Сахабыт сирин отторо эмтээхтэрин, ол туһатын туһунан биһиги оҕо саастан истэбит, билэбит. Биһиги дойдубутугар араас эмтээх от үүнэр. От-мас сүмэһининэн, сибэккитинэн, сэбирдэҕинэн сыаналаах эмп-томп оннугар доруобуйаны чөлгө түһэрэргэ, эти-сиини чэбдигирдэргэ, ыарыыттан харыстанарга эмтээх оту өбүгэлэрбит баччаҕа диэри туһанан кэллилэр. Ол эрээри ыллыҥ да туһанан барар сэрэхтээх. Ханнык үүнээйи туохха туһалыырын, ханнык кэмҥэ хомулларын билиэххэ наада, диэн «Амма олоҕо» хаһыат суруйар.
Оҕо сылдьан төрөппүттэрим эмтээх оттору хатара ууралларын дьиктиргии көрөр буоларым. Дьоммут оттору хатаран, тус-туспа кумааҕыга суулаан, чаампыга урукку уустар оҥорбут мас ыскааптарыгар сааһылыы уурааччылар. Кыһын чэй оргутан иһэрдэн, сороҕор айах сайҕанар ностуойка оҥорон, арыт арыыга буккуйан мэниктии сылдьан хайа түспүт баастарбытын сотоллоро. Ол элбэх оттортон тимэххэ майгынныыр тимэх от туһунан элбэҕи билбитим. Тимэх от (пижма) ходуһаҕа, тыа, суол кытыытыгар, өтөххө сөбүлээн үүнэр. Тимэх курдук араҥас сибэккилэрдээх үүнээйибит үрдүк умнастаах, тырыттаҕас сэбирдэхтээх. Күһүҥҥээҥҥэ диэри сибэккилэнэр.
Тимэх от көөнньөһүгүн быар, оһоҕос араас ыарыытыгар, лиистигинэн сутуллууга, үөһүрүүгэ тутуннахха, үчүгэйдик көмөлөһөр. Бу от сибэккилэринэн оҥоһуллубут эмп сүрэх үлэтин тупсарар, хаан баттааһынын үрдэтэр, үөс тахсыытын күүһүрдэр дьайыылаах, ас буһарар уорган үлэтигэр олус туһалаах. Бу үүнээйини кыра саастаах оҕоҕо, ыарахан дьахтарга туттар көҥүллэммэт. Өр кэмҥэ эмтэннэххэ, тимэх оттон сүһүрүөххүн сөп. Онон быраас сүбэтэ хайаан да наада.
Норуот эмчитэ, эмтээх отунан дьарыктанар Лариса Неустроева — Сарыада ситим нөҥүө бэртээхэй сүбэлэри ыыппытын хайҕаатым.
«Тимэх от атыыр уонна тыһы диэн арахсар. Убаҕас гына оҥорон иһэн, төрүүр-ууһуур уорганнар ыарыыларын эмтэниэххэ сөп. Эр дьон – тыһытын, атыырын дьахталлар туһаныахтаахтар. Атыыра тимэх курдук бөлтөркөйдөөх сибэккилээх, тыһыта сибэккитин ортото дьөлөҕөстөөх буолар.
Ууга суурайдахха, фурацилин курдук араҕас өҥнөнөр – манан күөмэйбитин сайҕанабыт. Тимэх оту дьиэҕэ уурдахха, куһаҕан тыыны кыйдыыр, дьиэлээхтэри харыстыыр. Маны тэҥэ бу от сытын таракааннар, араас үөн-көйүүр сөбүлээбэт, тэскилээн биэрэр. Арыгыһыттар ууга суурайан истэхтэринэ, куһаҕан дьаллыктан тэйэллэригэр көмөлөһөр кыахтаах«, — диэн суруйар.
Сылаас иэйиилээх, үгүс үлэлээх сайыммытын хас биирдии күнүн туһалаахтык атаарыаҕын, бэйэбит айылҕабытыгар баар үүнээйилэрбитинэн эмтэнэн доруобай буолуоҕун!
Ирина Корякина-Олесова
Хаартыска: mykaleidoscope.ru
Өссө сэргээн ааҕыҥ:
«Народная медицина якутов Вилюйского округа» диэн саҥа кинигэ таҕыста
Читайте нас в:
