Быйыл бурдук ыһыытын иэнэ, Сахастат дааннайынан, 11 472 гектарга тэҥнэһэр. Мантан отчуоттанар кэмҥэ 10 478 гектарын, ол эбэтэр ыһыллыбыт иэнтэн 92 бырыһыанын хомуйдулар. Оттон бурдук баалабай хомуура 11 500 туоннаҕа тиийэн, былааннаммыт кээмэй 109 бырыһыан туолла. Гектартан ортотунан 11-дии сэнтиниэр үүнүү ылылынна. Тэҥнэбилгэ эттэххэ, былырыын баччаҕа 10 056 туонна бурдук хомуйуллубута.
Бурдук бүттүүн хомууруттан сэлиэһинэй 1 636, нэчимиэн 2 538, эбиэс 7 312, оруос 14 туонналыыны ылаллар. Бурдугу 12 улууска уонна Дьокуускайга үүннэрэллэр. Ыһыллыбыт иэнтэн 853 гектара хомуйуллара хаалла. Ордук улаханнык Ньурба хаһаайыстыбалара бытаардылар: 313 гектартан 120 гектарын (38%) хомуйдулар. Өлүөхүмэҕэ уонна Уус Алдаҥҥа 83-түү, Хаҥаласка 86, Дьокуускайга 93 бырыһыаннарын хомуйдулар.
Ол гынан баран, бурдук былаанын Ньурбаттан (55%), Өлүөхүмэттэн (80%), Сунтаартан (88%) уратылар толордулар эбэтэр куоһардылар. Холобур, Таатта улууһа 20 туонна былааннааҕын 100 туонна үүнүүнү хомуйан, биэс бүк аһарда (500%). Амма хаһаайыстыбалара 4 195 туонна бурдугу хомуйан, былааннарын 7, былырыыҥҥы көрдөрүүлэрин 21 бырыһыанынан аһара түстүлэр. Хомуур кээмэйинэн Хаҥалас улууһа 2 146 туонна бурдуктаах (125%), Мэҥэ Хаҥалас 1 594 туонналаах (120%) иккис-үһүс сылдьаллар. Гектартан саамай элбэх үүнүүнү Уус Алдаҥҥа (12,7 сэнтиниэр) уонна Дьокуускайга (12 сэнтиниэр) ыллылар.
Хортуоппуй үүнүүтүн 65 456 туоннаны хомуйарга былааннаммытыттан 64 267 туонната ылыллан, былаан 98 бырыһыана туолла. Барыта 6 820 гектартан ортотунан 94,2-лии сэнтиниэр үүнүү хомуйулунна. Ааспыт сыл туһааннаах кэмигэр 73 545 туонна хортуоппуй ылыллыбытын кытта ааҕыстахха, быйылгы үүнүү 13 бырыһыанынан итэҕэс буолла.
Хортуоппуйу 27 улууска уонна Дьокуускай, Сатай куораттардааҕы уокуруктарга олордоллор. Былаанын 8 улуус 100 бырыһыан толордо. Сатайга, Муомаҕа 101, Мэҥэ Хаҥаласка, Томпоҕо 102, Уус Алдаҥҥа 104, Хаҥаласка 108, Куорунайга 110, Дьокуускайга 112, Уус Маайаҕа 125 бырыһыанныыга тириэртилэр.
Ол оннугар хортуоскалаах Өлүөхүмэ быйыл мөлтөөтө: 6 191,8 туонна былааннааҕыттан 5 178 туонна хортуоппуйу хомуйан, 84 бырыһыан оҥордо. Мэҥэ Хаҥалас Өлүөхүмэни куотан, 5 532 туонна хортуоппуйданна, инньэ гынан былаанын 102 бырыһыан толордо. Ленскэй улууһа барыларыттан элбэҕи хомуйда (6 837 туонна) эрээри, ылыммыт былаанын 94 бырыһыанын ситистэ. Сунтаар 61, Чурапчы 75, Нам 81, Ньурба 82 бырыһыан көрдөрүүлэнэн, хортуоппуй хомуурун былаана туолбатыгар “көмөлөстүлэр”.
Оҕуруот аһын, бүрүөһүннээх уонна аһаҕастыы олордуллары иккиэннэрин холбоон, 30 689 туоннаны хомуйарга былаан-сорудах тиэрдиллибититтэн бу кэмҥэ 29 183 туонната, ол эбэтэр 95 бырыһыана туолан иһэр. Ити иһигэр 1 265 гектар иэннээх бааһынаттан 9 893 туонна хаппыыста, 3 329 туонна моркуоп, 2 687 туонна сүбүөкүлэ итиэннэ 1 827 оҕуруот аһын атын көрүҥнэрэ хомуйулуннулар. Сорох хаһаайыстыбалар хаппыысталарын ситэ хомуйа иликтэр. Онон бүтэһиктээх сыыппараны этэргэ эрдэ. Бүрүөһүннээх үүннэриллэр оҕуруот аһа 11 445 туонна хомуйуллан, гектартан 140,2 сэнтиниэр үүнүү ылылынна.
Василий Никифоров
Также читайте:
В Якутии близятся к завершению уборочные работы
Читайте нас в: