Арыылаахтарга бу күн үс төгүл үөрүүлээх түгэн тосхойдо. Ол курдук, өр сылларга туруорсубут баҕа санаалара туолан, бүгүн бөһүөлэк килбэйэр киинигэр саҥа балыыһа тутуллан, олоххо киирдэ, «Саҥа олох» хаһыат суруйар.
Итини тэҥэ, эмиэ хас да сыл бырааһа суох олорбут нэһилиэккэ быйыл саҥа үөрэҕин бүтэрэн кэлбит, арыылаахтар бэйэлэрин уоллара Петр Барашков бырааһынан ананан үлэтин саҕалаата. Аны үһүс үөрүүлээх түгэнинэн — бу бөһүөлэккэ, анал идэтин баһылыаҕыттан, өр сыл устата биэлсэринэн үтүө суобастаахтык үлэлээбит, дьонун-сэргэтин иһирэх махталын ылыан ылбыт СӨ уонна РФ доруобуйа харыстабылыгар туйгуна Дария Николаевна Потапова аатын саҥа балыыһаҕа иҥэрдилэр.
Саҥа эбийиэги быйыл сайын Александр Ноев салайар 4 киһилээх «Основа» ХЭТ үлэһиттэрэ аныгы тутуу матырыйаалынан көрүөх бэтэрээ өттүгэр тутан дьэндэттилэр. Манна хас кабинет ахсын саҥа миэбэллэр, анал оборудованиелар кэлэн таҥыллан турбуттар, толору хааччыллыы киллэриллибит. Онон үлэһиттэр үлэлииллэригэр-хамсыылларыгар табыгастаах усулуобуйа тэриллибит. Бу балыыһаҕа биэлсэринэн Екатерина Попова, Татьяна Барашкова уонна санитарканан Федора Потапова үлэлэлээбиттэрэ ыраатта. «Саҥа балыыһабыт тутуллан, аны саҥа быраастанан мантан ыла абыранабыт. Саҥа эбийиэги олоххо киллэриигэ үлэлээбит бары үлэһиттэргэ, өрөспүүбүлүкэбит уонна улууспут туһааннаах салалталарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит», — диэн үөрүүлэрин үллэһиннилэр.
Анна Захарова
Читайте нас в: