Александр Жирков Уус Алдан улууһун салалтатын кытта көрүстэ

Балаҕан ыйын 15 күнүгэр Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков 2013-2023 сылларга Уус Алдан улууһун салалтатын баһылыгын Алексей Федотовы, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччынан үлэлээбит Петр Сивцевы, баһылык солбуйааччытын Семен Бурнашеву кытта көрүстэ. Ил Түмэҥҥэ буолбут көрсүһүүгэ Александр Николаевич кинилэргэ төрөөбүт-үөскээбит улуустарын сайдыытын, дьон-сэргэ олоҕо тупсарын туһугар уһун кэмҥэ бииргэ үлэлэрин иһин махталын тириэртэ уонна инникитин даҕаны олохторугар, үлэлэригэр саҥа ситиһиилэри баҕарда.

“Эһиги үчүгэйдик, таһаарыылаахтык үлэлээтигит, — диэтэ Александр Николаевич. — Ааспыт сылларга улууспутугар саҥа баараҕай тутуулар ыытылыннылар, улуус киинин, үгүс түөлбэлэр объектара саҥардылыннылар, тубустулар. Өрөспүүбүлүкэҕэ уонна дойдуга саҕаламмыт бырайыактарга, программаларга Уус-Алдан көхтөөхтүк кыттарын ситистигит, таһыттан элбэх үбү-харчыны улуус туһатыгар киллэрдигит. Улуус сайдыытыгар инникитин тирэх буолар үлэлэри саҕалаатыгыт. Эһиги төрөөбүт улуускут туһугар ылсыбыт соруккутун дьоһуннаахтык толордугут уонна ону мэлдьэһэр сатаныа суоҕа”.

Салгыы Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ көрсүһүү кыттыылаахтарын Уус Алдан улууһун инникитин туһугар улуус саҥа салалтатын кытта бииргэ үлэлэһэллэригэр, тэйбэттэригэр, сүбэ-ама, көмө буолартан туора турбаттарыгар эттэ.

“Быыбарга кыттыбыт биир дойдулаахтарбыт бэйэлэрин санааларын биллэрдилэр, ол халбаҥнаабакка ылыныллыахтаах. Улуускут туһугар кыһамньыгытын ыһыктан кэбиһимэҥ. Дьоммут-сэргэбит эһигиттэн итинник дьаһаныыны эрэйэр. Уус-Алдан баар буола туруоҕа, урут даҕаны, хойут даҕаны төрөөбүт түөлбэтин мөлтөтө сатаабыт буолбакка, тупсара, күүһүрдэ сатаабыт, ол дьон-сэргэ махталын ылыаҕа”.

Көрсүһүү түмүгүнэн Алексей Васильевич, Петр Степанович, Семен Семенович Александр Николаевичка улууска үлэлээбит сылларын тухары быһаччы көмөтүн, өйөбүлүн, үтүө сыһыанын иһин махталларын эттилэр, уонна инникитин даҕаны кыах баарынан улуустарын туһугар саҥа салалтаны кытта бииргэ үлэлэһэргэ бэлэмнэрин биллэрдилэр.

Салгыы, балаҕан ыйын 17 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ Александр Жирков Уус Алдан улууһун администрациятын саҥа талыллыбыт баһылыгын Василий Аммосовы кытта көрүстэ. Александр Николаевич Василий Ивановиһы Уус-Алдан улууһун салалтатын баһылыгынан талыллыбытынан истиҥник эҕэрдэлээтэ уонна саҥа үлэтигэр ситиһиилэри баҕарда.

«Эн иннигинээҕи улуус салалтата кыахтаахтык дьаһанан үлэлээбитэ, ону бэйэҥ билэҕин, — диэтэ көрсүһүүгэ Александр Николаевич. — Билигин тэтими ыһыктыбакка үлэни салгыыр, тупсарар, улууспутуттан дьон көһүүтүн, нэһилиэнньэ аҕыйааһынын тохтотуу, нэһилиэктэри харыстааһын соруктара тураллар. Ол инниттэн суол-иис тутуута, нэһилиэктэри сылаас оттук ситимигэр холбооһун, саҥа дьиэ-уот, ол иһигэр социальнай объектары уонна кэлэн олохсуйар специалистар дьиэлэрин тутуу, дьон олоҕо туруктаах, үлэлээх-хамнастаах буоларын, төрүт үгэстэри тутуһуу таһынан саҥа идэлэри олоҕун эйгэтэ оҥосторун ситиһии ирдэнэр. Туспа соруктар үөрэх, доруобуйа харыстабылын, культура, дьон көмүскэллээх буолуутун хайысхаларыгар тураллар.

Эйигин киһи да, үлэһит да быһыытынан өрдөөҕүттэн билэбин. Салайааччы быһыытынан дьону түмэр, үлэни тэрийэр дьоҕургар эрэнэбин. Салалтаҕа, кадрга буолар уларыйыылар олус кичэллээхтик, дьону дьиҥ кыаҕынан, таһымынан көрөн туһалаах өттүнэн баралларын хааччый, ыччат баҕатын, аҕа көлүөнэ дьон сүбэтин-аматын тумнума, үлэлиир кыахтаах уонна баҕалаах дьону биир сомоҕо түмэн улууспут сайдыытыгар туһаай”, — диэн сүбэ-алгыс тылларын эттэ.

Александр Жирков уонна Василий Аммосов күнү-дьылы ыыппакка улуус кыттыылаах бырайыактарга, программаларга салгыы киирсэн, инники сүрүн соруктары чопчулаан үлэни саҕалыырга сүбэлэстилэр.

Сергей Васильев
Ил Түмэн

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ