Чочулар саҥа киинэни астына көрдүлэр

Чочу нэһилиэгэр ыытылла турар аҕам саастаах дьоҥҥо аналлаах декада кэмигэр араас тэрээһиннэр буолаллар. Биир оннук умнуллубат үөрүүлээх түгэни олохтоох дьаһалта бэлэхтээтэ. Ол курдук, аҕам саастаах дьон Бүлүү куоратыгар киирэн, «Лоокуут уонна Ньургуһун» диэн саҥа киинэни астына- дуоһуйа көрдүлэр. Бу туһунан «Олох суола» суруйар. 

Автобус сылдьыбат буолан куораппытыгар наадалаах дьон таксинан киирэбит, тахсабыт. Бу сырыыга олохтоох дьаһалтабыт (баһылык Петр Догоюсов) босхо киллэрэн биһигини улаханнык үөртэ, — диир Федора Николаева. — «Лоокуут уонна Ньургуһун» диэн наһаа үчүгэй киинэ эбит. Өссө биһиги, чочулар, бэйэбит уолбут Гаврил Менкяров оонньуур эбит, оруолун олус итэҕэтиилээхтик толорбутун астына, киэн тутта көрдүбүт. Онон биһиги, аҕам саастаах дьон, биир күһүҥҥү үтүө күн куораппытыгар киирэн, К.Е.Тимофеев аатынан «Бүлүү» кинотеатрга Саха сирин үрдүнэн көрөөччү киэҥ биһирэбилин ылбыт саҥа киинэтин көрөммүт уонна биһиэхэ болҕомто уурулларыттан олус үөрдүбүт, тэрийээччилэрбитигэр махталбыт муҥура суох.

Муза Федорова

Также читайте:
Якутский фильм «Лоокуут и Ньургусун» заработал более 13 млн рублей за две недели проката

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ