Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгин олохтоохторо бу күннэргэ байыаннай дьайыыттан кэлбит биир дойдулаахтарыгар көмө субуотунньук тэрийдилэр. Бу туһунан «Олох суола» хаһыат иһитиннэрэр.
Ол курдук, буойун саҥа дьиэтигэр киирэригэр ис-тас үлэлэргэ көмөлөһөн, сэмэй кылааттарын киллэрдилэр.
«Көхтөөх кыттыыны ылбыт дьоммутугар истиҥ махталбытын тиэрдэбит, өрүү маннык түмсүүлээх буолуоҕуҥ», — диэн Чочу нэһилиэгин дьаһалтата ыҥырар.
Читайте нас в: