Балаҕан ыйын 18-23 күннэригэр Черкесcк куоракка бүтүн Россиятааҕы «Төрөөбүт тыл уонна литература бастыҥ учуутала-2023» куоҥкурус ыытылынна. Куоҥкуруска 75 учуутал кытынна. Биһиги биир дойдулаахпыт, А.Н.Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын учуутала Кэскилээнэ Лукина ситиһиилээхтик кыттан, алта бастыҥ учуутал иһигэр киирэн, финалистка буолла, «Үлэ күүһэ» суруйар.
«Куоҥкуруска өрөспүүбүлүкэм чиэһин көмүскүүр олус долгутуулаах этэ. Бастакы түһүмэххэ бэйэм үлэбин сырдаттым. Ону тэҥэ 19 №-дээх гимназия VI «в» кылааһын үөрэнээччилэригэр «һөҕүҥ» диэн уруок ыыттым. Оҕолор сахалыы дорҕоону, буукубаны кытта билистилэр. Уруокпар олус көхтөөхтүк кыттыбыттара, билиэх-көрүөх баҕа санааларыттан долгуйарым кытта ааспыт курдуга. «Россия күүһэ-норуот биир сомоҕо буоларыгар» диэн кылаас чааһын ыыттым.
Бу куоҥкуруска кыттыым олоҕум саамай умнуллубат кэмэ буолар. Төрөппүттэрбэр төрөөбүт тылга тапталы иҥэрбиттэригэр махтанабын. Бэйэм хамаандабар махталым муҥура суох. Кинилэр сүбэ-ама, көмө-тирэх буолан, үрдүк кыайыыны ситистим», — диэн Кэскилээнэ Лукина санаатын үллэстэр.
Үрдүк ситиһиигинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит, киэн туттабыт.
Алена Санникова
Читайте нас в: