Суорун Омоллоон «Маппыайабыс учуутал»: сахалыы аудиокинигэ

Учуутал күнүн көрсө «Чолбон» сурунаал Суорун Омоллоон учуутал Матвей Матвеевич Сивцев туһунан ахтыытынан аудиокинигэни бэлэмнээтэ. 

Саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон бэйэтин ахтыытыгар бу курдук суруйбута: «Матвей Матвеевич Сивцев – П.А. Ойуунускай бастакы учуутала Чөркөөххө оскуола астаран, 14 сыл сэбиэдиссэйдээн үлэлээбит. Кини оскуола астарар инниттэн дьиэтин туран биэрбит.

Маппыайабыс Чөркөөх дэриэбинэтэ бүтүннүү тупсарыгар олус кыһаллара. Бу дойдуга бурдук аанньа үүммэт буолан, дьадаҥы дьон аччык-аас олохтоохторун билэр буолан, бурдугу, сир аһын үүннэриини тупсарарга туруммута. Инньэ гынан тыаны солоон, бурдугу үчүгэйдик үүннэрэр ньыманы эт бэйэтинэн көрдөрөн барбыта.

Биирдэ кини Репин художник «Запорожцы пишут письмо турецкому султану» хартыынатын киллэрэн дуосканы саба ыйаабыта. Оо, онно ойууламмыт хас персонаһын дьүһүннээн, кэпсээн биэрдэҕэ эриэккэһин. Биһиги оҕолор күлэн быар суох. Хартыынаны өйдөөн көрөргө биһиги онтон үгүскэ үөрэммит буолуохтаахпыт», — диэн Суорун Омоллоон ахтыбыта.

Сиһилии:

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ