«Саха омук бу күннэргэ улахан сүтүктэннэ. Саха омук дьылҕата тупсарын, өйө-санаата, олоҕо-дьаһаҕа уларыйарын ситиспит биир сүдү киһибит Михаил Ефимович Николаев күн сириттэн бараахтаата! Кини саха омук олоҕор элбэх саҥа сүүрэннэр олоххо киирэллэрин өйөөбүтэ, ситиспитэ. Холобур, култуура хайысхатыгар циркэ, музыка үрдүкү оскуолата, хореографическай училище, эстрада театра уонна, биллэн турар, Государственнай национальнай «Сахафильм» киинэ компания тэриллэригэр улахан өҥөлөөх.
Ол курдук 1990 сыллаахха кулун тутар ыйыгар кини Верховнай Совет бэрэссэдээтэлэ буолан олорон миигин приемнаабыта. Ол саҕана мин «Северфильм» диэн айар холбоһук тэрийтэрбит кэмим этэ. Михаил Ефимович миигин сытыы харахтарынан үөрэтэрдии көрөн-истэн, туох боппуруоска кэлбиппин болҕомтолоохтук истибитэ.Ол көрсүһүүгэ мин киниэхэ Саха сиригэр киностудия тэрийэр баҕалаахпын уонна бастакы «Орто дойду» диэн саха омук төрүт культуратыгар, итэҕэлигэр анаммыт киинэбин устаары сылдьарбын уонна аппаратура ыларбытыгар үп-харчы наадатын кэпсээбитим.
Онуоха кини бу хайысха инникилээҕин, суолталааҕын тута өйдөөн көмөлөһөргө быһаарыммыта. Ол саҕана «Таба» диэн омук сиригэр пантаны атыылыр тэрилтэ баара. Михаил Ефимович тута ол тэрилтэ салайаччытыгар эрийэн немецкай сьемочнай кинокамера, звуковой аппаратура уонна Кодак диэн кинопленка ыларбытыгар валюта биэрэллэригэр кэпсэппитэ. Ол онно сөхпүтүм салайааччы боппуруоһу түргэнник быһаарарын. Ол иннинэ элбэх чиновнигы кэрийбит, кэпсэппит уонна олортон көмө-харда ылбатах буоламмын маннык тургэн өйөбүлү күүппэтэҕим.
Ити кэмнэргэ СССР диэн дойдубут ыһылыбыт кэмэ буолан дойду үрдүнэн ыарахан кэмнэр тураллара, элбэх тэрилтэ, производство сабыллан, ол иһигэр дойдуга баар киностудиялар суох буолар туруктара үөскээбитэ. Ас-үөл талонынан кэлэрэ, онон култуура сайдарыгар ыарахан кэмнэр этилэр. Онтон биһиги «Северфильм» үлэһиттэрэ хамнаһа суох улэлии сылдьар этибит. Ити суолталаах көрсүһүү кэнниттэн, Михаил Ефимович өҥөтүнэн сотору кэминэн сахалар бэйэбит профессиональнай киинэ устарбытыгар кыах үөскээбитэ. Онтон 1992 сыл саҕаланыытыгар иккис көрсүүбүт кэнниттэн кини «Северфильм» айар холбуһукпут оннугар «Сахафильм» киинэ компания буоларыгар мин этиибин өйөөн Указ таһаарбыта.
Ол кэннэ киинэҕэ кадрдары бэлэмнииргэ, техническай база тэриллэригэр Правительстоваҕа сорудахтары биэртэлээбитэ. Итинтэн ылата саха сиригэр киинэ сайдарыгар улахан хамнааһын үөскээбитэ. Кэлин да кэмнэргэ хас көрсүүбүт аайы кини киинэ сайдар хайысхаларын, проблемаларын ыйыталаһан, туох көмө наадатын билэн наар өйүүр-сүбэлиир этэ. Онтон бүгүн саха киинэтин улахан ситиһиитэ ол кэмнэргэ «үүннэриллибит» силис төрүтэ буолар. Михаил Ефимович быдан дьылларга быраһаай, эн ааккын, норуокка онорбут өнөҕүн Саха омук хаһан да умнуо суоҕа».
«Сахафильм» уус-уран салайааччыта Алексей Романов
Читайте нас в: