Айсен Николаев: «Мантан инньэ Судаарыстыбаннас күнүн тэрээһинэ Бастакы Президеммит Михаил Николаев төрөөбүт дойдутуттан саҕаланар буолуоҕа»

Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын мунньаҕа буолан ааста. Бу туһунан «Хаҥалас» хаһыат сырдатар.

Быйылгы тэрээһин биһиги биир дойдулаахпыт, Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенэ, бөдөҥ судаарыстыбаннай диэйэтэл Михаил Николаев төрөөбүт Чапаев сэлиэнньэтигэр Николаев- кииҥҥэ ытык киһибит үтүө аатын үйэтитиинэн сибээстээн тэрилиннэ. Манна Ил Дархан Айсен Николаев, Ил Түмэн саҥа талыллыбыт сэттис ыҥырыылаах Мунньаҕын салайааччыта Алексей Еремеев, Хаҥаластан норуот дьокутааттара, Михаил Ефимович соратниктара, доҕотторо, биир дойдулаахтара, хаҥаластар, Өктөм нэһилиэгин дьоно, ыччаттар, президентскэй ситим оскуолаларын, Өктөмнөөҕү наука- үөрэҕирии киинин үөрэнээччилэрэ о.д.а. кытыннылар. Тэрээһин Өктөм хуорун Российскай Федерация уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөй ырыаларын толоруутунан саҕаланна.

СӨ Баһылыга Айсен Николаев мустубут дьону Судаарыстыбаннай Суверенитет ылыллыбыт күнүнэн истиҥник эҕэрдэлээтэ. Ил Дархаммыт 1990-2002 сылларга саҥа Саха сирин судаарыстыбаннаһын оҥкула олохтоммутун, ону сүрүннээччинэн биһиги Михаил Николаевпыт буолбутун махтана бэлиэтээтэ. Бу дьалхааннаах сылларга, Саха сирэ дойдубут саҥа демократическай тутулу олохтуур уонна Россия Федерацията биир бигэ туруктаах уонна балысхан сайдыылаах субъектарыттан биирдэстэрэ буолуутугар биһиги президеммит сүдү кылаатын бэлиэтээтэ. Айсен Сергеевич бу историческай кэмҥэ Михаил Николаев Сахатын сирин, кини норуотун инники кэскилин туһугар бэриниилээхтик, хорсуннук туруулаһан үлэлээбитин ахтан аһарда. Бастакы Президеммит өрөспүүбүлүкэни салайыы, сайыннарыы тускулларын төрдүттэн уларыппыт норуоттан тахсыбыт духуобунай лидербит буоларын бэлиэтээн туран, билигин өрөспүүбүлүкэбит Россияҕа инники күөҥҥэ иһэрин, дойдубут биир бигэ туруктаах, инникилээх региона буоларын эттэ. Айсен Николаев, түгэнинэн туһанан, ааспыт быыбардарга кини кандидатуратын өйөөбүттэригэр хаҥаластарга махтанна.

Михаил Николаев сайдыыга туһуламмыт хайысхаларын — үөрэҕи, билиини, чөл олоҕу, үлэни, бэйэни аһынан-үөлүнэн хааччынары, или-эйэни өрө тутарга үтүө холобур буолбутун бэлиэтээн туран, кини саҕалаабыт дьыалатын салгыырга, үлэҕэ-хамнаска суолдьут сулус оҥосторго баҕа санаатын тириэртэ Айсен Сергеевич. Эркээни хочото уонна Покровскай куорат экономическай сайдыы, хааччыныы территориятынан буоларыгар Михаил Николаевич көҕүлээбит дьыалата олоххо киирэригэр үлэ хайаан даҕаны барыаҕын, онно бары кыахтар баалларын иһитиннэрдэ. Кини мантан инньэ Судаарыстыбаннаспыт күнүн бу Михаил Николаев төрөөбүт дойдутуттан бэлиэтиир үгэһи киллэрэри эппитин мустубут дьон астына иһиттилэр.

Мунньахха Айсен Николаев СӨ Баһылыгын Грамотатын Николаев-Киин СӨ Бастакы Президенин М.Е.Николаев Бибилэтиэкэ- архыыбын сүрүн бибилэтиэкэригэр Оксана Харитоноваҕа туттарда. Бу күн Ил Дархан илиититтэн «Гражданскай килбиэн» СӨ бэлиэтинэн үлэ бэтэрээнэ, култуура туйгуна, Дьэр нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Надежда Сысоева наҕараадаланна.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, Михаил Ефимович соратнига Матвей Мучин, саха норуодунай суруйааччыта Павел Харитонов президентскэй оскуолалартан Өктөмнөөҕү наука-үөрэх киинин үөрэнээччилэрэ. о.д.а.тыл эттилэр, Михаил Николаев үтүө аатын үйэтитиигэ санааларын тириэртилэр.

Айсен Сергеевич ытык киһибит аатын үйэтитиигэ туох үлэ ыытыллыахтааҕын Михаил Ефимович төрөөбүт күнүгэр, сэтинньи 13 күнүгэр, норуоппутугар тиэрдиэхпит диэбитин хаҥаластар сэргии иһиттилэр. Саха сирин судаарыстыбаннаһын турууласпыт, үөрэҕи-билиини тэниппит түс-бас дьон Тыгынтан саҕалаан Маһары Баһыакап, Соппуруон Сыраанап, Ылдьаа Саадырын, кэлин Михаил Николаев Хаҥаластан тахсыбыттарын, өрүү или-эйэни хорсуннук өрө туппуттарын бэлиэтээн туран түмсүүлээх буолуоҕуҥ диэнинэн музыка доҕуһуоллаах эрэли түстүүр тэрээһиммит түмүктэннэ. Айсен Николаев эппитин курдук — «Иннибит диэки!».

Людмила Аммосова

Также читайте:
Матвей Мучин: принятие Декларации – блестящая победа первого президента Якутии

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ