Ньурбачаан баһылыга Мария Семенова: нэһилиэги бүтүннүү итии уонна тымныы уунан хааччыйыыга сорук турар

Бу күннэргэ Ньурба улууһун Ньурбачаан нэһилиэгин баһылыга Мария Семенованы кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэстибит. Нэһилиэккэ ыытыллар үлэ туһунан сүрүн уонна кыһалҕалаах боппуруостары ыйыталастыбыт, диэн «Кэскил» хаһыат эдэр кэрэспэдьиэннэрэ суруйаллар. 

Мария Николаевна 2012 сылга баһылыгынан талыллаат, нэһилиэнньэни ититиинэн хааччыйыыга үлэлээбит. Ол курдук, кини Школьнай, Березовай уулуссаҕа олорор ыаллары сылааһынан 100% хааччыйбыт.

Маны тэҥэ оҕо былаһааккатыгар элбэх үлэ ыытыллан, футболлуур хонуу, кырдьаҕастар уонна эдэр кэнчээри ыччат чөл олоҕу тутуһан дьарыктанарыгар спортивнай инвентарь туруоруллубут. Кулууп уонна спортзал иһигэр өрөмүөн үлэлэрэ ыытыллыбыт. Эдэр кэлэр көлүөнэ өйдүү-саныы сылдьарыгар сыалтан, Аҕа дойду сэриитигэр кыттыыны ылбыт биир дойдулаахтарыгар өйдөбүнньүк пааматынньыгы тупсаран оҥорбуттар уонна сайыҥҥы уу ситимин тардыбыттара иккис сылын үлэлиирин кэпсээтэ. Онон нэһилиэк сайдыытыгар кыра-кыралаан үлэ ыытылларын бэлиэтээтэ.

— Мария Николаевна, нэһилиэккэ туох кыһалҕа боппуруос турарый?

— Бастатан туран, оскуолабыт хаарбах туруктаах. Быйыл Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев кэлэ сылдьан, 90/40 миэстэлээх оскуола-саад тутуутун былааҥҥа киллэрдэ. Манна бырайыак оҥоһуллан аҕыйах сылынан үлэҕэ киириэ диэн эрэллээхпит. Нэһилиэги бүтүннүү итии уонна тымныы уунан хааччыйыыга эмиэ сорук турар. Тоҥус күөлүн анныгар ууну таһаарарга эмиэ сорудахтанан олоробут. Оччоҕо нэһилиэкпитигэр уу кэлэн, ититии киирэн, бары толору хааччыллыылаах дьиэлэниэ этибит.

— Ньурбачаан нэһилиэгин хайдах сайыннарыахха сөбүй? Сайдыы суолун туохха көрөҕүнүй?

— Бастатан туран хас биирдии ыалга ититии, толору хааччыллыы баар буоллаҕына, куорат курдук сананан олоруо этибит. Тоҕо диэтэххинэ, киһи нус-хас олоҕо, бастатан туран, дьиэ иһинээҕи туруктан саҕаланар. Ол кэннэ оҕолорбутун, кэлэр көлүөнэбитин сырдыкка, кэрэҕэ үөрэтии буолар. Билигин кыра-кыралаан сайдыы үлэтэ ыытыллар. Ол курдук, киин уулуссабытыгар асфальт уурулунна. Инникитин даҕаны нэһилиэги сайыннарыыга, тупсарыыга үлэлэр ыытыллыахтара диэн эрэнэбит.

— Мария Николаевна, кэпсээниҥ иһин барҕа махтал. Үлэҕит таһаарыылаах буоллун. Ньурбачааммыт сайдыы суолугар киирдин!

Кэпсэттилэр Надежда АЛЕКСЕЕВА, Валерия ИГНАТЬЕВА, медиа-оскуола кэрэспэдьиэннэрэ

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ