Баһылыктыын кэпсэтии: суолу оҥоруу уонна оскуола тутуута — Малдьаҕар нэһилиэгин сүрүн боппуруоһа

Бу күннэргэ биһиги Ньурба улууһун Малдьаҕар нэһилиэгин дьаһалтатын дьиэтигэр сырыттыбыт. Сырыыбыт сүрүн сыала – баһылыгы кытта аһаҕастык кэпсэтии. Хомойуох иһин, бу кэмҥэ баһылыкпыт суох этэ нэһилиэккэ, ол иһин баһылык солбуйааччытын Любовь Семенованы кытары кэпсэттибит, диэн «Кэскил» хаһыат эдкора суруйар.

— Үтүө күнүнэн! Баһаалыста бэйэҕин билиһиннэриэҥ дуо?

— Үтүө күнүнэн! Мин Семенова Любовь Михайловна диэммин, бу күһүн саҥа баһылык солбуйаачытынан анаммытым. Ол гынан баран дьаһалтаҕа үлэлээбитим 6-7 сыл буолла.

— Малдьаҕарга уопсай суруллуутунан хас киһи олороруй?

— 516 киһи сурулла сылдьар, итинтэн 0-6 диэри — 47 оҕо, 7-17 диэри — 55 оҕо. Үлэһит дьоно – 332, пенсионердар – 128, эдэр ыччат – 224, устудьуоннар — 25, инбэлииттэр – 23, тыыл бэтэрээннэрэ – 5, улэ бэтэрээннэрэ – 48. Малдьаҕарбыт ол гынан баран кыра нэһилиэктэр ахсааннарыгар киирсэр.

— Сөп, билигин сүрүн ыйытыктарга киириэххэ. Бастакы ыйытыым, Малдьаҕар нэһилиэгэ ханнык сүрүн интэриэһинэй чахчыларынан биллэрий?

— Хас биирдии нэһилиэк үтүө дьонунан биллэр, ол курдук биһиги саамай киэн туттар дьоннорбут буолаллар — ини-бии бырааттыы Донскойдар. Кинилэр Саха АССР төрүттэниитигэр күүскэ үлэлээбиттэрэ, саха чулуу дьоннорун ахсааннарыгар киирсэллэр. Феодосий Семенович Донской сэрии кэмигэр Берлиҥҥэ Рейхстаг истиэнэтигэр “Были и мы из Якутии…” диэн бэлиэ суругу хаалларбыта. Ол таһынан Малдьаҕартан 13 учуонай тахсыбыта. Уонна манна Манчаары Баһылай кыра кэмҥэ олоро сылдьыбыта, манна көмүллүбүтэ.

— Кырдьык, наһаа элбэх интэриэһинэй чахчылардаах эбиппит. Иккис уонна үһүс ыйытыыларым тэҥ соҕустар. Бүгүҥҥү күҥҥэ нэһилиэккэ ханнык сытыы боппуруостар туралларый уонна ити боппуруостары кытта хайдах үлэлэһэҕитий?

— Сүрүн боппуруоспут, бастакытынан, саҥа оскуола тутуута буолар. Оройуон уонна өрөспүүбүлүкэ былааныгар турар, саҥа 80 миэстэлээх оскуола бу сылтан проектнай үлэтэ бара турар. Бырайыак быһыытынан Ньурбачаан нэһилиэгин оскуолатын кытары тэҥҥэ тутуллуохтаах. Иккис сытыы боппуруоспут — суол оҥорооһуна буолар. Билигин түгэх сытар Хатыы диэн нэһилиэктэн саҕалаан, суолу оҥоро сылдьаллар.

— Кэпсэтиибит иһин улахан махтал! Көрсүөххэ диэри!

Кэпсэттэ Сарыал ФИЛИППОВ, 11 кылаас үөрэнээччитэ, медиа-оскуола эдкора

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ