Мэҥэдьэк баһылыга Леонид Николаев: сүрүн кыһалҕабыт — суол-иис уонна иһэр уу

Хас биирдии оҕо төрөөбүт сирин, дойдутун хайаан да билиэхтээх диэн сыалтан–соруктан Хатыы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Ньурба улууһун Мэҥэдьэк нэһилиэгин баһылыгын Леонид Николаевы кытта көрсөн кэпсэттилэр. Нэһилиэк ситиһиилэрин, кыһалҕаларын, төрөөбүт сир уратытын туһунан атах тэпсэн олорон сэһэргэстилэр.

Баһылыкка бастакы ыйытыыбыт маннык этэ: «Киэҥ сиргэ тиийдэхпинэ, төрөөбүт нэһилиэгим туһунан аан бастаан тугу кэпсиэхтээхпиний?» диэн. Ону Леонид Александрович маннык диэн эппиэттээтэ: «Ханнык баҕарар киһиэхэ төрөөбүт дойду ийэҕэ, аҕаҕа тэҥнээх чугас буолар, ол иһин ханна баҕар тиийдэргит, төрөөбүт дойдугут үчүгэйин, туох улахан ситиһиилээҕин эрэ кэпсиэхтээххит. Биһиги биир киэн туттуубутунан буолар Мэҥэдьэк сылгы боруодата, кини биһиги дойдубутуттан үөскээн-тэнийэн тахсыбыт биир улахан күүстээх боруода буолар. Номох кэпсииринэн маннааҕы бастакы Мэҥэдьэк нэһилиэгин кинээһэ Дайыыла Күөгэлэп Өлүөхүмэттэн аҕалан тарҕаппыт. Уонна биир уратыбыт — биһиги дойдубутуттан улахан үлэһиттэр, үрдүк сололоох, билигин үлэлии сылдьар дьон бааллар, ол курдук үп-харчы миниистирэ Валерий Андреевич Жондоров, Ил Түмэн депутата Антонина Афанасьевна Григорьева, «Бичик» кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ Август Васильевич Егоров, биллиилээх историк-учуонай, историческай наука доктора Егор Егорович Алексеев буолаллар. Биһиги олохтоохтор бары төрүччүбүтүн билэрбит биир улахан ситиһии буолар.

— Нэһилиэк иннигэр ханнык сүрүн кыһалҕа турарый уонна ону быһаарарга туох үлэ барарый?

— Биһиги сүрүн кыһалҕабыт ыраах сытарбыт, суол-иис буолар. Үлэ бара турар, ол курдук Ньурба оройуонун баһылыгын Алексей Михайлович көҕүлээһининэн ааспыт сылга ыаллыы сытар Маалыкай нэһилиэгэр диэри суолу оҥоттордо, онтон быйыл Малдьаҕар нэһилиэгэр диэри суол оҥоһулунна. Ити курдук сыл ахсын суолбут тупсан иһэр. Олохтоох дьаһалта итиннэ эмиэ улахан үлэ ыытан, биһиги нэһилиэктэн оҥоруҥ диэн этии киллэрэн үлэ бара турар. Ыраах сытарбыт эдэр специалистар кэлэн үлэлииллэригэр эмиэ ыарахаттары көрсөбүт. Онно эмиэ үлэ бара турар, ол курдук оскуолаҕа, оройуоммут баһылыгын кытта кэпсэтиһэн, «Сельский учитель» диэн бырайыагы үлэлэппиппит, ол курдук үс педагог учууталы ыҥыран үлэлэтэ сылдьабыт.

Уонна биир улахан кыһалҕабытынан буолар – иһэр уу. Хас да сыл курааннаан, күөллэр уолан хаалан мэһэйдэри үөскэппитэ. Манна эмиэ үлэ бара турар, ол курдук биһигиттэн 8-9 килэмиэтир тэйиччи сытар өрүспүтүттэн уу ылар курдук, суол боппуруоһугар үлэлэһэ сылдьабыт.

— Кэнники сылларга нэһилиэкпит cаамай улахан ситиһиитэ тугуй, эн санааҕар?

— Мин санаабар, нэһилиэкпит сүрүн ситиһиитэ – эдэр ыччат кэлэн үлэлиирэ. Холобура, атын нэһилиэктэри кытта тэҥнээн көрдөххө, биһиэхэ эдэр ыччат кэлэн үлэлиирэ кэнники сылга элбэх.  Ол эрэн саастаах дьоммутун илдьэ сылдьан сүбэ-ама гынабыт, эдэр дьоҥҥо олус туһалаах, наадалаах. Материальнай-техническай база өттүгэр ситиһиибит диэн биһиэхэ национальнай бырайыак чэрчитинэн оскуолабыт өрөмүөнэ уонна саҥа ФАП тутуллуута буолар.

— Нэһилиэкпит сайдыытыгар биһиги оҕолор көмөбүтүн эһиги туохха көрөҕүтүй?

— Нэһилиэкпит сайдыытыгар оҕолор саамай сүрүн көмөҕүт – үөрэх буолар.Үчүгэйдик үөрэнэн, үөрэхтээх дьон буолан төрөөбүт дойдугут сайдарын туһугар үлэлииргит, хамныыргыт буолар.

Кэпсэттилэр Вова Михеев, Дайаана Иванова, 10 кылаас үөрэнээччилэрэ,

Хатыы орто оскуолатын медиа-киинэ, «Кэскил» хаһыат

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ