Саха сирэ өрүһүн, күөлүн ахсаанынан тэҥнээҕэ суох. Ол эрээри, “уолан баранар уулаах, охтон баранар мастаах” диэн олоҥхобутугар кытта ойууланар. Өбүгэбит туох барыта бүтэр уһуктааҕын билэр буолан, кэнчээри ыччатын сэрэттэҕэ. Айылҕаттан аҥаардастыы ылар аньыынан-харанан эргийиэҕэ чахчы. Бу күөх далай баайыгар – балыкка эмиэ сыһыаннаах. Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин балыктааһыны тэрийиигэ уонна сүрүннээһиҥҥэ салаатын салайааччытын солбуйааччы Гаврил Иванов балык көрүҥүн уонна ахсаанын хаҥатыыга, байытыыга үлэ хайдах ыытылларын маннык билиһиннэрдэ:
– Саха сирин сир аннынааҕы баайын туһаҕа таһаарыы сайда уонна бырамыысыланнайдык баһылааһын кэҥии турар кэмигэр уу экологическай систиэмэтин чөлүгэр түһэриини тэрийии, өрүстэргэ, үрэхтэргэ, күөллэргэ үөскүүр балык ахсаанын ситэрэн-толорон биэрии сүрүн соругунан буолар, – диир Гаврил Юрьевич. – Өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбата нэһилиэнньэҕэ отчуотугар бэлиэтээбитин курдук, ааспыт 2022 сылга балык майаҕастыҥы көрүҥүн, атыннык эттэххэ, үрүҥ балык 25 мөлүйүөн ыамата ыытыллыбытыттан 15 мөлүйүөнэ сир баайын хостуур хампаанньалар уу харамайыгар оҥорбут хоромньуларын оһорор суоттарыгар үөскэтилиннэ.
Быйыл өрөспүүбүлүкэ ууларыгар, бэлиэр, 32 мөл. тахса ахсааннаах үрүҥ балык ыытыллыбытыттан 21,5 мөлүйүөнэ – сир баайын туһаҕа таһаарар хампаанньалар киэнэ.
Уопсайынан, маннык сыаллаах үлэ 2017 сылтан саҕаламмыт буоллаҕына, быйылгыны аахпакка туран, кэлиҥҥи 5 сылга 140-ча мөлүйүөн ахсааннаах ыама Саха сирин балык баайын хаҥатыыга эбиллибитэ – өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут хамсыыр харамай эгэлгэтин харыстыыр дьаһаллары ыытар үлэлэригэр сөҕүмэр түмүк.
Маны тэҥэ АЛРОСА хампаанньа үбүлээһининэн 2019 сылтан өрүстэргэ 130 тыһ. кэриҥэ хатыыс төрүөҕэ ыытылынна. Хампаанньа быйыл 15 тыһ. төрүөҕү былаанныыр. Былааннаах үлэ түмүгэр Бүлүү өрүскэ быраҥааттаны бултуурга бэриллэр квота 2019 сылтан үс төгүл элбээтэ. Манна таарыйа эттэххэ, эһиилгиттэн Саха сирин күөллэригэр быраҥааттаны собо балык курдук квотата суох бултааһын көҥүллэниэҕэ. Өлүөнэ өрүс тардыытыгар күндүөбэйи бултааһын бигэтийдэ. Бу барыта Саха сирин арҕаа эҥээригэр Чернышевскайдааҕы балыгы үөскэтэр собуот утумнаахтык үлэлиирин түмүгэр ситиһилиннэ диэн сыаналыыбыт.
Бүтүн Арассыыйатааҕы балык хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун Саха сиринээҕи салаатын дааннайдарынан, өрөспүүбүлүкэбит сиригэр-уотугар үөскүүр уу баайыгар ааспыт XX үйэҕэ оҥоһуллубут хоромньуну ситэрэр, оһорор инниттэн балыктанар сүрүн өрүстэргэ – Өлүөнэҕэ, Халымаҕа, Индигиркаҕа, Дьааҥыга, Анаабырга балыгы үөскэтэр собуоттар тутуллан үлэлииллэрэ эрэйиллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата Балыгы бултааһын федеральнай агентствотын кытта балыктааһыны тэрийии уонна уу баайын харыстааһын эйгэтигэр бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэһии түһэрсибитэ. Ол сүнньүнэн өрөспүүбүлүкэ балыгы үөскэтэр кыамтатын улаатыннарыыга сыаллаах үлэ ыытыллар: Дьокуускайдааҕы хатыыһы үөскэтэр собуот бырайыагын-симиэтэтин докумуона бэлэм буолла, Томмоттооҕу балык үөскэтэр собуот бырайыага оҥоһулла сылдьар.
Түмүктээн эттэххэ, Саха сирин өрүстэригэр уонна күөллэригэр балык бултаныллар кээмэйин чөлүгэр түһэрии соруга өрөспүүбүлүкэбит инники сайдыытыгар олук охсуон сөп. Сорук туоллаҕына, өбүгэ саҕаттан кэлбит төрүт дьарык уонна олох сиэрэ салҕанарыгар, балык бырамыысыланнаһыгар олоҕуран эрэгийиэн экэниэмикэтэ бөҕөргүүрүгэр, ону тэҥэ туризмы, сынньалаҥы сайыннарарга төрүт буолуоҕа саарбаҕа суох.
Василий Никифоров
Также читайте:
АЛРОСА для будущего рыболовного промысла: системная работа и многолетний вклад
Читайте нас в: