«Сайсары» ырыынак: хортуоппуйга уонна хаппыыстаҕа сыана ыарыа дуо?

Дьокуускайга “Сайсары” бааһынай ырыынагын аттынааҕы Хомсомуол болуоссатыгар анал үрүттээх кэккэҕэ хортуоппуй, хаппыыста уонна оҕуруот аһын атын көрүҥнэрин атыыта-тутуута салҕанан барар. Халлаан тымныйа илик буолан, куорат ыаллара үгүстэрэ хаппыыста тууһуурга соччо-бачча тиэтэйбэттэр быһыылаах. Атыылааччылар алтынньы бүтүөр диэри турар санаалаахтар.

Сыана, сүнньүнэн, барыларыгар эгил-тэгил курдук эрээри, иҥэн-тоҥон билистэххэ, арыттаһардаах. Тууһуурга барсар “Слава” хаппыыстаны куулунан 60-нуу, киилэнэн 70-нуу солкуобайга атыылыыллар. Ол быыһыгар куулларын 50-ҥа сыаналааччылар бааллар. Ыраастаммыт (тас сэбирдэҕэ суйдаммыт) хаппыыстаны киилэтин 70-нуу солкуобайга биэрэллэр. Бытархай уонна сылгы хадьырыйбыт “стандартнайа суох” дэнэр хаппыыстаны киилэтигэр 40-35 солкуобайы  төлүөххэ сөп.

Хортуоппуйу куулунан эрэ атыылыыллар. Киилэтин сыаната – 70 солкуобай. Бытархай соҕуһун 60-нуу биэрэллэр. Манна даҕатан эттэххэ, быйылгы үүнүүгэ бытархайа элбэҕин бэлиэтии көрдүм. Ол иһигэр 5-тии, 10-нуу киилэлээх кыра сиэккэ куулга хааламмыт “иккис килиэп” 80-нуу солкуобайга атыыланар.

Холобур, Сиинэ аатырбыт кыһыл хортуоппуйа улахан кууллааҕа (40-42 киилэни үктүүр) 3 000 – 3 100 солкуобайга, кыра кууллааҕа (30-ча киилэ) 2 500 солкуобайга турар. Атыылааччылар бэйэлэрэ быһааралларынан, хортуоппуй сыанатын киилэтигэр 70-нуу солкуобайынан ааҕан төлөттөрөллөрүгэр атыыласпыт киһи олорор сиригэр (куорат иһигэр), кэтэх дьиэтиттэн уонна кыбартыыра этээһиттэн тутулуга суох, массыынанан тиэрдии иһин 3 мөһөөҕү эбэллэр эбит.

Сорох идэтийбит эргиэмсиктэр этэллэринэн, мантан күһүн Нам бааһынайдара хаппыысталарын, хортуоппуйдарын куорат ырыынагар атыыга киллэрбэтэхтэринэ, сыана үрдүүр чинчилээх. Кырдьык, тоҕо эрэ “Нам хортуоппуйа”, “Хамаҕатта хаппыыстата” диэн суруктар көстүбэттэр. Нам улууһунааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Владимир Макаровтан чуолкайдаспыппар:

Оҕуруот аһын уонна хортуоппуй үүнүүтэ былырыыҥҥыга тиийбэт эрээри, биир хаһаайыстыбаҕа эрэ хаппыыста мөлтөх, атыттарга үчүгэйдик таҕыста. Хортуоппуй төрүөҕэ бытархай соҕус гынан баран, кээмэйбитин ыллыбыт. Биһиги хаһаайыстыбаларбыт бородууксуйаларын 2018 сылтан саҕалаан улууспут иһинээҕи оҕо тэрилтэлэрин кытта дуогабардаһан хааччыйар буоланнар, батарыыга уустуктары көрсүбэт буоллулар. Итиэннэ кэлиҥҥи сылларга улахан хаһаайыстыбаларбыт уонна бытархайдар кэпэрээссийэлэһэн уурар-харайар тутууланан, хортуоппуйу кыһыннары атыылыыр кыахтаннылар. Куоракка син биир сакааһынан киллэрэ тураллар. Сүрүннээн, чугастыы Үөдэйтэн атыыга киллэриэхпит”, – диэн быһааран кэпсээтэ.

Оттон Хамаҕаттаҕа олохтоох Нам улууһун биир бөдөҥ, идэтийбит “Сүүрээн” бааһынай хаһаайыстыбатын баһылыга Александр Жирков быйыл күһүн 100-чэ туонна хаппыыста үүнүүтүн хомуйбутун, бэлиэр, улууһун иһигэр батаран бүтэрэн эрэр эбит.

Быйыл сайын биирдэ эрэ үчүгэйдик ардаата. Уу бөҕөнү ыстардыбыт эрээри, хортуоппуй төрүөҕэ элбэх гынан баран, бытархай соҕус. Айылҕа уутун ордук билинэр эбит. Хаппыыстам үүнүүтэ орто үчүгэй. Хаппыыстаны 60-нуу солкуобайга атыылыыбыт. Хортуоппуй куулунан 65-70 солкуобай сыаналаах”, – диэн билиһиннэрдэ.

Манна сыһыаран эттэххэ, Нам бааһынайдара байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин хортуоппуйунан, хаппыыстанан босхо хааччыйаллара үтүө үгэскэ кубулуйда.

Василий Никифоров

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ