Табаҕа оскуолатыгар Спиридон Шишигин 100 сылын бэлиэтээтилэр

Р.А.Бурнашов аатынан Табаҕа оскуолатыгар Педагог уонна настаабынньык сылын чэрчитинэн Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээл кавалера, тыыл уонна педагогическай үлэ бэтэрээнэ, оскуола дириэктэрэ, Шишигиннэр педагогическай династияларын аҕа баһылыга, ыччат настаабынньыга, оскуола уонна нэһилиэк музейын төрүттээччи Спиридон Васильевич Шишигин төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах улахан тэрээһин-семинар буолан ааста. Тэрийээччилэр ‒ “Тараҕай нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии, олохтоох оскуола уонна Шишигиннэр аймах.

Күн бастакы аҥарыгар Спиридон Васильевич оҕолоро, сиэннэрэ, чугас дьоно үөрэнээччилэргэ анаан бииртэн биир интэриэһинэй, сонун маастар-кылаастары ыыттылар. Ол курдук, 1-2 кылаастарга “Толкуйдаа, оонньоо, кыай!” оонньууну В.П. Ларионов аатынан оскуола алын кылааһын учуутала Борисова А.А., 3‒4 кылаастарга Шишигина У.С. “Оскуолаҕа ‒ саахымат”, 5 кылааска”Музыка — барыбытыгар” Майатааҕы Ускуустуба оскуолатын преподавателэ Борисов А.Г., 6‒8 кылаастарга “Сахалыы остуол оонньуулара” — И.М. Яковлев аатынан Покровскай орто оскуолатын дириэктэрэ Шишигин С.С., онтон 9-10-11 кылаастарга “СӨ Норуоттар икки ардыларынааҕы Арктика оскуолата” –английскай тыл учуутала Шишигина Е.Н,онус кылаас үөрэнээччитэ Шишигин Алдардыын ыытаннар, киэҥ сэҥээриини уонна биһирэбили ыллылар.

Бу кэнниттэн тэрээһин кыттыылаахтара оскуола уонна нэһилиэк музейдарыгар Спиридон Васильевич 100 сааһыгар аналлаах быыстапкаларга сырыттылар. Салҕыы 2 чаастан Жирков И.А., СӨ Ил Дарханын коррупцияны уонна да атын быраабы кэһиини профилактикалыыр управлениетын консультана, улахан кылаас оҕолоругар олус наадалаах уонна туһалаах лекцияны оҥордо. Маны тэҥэ аактабай саалга саҥа тахсыбыт кинигэ сүрэхтэниитэ саҕаланна. Аҕаларыгар аналлаах киэҥ ааҕааччыга тахсар кинигэни эрдэттэн баҕа санаа ымыыта оностон, сүрэхтэрин сылааһын биэрэн, сыралаһан, илиилэрин араарбакка үлэлээн, хомуйан, СӨ Шишигиннэр педагогическай династияларын бэрэстэбиитэллэрэ, оскуолабыт мэссэнээттэрэ Е.С.Шишигин, У.С.Шишигина, А.С.Жиркова, Хотугулуу Илин Федеральнай университет Бэчээтин дьиэтин сүрүн исписэлииһэ Ю.К.Петрова уонна сиэннэрэ бэлэмнээбиттэр.

Кинигэ “Нэһилиэкпит дьиҥнээх патриота” диэн Тараҕай нэһилиэгэ МТ баһылыга Порядин Ю.А. уонна Егор Спиридонович “Бөдөҥ нэһилиэги дьоһуннук салайбыта” диэн киирии ыстатыйаларыттан саҕаланар.

“Алаас ааттаах, өтөх төҥүргэстээх” диэн бастакы баска Егор Спиридонович түгэх өбүгэлэрин сырдатар, билиһиннэрэр үлэтэ уонна Спиридон Васильевич бэйэтин суруйуулара киирэн, кинигэ дириҥ, киэҥ ис хоһооннооҕо харахха тута быраҕыллар.

Салҕыы маҥнайгы үөрэнээччилэрин, биир идэлээхтэрин ахтыыларыгар буойун-учуутал, төлөннөөх патриот, дьонун-сэргэтин туһугар эҥкилэ суох бэриниилээхтик үлэлээбит салайааччы быһыытынан Спиридон Васильевич мөссүөнэ толору арыллыбыт.

Бастакы бас чугас дьонун, аймахтарын истиҥ-иһирэх ахтыыларынан түмүктэнэр. Сыллар ааһаллар, саҥаттан саҥа көлүөнэ утум-ситим кэлэн иһэр. Кинигэ иккис баһа “Сурт кэриэстээх, уот кыымнаах” диэн ааттаммыт. Спиридон Васильевич күн бүгүн 17 сиэннээх, 35 хос сиэннээх. Аныгы үйэ сиэринэн, хос сиэннэрэ араас идэлэри баһылаан, киин институттары бүтэрэн Москванан, Новосибирскайынан, үлэлииллэр, үөрэнэллэр. Биир сиэнэ кэргэн тахсан, Германияҕа олорор. Шишигиннэр дьиэ кэргэттэрин үтүө үгэстэрин уонна холумтаннарын сылааһын салҕаан илдьэ сылдьар, эһэлэрин үтүө-мааны тылын-өһүн истибит, алгыһын тыыннааҕар ылбыт сиэннэр уонна бүгүҥҥү хос сиэннэр суруйууларынан кинигэ түмүктэнэр.

Кинигэ син киһи кэриэтэ. Бу сүрэхтэммит кинигэ кырдьаҕас оскуола, нэһилиэк историятын үөрэтиигэ олук ууруо, хас биирдиибитигэр инники олохпутугар, үлэбитигэр-хамнаспытыгар бастыҥ муударай сүбэһит буолуо, олоххо муҥура суох тапталы саҕыа диэн эрэнэбит.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр да, минньигэс астаах сандалыга да Спиридон Васильевич туһунан истиҥ, иһирэх, үгүс үтүө тыл этилиннэ. Шишигиннэр удьуордара үйэлэри уҥуордаан ааттара ааттана турдун диэн кырдьаҕастар алгыстарын анаатылар.

Парасковья Макарова, Р.А.Бурнашов аатынан Табаҕа оскуолатын мусуойун салайааччыта,

«Эркээйи» хаһыат

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ