаҕа суох”, – диэн хоруйдаата.
Нам улууһуттан Модут нэһилиэгин баһылыга Ефим Гоголев судаарыстыба соҕотуопка тиһигинэн олохтоох аһы-үөлү атыылаһыыта күүһүрүөхтээҕин итиэннэ субсидия уһун сылларга мэктиэлэниэхтээҕин туруоруста. “Тыа хаһаайыстыбатыгар тургутан көрүөххэ сөптөөх хайысха элбэх. Министиэристибэ эксперименнээн, бырайыактары үлэлэтэригэр баҕарабын. Биһиги, модуттар, онно киирсэргэ бэлэммит”, – диэтэ Ефим Ефимович.
Эмиэ бу улуустан астыыр-үөллүүр “Эрэл” потребительскай кэпэрэтиип салайааччыта Ньургун Гуляев миниистирдиин кэпэрээссийэни сайыннарыыга анаан-минээн туспа кэпсэтии тэрийэргэ этии киллэрбитин Артем Александров сөбүлэстэ. Кырдьык, мантан инньэ хайысха-хайысханан элбэх кэпсэтии-дьүүллэһии буолара, сүбэ-соргу санаа этиллэрэ чуолкай. Саҥа анаммыт миниистир уонна тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр быһаччы үлэлии сылдьар салайааччылар ыарахан таһаҕастаах сыарҕаны биир сүрүннээхтик соһор санаалаах тарҕастылар.
Василий Никифоров. ТХМ пресс-сулууспатын хаартыскаҕа түһэриитигэр – көрсүһүү түгэнэ
Өссө ааҕыҥ:
Саҥа миниистир тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өйүүр мэхэньииһимҥэ уларытыы киллэрэр санаалаах
Читайте нас в: