Хаһан, ханна баҕарар бар дьону, бүтүн судаарыстыбаны дьон чулуута, өркөн өйдөөҕө, төлөннөөх сүрэхтээҕэ-быардааҕа, уйаҕаһа-сайаҕаһа, киһи-аймах киһилии, сиэр-майгы быһыытынан эйэ-дэмнээхтик олорорун туһугар туруулаһар, үтүө суоллары тобулар, сирдиир, дьаһайар, тэрийэр, көҕүлүүр.
Ол бар дьон кимтэн даҕаны итэҕэһэ суох олохтоох-дьаһахтаах, өйдөөх-төйдөөх, иһэ тот, дьиэлээх-уоттаах, сайдам ыччаттаах буоларын туһугар үлэлииртэн саҕаланар. Атаҕастабыл, сэнэбил, үтүрүйэ, быһа үктүү, угаайылыы сатааһын түҥ былыргыттан баар. Сахаҕа эмиэ өбүгэ саҕаттан бар дьонун олоҕо түптээх, этэҥҥэ буоларын турууласпыт сүдү дьонноох этибит. Саха сахсархай, көтүмэх буолбатах, нүһэр, чиҥ-чаҥ, муус болгуо дойдуга олохсуйар буолан модун санаалаах, ычалаах. Ону араас идеология бутуйбута, муннарбыта. Аныгы үйэҕэ бэйэбит алҕас өйдөөн, сыыһа дьаһанан ыччаппытын төрүт-уус дьоно, сирэ-уота суох оҥоро уччуттубут. Саҥа, сонун барыта көдьүүстээх, кэскиллээх буолбат. Үөрэхтээһин диэн өйдөбүл үөскээбитэ быданнаатаҕа. Саха оҕотун уруу-аймах, ыал эйгэтигэр олоххо уһуйар, өйдөөх-толкуйдаах, киһилии сиэрдээх-сигилилээх, мааны майгылаах, үтүмэн элбэҕи сатыыр, кыайар, дэгиттэр буоларга иитэ, такайа, сыыстаҕына буойа, сүбэлии, бэл дьарыйа сылдьара. Ол барыта отуора хамсаабыта ырааттаҕа.
Бутуурдаах буола турар олоххо барыта баҕа хоту табыллан испэт. Онуоха бастыҥнар, эппиэтинэһи бэйэҕэ ылааччылар суолталара сүҥкэн. П. А. Ойуунускай, С. А. Новгородов, о.д.а. саҕана, кэлин Е. П. Жирков туруорсуутун бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович өйөөн үөрэҕи, иитиини сахатытыы, ол эбэтэр бэйэ айылҕатын, олорор сирин-дойдун уратытын, тыынын аахсан, онуоха ханыылыы оҥорорго дьулуспуттара. Бар дьон ону өйөөбүтэ. Ол саҕана үөрэххэ уларытыы киллэрэр уххан күүһүрбүтэ.
Ураты дьоҕурдаах, үөрэҕи ылынымтыа диэбит оҕолорбутун сүүмэрдээн анал оскуолалары аһыталаабыппыт. Онуоха М. А. Алексеев үөрэнээччилэрэ ааҕары-суоттууру, өйү сынньары сөбүлүүр, астынар оҕолору көҕүлүүр, сайыннарар, сүүмэрдиир соруктаах «Дьоҕур» диэн оскуоланы саҕалаабыттара. Учуонай, уопсастыбаннай диэйэтэл Шамаев И. И. саха оҕото өбүгэтин тыынын, тылын, майгытын ыһыктыбакка араас уустук идэлэри атыттартан хаалсыбакка баһылыырыгар олук уурсубута. Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи физмат оскуоланы төрүттэһэн, салайан, 50 сыл устата туруктаахтык үлэлииригэр, саха ыччата үүнэригэр, сайдарыгар, ыыра кэҥииригэр, ычата баараҕадыйарыгар олук уурбут үтүөтэ-өҥөтө умнуллубатар. Биир кыһалҕалаахтарбын, саха ыччата тиирэ тэбэн тахсарыгар үтүмэн үтүөлээх дьоммут Иван Иванович Шамаевы, Александр Константинович Чиряевы бу ураты бэлиэ үбүлүөйдэринэн эҕэрдэлиибин. Тэтимнэрин ыһыктыбакка, үлэлии-хамсыы, көҕүлүү сырыттыннар диэн алҕаатаҕым буоллун.
Оҕо туһа диэн чахчы бэйэбит кимиэхэ да сэлээннээбэккэ бэйэлэрэ мүккүллүбүт, түбүгүрбүт дьон дьиҥнээх ийэ, аҕа буолаллар. Кинилэр оҕолорун кытта убансаллар, өйдөһөллөр, аһыналлар, харыстаһаллар эбит. Биир эмэ оҕолорун саататынан оонньуур оҥостубуттар ийэ, аҕа дэнэллэрэ кытта саарбах. Ол тэҥэ эр-ойох ыал дэммэт. Дьиэлэнэн-уоттанан, оҕолонон, кыттыгас араас тэриллэнэн, үптэнэн-харчыланан, түбүктэнэн кыттыгас олохтоммут, дьылҕаламмыт дьон эрэ ыал аатыраллар. Бүтэр уһуга суох түбүктээх, кыһалҕалаах ыал дьон кыра алҕастан, сыыһаттан сылтанан сирсибэттэр. Иллээх-эйэлээх, уйуктаах дьон олохторун астыналлар. Ол аата дьоллоохтор.
Үөрэх эйгэтин суолтатын, сөҕүмэрин өйдөөн Ил Дархан ыйааҕынан иитии уонна үөрэх бэлиитикэтин, стратегиятын көрөр-истэр олохтуур, дьаһайар анал, онуоха сыһыаннаах биэдэмистибэлэри, тэрилтэлэри түмэр, кыттыһыннарар Сэбиэт баар буоларыгар этии киллэрэбин.
Саха атыттартан хайа даҕаны өттүнэн хаалсыбат ыччаттаах, дьонноох буола дьаһанан, үүнэн-сайдан иһэригэр маннык тэрээһин улахан туһалаах буолуох этэ. Кэлтэй кэрэ аймах баһылаабыт министиэристибэтигэр сөҕүмэр эппиэтинэһи сэлээнниир сатаммат.
Сэрии сылын оҕото, урукку методист Егор Васильев
Читайте нас в: