Норуот хаһаайыстыбатын салааларыттан былааннааһыҥҥа, билгэлээһиҥҥэ бэриммэтинэн биир саамай уустуктара – тыа хаһаайыстыбата. Күнтэн-дьылтан улахан тутулуктаах буолан, эһиил курааннаатаҕына эбэтэр уу сут ааҥнаатаҕына, сүөһү-ас таҥара илиитигэр киирэр. Ол даҕаны буоллар, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатыгар кэлиҥҥи биэс сылга тахсыбыт уларыйыылары көрүөҕүҥ.
Тыа хаһаайыстыбатын сүрүн көрдөрүүтэ – дьиэ кыылын-сүөлүн иитииттэн уонна тыа хаһаайыстыбатын култуураларын үүннэрииттэн ылыллар аһы-үөлү оҥорон таһаарыы таһымын үрдээһинэ эбэтэр таҥнары түһүүтэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ тыа хаһаайыстыбатын бүттүүн бородууксуйатын кээмэйинэн Уһук Илин субъектарын ортотугар үһүс сылдьар, уокурук үрдүнэн оҥоһуллан тахсар бородууксуйа 12 бырыһыана тиксэр.
Ааспыт 2022 сыл барыллааһын түмүгүнэн (бүтэһиктээх сыыппаралары Госкомстат быйыл ахсынньы ыйга таһаарыа) 28,7 млрд солкуобай кээмэйдээх бородууксуйа оҥоһулунна, ол эбэтэр 2021 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 1,2 (2018 сыллааҕар – 0,5) %-нан үрдээһин бэлиэтэннэ. Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ олохтоох аһынан-үөлүнэн хааччыллыытын таһыма 5 сүрүн көрдөрүүгэ маннык (%-нан) түмүктээх: этинэн уонна эт аһылыгынан – 26,6, үүтүнэн уонна үүт аһылыгынан – 54,5, сымыытынан – 62, хортуоппуйунан – 61,5, оҕуруот аһынан – 35,7.
Кэлиҥҥи биэс сыл устатыгар бас билии бары киэптээх хаһаайыстыбаларыгар ынах сүөһү ахсаана 6,9% аҕыйаан, 170,8 тыһ. төбө буолла. Ол оннугар ынах ахсаана 2 %-нан эбиллэн, 70,3 тыһыынчаттан 71,7 тыһ. төбөҕө тиийдэ. Билигин аҥаардастыы ахсааны сырсыбакка, хаачыстыбаны тупсарыы өттүгэр үлэ күүһүрбүтүн бэлиэтиэххэ сөп. “Сахаагроплем” СБТ 2018 с. тэриллэн үлэтин саҕалыаҕыттан хаһаайыстыбалары үрдүк удьуордаах оҕустартан ылыллыбыт сиэмэнэн хааччыйар. Саҥа тэрилтэ искусственнай сиэмэлээһининэн кыайан хабыллыбат кытыы нэһилиэктэргэ хаан уруурҕаһыытын бохсор туһуттан былырыыҥҥыттан саҕалаан Үөһээ Дьааҥы, Сунтаар, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас уонна Хаҥалас улуустарыгар 15 атыыр оҕуһу “үлэлэтэ” ыытта. Ынах сүөһүнү иитиигэ 8 племенной хаһаайыстыба үлэлиир, племенной сүөһү ахсаана 3,6 тыһ. төбөттөн 4,1 тыһ. төбөҕө диэри эбилиннэ.
Манна сыһыаран, төрүт сүөһүбүт төлкөтө түстэммитин, төрүөҕэ тэнийэн эрэрин ыйар сиэрдээх. “Саха сүөһүтэ” удьуор пуондатын хааһына тэрилтэтэ 2019 сыл бүтүүтэ тэриллиэҕиттэн өрөспүүбүлүкэҕэ ордон хаалбыт саха сүөһүтүн Ил Дархан сорудаҕынан “эстэр кутталтан таһаарар инниттэн төрүөх биэрэр ийэ сүөһүнү 660 төбөттөн 1 тыһыынчаҕа диэри элбэтэргэ” былааннаах үлэни ыытан кэллэ. Ааспыт 2022 сыл түмүгүнэн саха сүөһүтүн бүттүүн ахсаана 1440-тан 2529-ка, ол иһигэр ынаҕа Ыйаахха ыйыллыбыт болдьох иннинэ тыһыынчалаах кирбиини аһара түһэн, 1040 төбөҕө тиийдэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ сылгыны үөрдээн иитиигэ дойду үрдүнэн бастакы сылдьар. Кэлиҥҥи биэс сылга сылгы бүттүүн ахсаана 178,2 тыһыынчаттан 182,2 тыһ. төбөҕө тиийэн, 2,2 %-нан эбиллии бэлиэтэннэ. Ити кэм устатыгар 178 саҥа база тутулунна. Ааспыт сыл бу салааҕа модун Сэбиэскэй Сойуус үрэллиэҕиттэн көрсүллэ илик бэлиэ түгэни тосхойдо: Амма улууһун И.Я. Строд аатынан ТХПК-гэр саха сылгытын иитиигэ“сылгы собуота” буоларын мэктиэлиир федеральнай статус иҥэрилиннэ. Сылгыны үөрдээн иитэр племенной хаһаайыстыба ахсаана 24-тэн 26-ҕа диэри эбилиннэ, племенной сылгы төбөтө 10 тыһыынчаҕа чугаһаата.
Дьиэ табатын иитиигэ Саха сирэ Арассыыйа субъектарын ортотугар үс бастыҥ иһигэр киирэр. Ыйыллар кэмҥэ салаа үлэһиттэрэ табаларын ахсаанын 146,6 тыһыынчаттан 168,7 тыһ. диэри, ол эбэтэр 14,8 %-нан элбэтэри ситистилэр. Эбээн боруодатыгар племенной репродуктор тэриллибитин итиэннэ 3 племенной хаһаайыстыба хаачыстыбаннай көрдөрүүлэрин тупсарбыттарын суоттарыгар племенной таба ахсаана 20% элбээн, 16,8 тыһыынчаҕа тиийдэ. Биэс сыл устатыгар 25 хараал саҥалыы тутулунна итиэннэ 87 көс дьиэ тутулунна уонна атыылаһылынна. Усуйаана, Булуҥ, Томпо улуустарыгар симиэнэҕэ 25 табаны өлөрөн эттиир-астыыр буойуналары тутан-таҥан киллэрдилэр.
Көтөрү иитии салаата эмиэ сэргэхсийдэ. Көтөр ахсаана 852 596-тан 977 216-ҕа таҕыста. Сымыыты ылыы 120,6 мөлүйүөнтэн 154,9 мөл. устуукаҕа тиийдэ. Куурусса сымыытын оҥорон таһаарыы көрдөрүүтэ, сүрүннээн, Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатын сыахтарын аныгылыы уларытан оҥорууга кэлиҥҥи сылларга былааннаах үлэ ыытылларын түмүгэр үрдээн иһэр. Холобур, 2021 с. 80 тыһ. солбук көтөр төлөһүтүллэр сыаҕа саҥардыллыбыта, ааспыт сылга сымыыттыыр куурусса сыаҕа өрөмүөннэнэн, көтөр турар миэстэтэ 12 тыһыынчаттан 55 тыһ. төбөҕө диэри элбэтилиннэ.
Үөһэ ыйыллар кэм устатыгар тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһин кээмэйэ 10,5 млрд солкуобайтан 13,7 млрд солкуобайга диэри улаатта. Ону тэҥэ 2023 сыллааҕы үбүлээһиҥҥэ 14,2 млрд солкуобай көрүллүбүтүн санатабыт. Бу үптэн аҥаарын кэриҥэ (холобур, быйыл 52 бырыһыана) судаарыстыба тыа хаһаайыстыбатынүлэтин өйүүр боломуочуйатын ылбыт улуустарга быһаччы тиийэр. Ол үптэн кэлиҥҥи икки сылга кэтэх хаһаайыстыбаларыгар сүөһүлээх 9 700 ыалга сыл аайы 1,3 млрд солкуобайдаах “төбө харчыта” тиксэрилиннэ. Быйылгыттан ынах төбөтүгэр көрүллэр көмө үп 2 тыһ. солкуобайынан улаатыннарыллан, 37 тыһ. солкуобай буолла.
Сылгы үөрдээх тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга биэ төбөтүгэр көрүллэр өйөбүл 1,5 тыһ. (былырыын саҥа мэхэньииһим олохтоммут иккис сылыгар 3 тыһ. этэ) солкуобайтан 5 тыһыынчаҕа диэри үрдэтилиннэ. Табалаах хаһаайыстыбаларга биир табаҕа субсидия ыстаапката 4 122,6 солкуобайтан 5 335,4 солкуобайга өрө таһаарылынна. Ыаммытынан үүтү туттарар тэриллиилээх хаһаайыстыбалар, эмиэ быйылгыттан көмө үп үрдэтиллэн, 1 лиитирэ үүт иһин 60 солкуобайы (бу харчыга соҕотуопкалыыр тэрилтэ 10 уонна онтон элбэх солкуобайы эбэн тутар) ылар буоллулар. Саҥа мэхэньииһим киллэриллиэн иннинэ тэрээһиннээхтэн уонна кэтэхтэн 35-тии солкуобайга туталлара.
Тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуларга өйөбүл көрүҥэ элбэх. Биэс сыллаах болдьох иһигэр үүтү уонна эти оҥоруу хайысхаларыгар үлэлиир хаһаайыстыбаларга 2 310 сүөһү турар 17 хотон-комплексын, 24 сайылыгы тутууга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үп көрүллэн, ороскуоттара толуйулунна. “Агростартап” гранын 2019 – 2022 сс. 131 саҕалааччы эдэр пиэримэр ылла. Тыа сиригэр ыаллар сүөһүлэрин ылан көрөр-харайар потребкэпэрэтииптэр үлэлэрин өйүүргэ, хотон тутталларыгар 64 грант туттарылынна. Ити сылларга барыта 1 400 төбө сүөһү турар 14 хотоно аныгы технологиянан тутулунна. Быйыл 4 хотон тутулла турар.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ улуустары кытта бииргэ үлэлэһэр бырайыактарыттан биир табыллыбыттара уонна көдьүүстээхтэрэ – “Сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарыыны сайыннарыы” бырагыраамата. Өрөспүүбүлүкэ уонна олохтоох салайыныы бүддьүөттэриттэн кыттыгас үбүлээһин суотугар 2018 – 2022 сс. 15 тыһ. туонна сиилэс угуллар истээх 36 умуһах, 17 от уурар-харайар кыбыы, 2,4 тыһ. км уһуннаах күрүө тутулуннулар, 10,4 тыһ. гектар иэннээх быраҕыллыбыт бааһына сөргүтүлүннэ, сир үлэтигэр туттуллар 621 тиэхиньикэ уонна тэрил атыылаһылынна. Ити олоххо киллэриллибит дьаһаллар түмүктэригэр сүөһү аһылыгар аналлаах култуура ыһыллар иэнэ 3,1 тыһ. гектарга тэҥнэстэ, сиилэһи уонна сенаһы бэлэмнээһин кээмэйэ 28 тыһ. туоннаттан 50,9 тыһыынчаҕа диэри улаатта.
Амма, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар, Маҥан бөһүөлэгэр, Дьокуускай куоракка “Туймаада-Агроснаб” АУо (билигин “Якутопторг” АУо) базатыгар хортуоппуйу уурар-харайар 5 эбийиэк тутулунна. Киин куоракка 5 тыһ. туонна оҕуруот аһа уонна хортуоппуй угуллар тутуута хапытаалынайдык өрөмүөннэннэ. Амма улууһугар 1 тыһ. туонна бурдук киирэр истээх эбийиэги туһаҕа киллэрдилэр. Дьокуускай Тулагытын Сыырдааҕар сылы эргиччи үлэлиир “Саюри” тэпилииссэ комплексын тутуу түмүктэнэн, сылга 2 тыһ. туонна оҕуруот аһа, күөх үүнээйи хомуйуллан, атыыга күннэтэ тахсар буолан, уһук хотугу сир олохтоохторо кыһыннары чэбдик аһылыгынан үссэнэр кыахтаннылар.
Ааспыт 2018 – 2022 сс. астыыр-үөллүүр салааҕа улахан болҕомто ууруллан, тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэрэ матырыйаалынай-тэхиньиичэскэй базаларын аныгы ирдэбилгэ сөп түбэһэрдии оҥостоллоругар 53 бырайыакка гранынан өйөбүл ыллылар. Астыыр-үөллүүр 6 кэмбинээт саҥалыы уларытан тутулунна, сэбилэннэ. Ол түмүгэр үүттэн уонна эттэн оҥоһуллан тахсар ас-үөл эгэлгэтэ элбээтэ. Саха сиригэр урут суох хайысха – мүөттээх ыҥырыаны иитии тэнийэн, мүөтү оҥорон таһаарыы 1 туоннаттан 15 туоннаҕа тиийэ улаатта. Астыыр-үөллүүр технология киинэ тэриллэн үлэлиир. Ааспыт сылга “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ас-үөл хаачыстыбалаах уонна куттала суох буолуутун хааччыйар дьаһаллар тустарынан” СӨ сокуона ылыллыбыта. Онон, түмүктээн эттэххэ, тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ бүүс-бүтүннүү Саха сирин олохтоохторун ханнык баҕарар түгэҥҥэ бэйэ чэгиэн-чэбдик аһынан-үөлүнэн быспакка хааччыйыыга туһуланар сүрүн соруга олоххо кимиилээхтик киллэриллэр.
Василий Никифоров
Өссө ааҕыҥ:
Саха сирин өрүстэригэр, күөллэригэр балык баайбытын чөлүгэр түһэриигэ бигэ олук охсулунна
Читайте нас в: