Дьокуускай куоракка уонна улуустарга баар уматыгы кутар ыстаансыйаларга уматык сыаната быйыл сайын от ыйыгар ортотунан 3-4 солкуобайынан ыараабыта. Онтон бу күннэргэ эмиэ балачча үрдээн, дьону ууга-уокка түһэрдэ. Ол курдук, маҥнай “Сибойл” хампаанньа сапыраапкаларыгар ыараппытын кэннэ тилэх баттаһа бэҕэһээ, алтынньы 11 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ уматыгынан хааччыйар сүрүн тэрилтэтэ – “Саханефтегазсбыт” АУо үрдэттэ.
Инньэ гынан, Дьокуускай куоракка Аи-92 мааркалаах бэнсиин 5 солкуобайынан ыараан, 65 солкуобай 50 харчыга, оттон Аи-95-тээх 6 солкуобайынан өрө тахсан, 68 солкуобай 50 харчы буолла. Аи-98-таахха аны 73 солкуобай 6 харчыны төлүүгүн, ол аата 6 солкуобайынан таҕыста. Сэлээркэ 77 солкуобай 2 харчыттан 81 солкуобай 2 харчыга тиийдэ.
“Саханефтегазсбыт” АУо генеральнай дириэктэрин экэниэмикэҕэ уонна үпкэ солбуйааччыта Артем Ничипоренко быһаарарынан, уматык 10 бырыһыан үрдүүрүгэр быйылгы уу суолун (навигация) кэмигэр, ол эбэтэр дойдуга уматык сыаната сүрүннэниэн иннинэ, атыылаһыллыбыт уматык сыаната сабыдыаллаабыт. “Биһиги сыананы уһуннук тутарбыт тэрилтэ үп-харчы өттүнэн туругар хоромньулаах. Ону аахсыбат буоларбыт сатаммат. “Саханефтегазсбыт” бигэтик үлэлиириттэн, чуолаан, хотугу улуустарга дьон олоҕо-дьаһаҕа быһаччы тутулуктааҕын өйдүөххэ наада”, – диир кини.
Оттон тыа сирин олохтоохторун, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин кытта ыкса алтыһар “Туймаада-Ньиэп” АУо хампаанньа сапыраапкаларыгар сыана күн бүгүнүгэр диэри сайын олохтоммутунан турар. Хампаанньа генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Аким Макаровтан бүгүн сарсыарда ыйыппыппар: “Тус бэйэм чопчу үрдэтиллиэ, сыана баччанан ыаратыллыа диир кыаҕым суох. Бу күннэргэ “Туймаада-Ньиэп” АУо Дириэктэрдэрин сэбиэтэ быһаарыы ылыннаҕына биирдэ биллиэ”, – диэн хоруйдаата. Бүгүн ыараабата. Сарсын, өйүүн…
Василий Никифоров. Хаартыска: tuneft.ru
Также читайте:
Дмитрий Лепчиков спрогнозировал стабилизацию цен на нефтепродукты в Якутии
«Саханефтегазсбыт» повысил цены на бензин минимально
Читайте нас в: