Таатта иистэнньэҥнэрэ илиилэрин сылааһын байыастарга аныыллар

Бу күннэргэ «Илии сылааһа» иис сыаҕын тэрийиитинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн иистэнньэҥнэр күрэхтэрэ буола турар. Таатта улууһуттан «Харыстаана» хамаанда кыттыыны ылар, бу туһунан «Таатта» хаһыат иһитиннэрэр. 

Күрэххэ барыта холбоон 90-тан тахса кыттааччы, 11 улуус долгуйа кыттар. Таатта улууһуттан «Харыстаана» иистэнньэҥнэр хамаандата бэрт үчүгэйдик, алгыс тыллаах сылаас илиитинэн 10 көрүҥ таҥаһы тигэ сылдьар. Салайааччынан СӨ үөрэҕириитин туйгуна «Албан Аат» уордьан толору кавалера, Дмитрий Петров аатын сүгэр Ытык Күөл иккис нүөмэрдээх орто оскуолатын технология учуутала Анна Никифорова буолар.

Бу улахан күрэххэ «Харыстаана» хамаандатыгар ситиһиилэри баҕарабыт, диэн улуус олохтоохторо баҕа санааларын тиэрдэллэр.

Санатан эттэххэ, күрэххэ анаан тигиллибит сылаас таҥас-сап инники кирбиигэ сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар тиксэриллиэхтээх.

Өссө ааҕыҥ:
В Якутии 94 швеи примут участие в конкурсе по пошиву одежды для участников СВО

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ