Былырыын сайын-күһүн уһуннук түспүт ардах содулугар Бүлүү сүнньүгэр сытар улуустар, чуолаан, Бүлүү уонна Кэбээйи ходуһалара ууга баран, хаһаайыстыбалар уонна ыаллар кыстыкка кырыымчык аһылыктаах киирэллэрэ биллээтин кытта өрөспүүбүлүкэ салалтата тута суһал дьаһаллары ылан, сөптөөх көмө-өйөбүл оҥоһуллубута. Ол эрээри, уу-угут кыһалҕата быйыл даҕаны баар. Сири-уоту ууттан босхолооһуҥҥа быйыл төһө кээмэйдээх үлэ ханна хайдах ыытылларын Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин мэлирээссийэҕэ уонна тыа хаһаайыстыбатын уунан хааччыйыыга салалтатын салайааччыта Дмитрий Махаровтан чуолкайдастым.
– Биһиги тэрилтэбит судаарыстыба сорудаҕын толорууга 3 хайысханан үлэлиир: өрөспүүбүлүкэҕэ баар ууну хаайар-аһарар тутуулары көрүү-истии, Өлүөнэттэн бырахтарыллар илин эҥээрдээҕи уу ситимнэрин үлэлэтии итиэннэ, үсүһүнэн, тыа хаһаайыстыбатын сирин тупсарыы, ол эбэтэр сааскы халаан уутун халытан нүөлсүтүү уонна ууну түһэрэн, ходуһа-мэччирэҥ сирдэрин таһаарыы. Балартан бүгүн чопчу үһүс хайысха туһунан кэпсэтэрбит быһыытынан эттэхпинэ, дьыл кэмиттэн тутулуктанан, сыл аайы былааннаан оҥорор үлэлэрбит. Былааны бэйэбит кыамтабытыттан (үлэһит, тиэхиньикэ ахсааныттан) таһааран, ылынабыт.
–Дмитрий Дмитриевич, быйыл сааһыары кыһын кэпсэтэрбитигэр собуоттан саҥа тиэхиньикэ кэлиэхтээҕин туһунан иһитиннэрбитиҥ. Экскаватордартан бу күҥҥэ хастара кэллэ? Ханна кимиэхэ биэрдигит?
– ЭО-3223 мааркалаах тоҕус экскаваторы сакаастаабыппытыттан биир тиэллэн иһэриттэн ураты барыта кэллэ. Сорохторо, бэлиэр, аналлаах сирдэригэр тиийэн үлэлии сылдьаллар. Экскаватордары филиалларбытынан маннык үллэрдибит: Чурапчыга уонна Уус Алдаҥҥа 1-дии, Үөһээ Бүлүүгэ уонна Ньурбаҕа 2-лии, Бүлүүгэ – 3. Ити эрээри, ааҕааччылар тиэхиньикэ тиийбит эрэ сиригэр туһанылларын курдук дубук өйдөөбөттөрүгэр баҕарабын. Хас биирдии тиэхиньикэ управление балаансатыгар турар уонна кыһалҕалаах улуустарга, нэһилиэктэргэ сиртэн сиргэ көһөрүллэ сылдьан, былааҥҥа киирбит сайаапканан үлэлиэхтээх.
–Хантан туох ньыманан атыыластыгыт?
– Былырыын ахсынньыга Ил Дархаммыт дьаһалынан быһаарыы ылыллан, “РосАгроЛизинг” хампаанньа нөҥүө 5 сыллаах лизиҥҥэ мэлирээссийэ тиэхиньикэтин оҥорор урукку Сэбиэскэй Сойуустан ордубут соҕотох собуокка сайаапкалаан оҥортордубут. Бөлөрүүссүйэҕэ Минскэй анныгар баар Кохановскайдааҕы собуот билигин “Амкадор” холдинг иһинэн үлэлиир. Үбэ бүддьүөккэ көрүллэн,сылларынан төлөнүөхтээх. Олору таһынан быйыл Минскэйдээҕи собуоттан икки МАЗ самосвалы, биир тягаһы уонна Челябинскайдааҕы собуоттан бэйэтэ хаамар мульчеры ыллыбыт.
– Инникитин эбии тиэхиньикэ ыларга былаанныыгыт дуо?
– Билигин баар тиэхиньикэ эргэриитэ олус улахан буолан, саҥа кэлиинэн эргэ пааркабыт 20-чэ бырыһыана эрэ саҥардыллар. Онон салгыы хайаан даҕаны сөргүтүннэхпитинэ табыллар. Быйыл өссө 2 бульдозер ылаары былаанныыбыт. Былырыын сэттэ УАЗ массыына ылбыппыт филиалларбытыгар сүүрэ сылдьаллар.
– Дмитрий Дмитриевич, аны быйыл ханна төһө кээмэйдээх үлэ ыытыллыахтааҕар тохтуохха. Саамай кыһалҕалаах Бүлүү улууһуттан саҕалыырбыт ордуга дуу?
– Бүлүү улууһугар, сүрүннээн, сопхуостар баалларына оҥоһуллубут 632 км усталаах хоруулары ыраастаан-дириҥэтэн толору туһаннахха, 10 200 гектардаах сир тахсыан сөп. Быйыл сайын Бүлүүтээҕи филиалбыт 11 нэһилиэккэ үлэни ыытар соруктаах, 6 экскаватордаах, ол аата биир тиэхиньикэҕэ иккилии нэһилиэк тиксэр. Билиҥҥи туругунан, II Күүлэккэ, “Мастаах” куурдар систиэмэҕэ Кыргыдай уонна Балаҕаччы икки ардыгар, Бүлүү куорат чугаһынааҕы систиэмэҕэ киирэр Чинэкэҕэ, Халбаакыга, Сыдыбылга, Кыадаҥдаҕа уонна туспа Лөкөчөөҥҥө, Бөтүҥҥэ хоруулары хаһа-ыраастыы сылдьаллар. Тааһаҕарга уонна I Күүлэккэ эмиэ күүтэллэр эрээри, тиэхиньикэбит аҕыйаҕынан, эһиилгигэ былаанныыбыт. Чинэкэҕэ уонна Лөкөчөөҥҥө 2 саҥа экскаватор тиийэн үлэлии сылдьар. Үһүс саҥаны ыыттахпытына, Тыымпыга үлэлээн баран, Кэбээйи улууһугар Мукучуга тиийиэхтээх.
Кэбээйигэ икки сиринэн үлэлиибит. Эппитим курдук, экскаватор Тыымпыны бүтэрээтин Мукучуга илдьиэхтээхтэр. Кэбээйи нэһилиэгэр “Кыһыл Кэбээйигэ” Киин филиал экскаватора үлэлии сылдьар. Маны тэҥэ тыа хаһаайыстыбатын сирин тупсаран оҥорууга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 100 мөл. солкуобай кээмэйдээх субсидия көрүллүбүтүн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 35 хаһаайыстыбаҕа үллэрдэ. Холобур, кыайыылаахтар истэригэр Кэбээйиттэн “Лүүчүн” уонна “Сайылык-МТС” потребительскай кэпэрэтииптэр баалларыттан “Сайылык-МТС” оттонор ходуһатыттан ууну түһэриигэ Бүлүүтээҕи филиал экскаватора кэлэн үлэлиэҕэ.
– Турбаахы уутун ким түһэрэр?
– Турбаахы биһиэхэ киирбэт. От үрэх түһэр сирин буор, кумах, сылбах бүөлээн сытар буолан, кыайан сүүрдүбэт. Экология министиэристибэтин сүнньүнэн быһаарыллыахтаах боппуруос.
– Үөһээ Бүлүү өттүгэр хайдаҕый?
– Үөһээ Бүлүү өрүс уҥуордааҕы нэһилиэктэригэрхоруулаах систиэмэ элбэх. Былырыыҥҥы ардахтан угуттаан, ууну түһэриини туруорсаллар. Үөһээ Бүлүү эһиилги былааҥҥа турар. Быйыл сайын икки саҥа экскаватор тиийдэҕинэ “Нэгэдьээк” нүөлсүтэр систиэмэ ханаалын ыраастааһыҥҥа, быһытын бөҕөргөтүүгэ туһанан баран, аны саас уҥуоргу нэһилиэктэргэ үлэлэтэ ыытыахпыт. Үөһээ Бүлүү куурдуллар систиэмэлэригэр хоруулары ыраастаан, уутун түһэрдэххэ, 8 тыһ. гектар иэннээх ходуһа сирэ тахсар кыахтаах. Ону таһынан бу улууска сааскы халаан уутун халытан, 3 266 гектардаах сири нүөлсүтэбит.
– Бүлүү сүнньүн атын улуустарыгар ууну түһэрии кыһалҕата турбат дуо?
– Ньурбатааҕы филиалбытыгар быйыл икки саҥа экскаваторы биэрэн, сэбилэниитин күүһүртүбүт. Бу улууска, сүрүннээн, халытан нүөлсүтэр систиэмэлэр үлэлииллэр. Филиал ыаллыы Сунтаары эмиэ көрөр-истэр, Туойдаахха экскаватор ыытан үлэлэтэ сылдьар.Икки саҥа экскаватортан бастакы тиийбитин Аканаҕа быһыт өрөмүөнүгэр туһанан баран, салгыы Сунтаарга Аллаҥаҕа үлэлэтиэхтээх.
– Куорунайга эбийиэктээххит дуо?
– Эбэ Солоҕоҥҥо ууну хаайан-аһаран, 140 гектар иэннээх сири халытан угуттуур тутуулаахпыт. Онтубут 2018 сыллааҕы халааҥҥа аһара элбэх ууну туппуттарын уйбакка, алдьаммыта. Халаан уута Хаар Балаҕан үрэҕинэн сүүрүгүрэр сүнньүн Экология министиэристибэтин хайысхатынан ыраастыы сылдьаллар. Харчыта көрүлүннэҕинэ, быһыты саҥалыы тутуохпут. Иккис эбийиэкпит Орто Сурт нэһилиэгэр баар, шлюзтаах быһыты 2008 сыллааҕы халаан уута алдьаппыта. Оҥоһулуннаҕына, 400 гектар иэннээх сири нүөлсүтэр кыамталаах. Куорунайдар Мытаахха үрэх сүнньүн ыраастыыры туруорсалларын Экология министиэристибэтэ эрэ быһаарыан сөп.
– Дмитрий Дмитриевич, саҥа тиэхиньикэлэринэн сэбилэнэн, эһиилгигэ быйылгытааҕар быдан элбэх кээмэйдээх үлэни былаанныыр буолуохтааххыт…
– Саҥа экскаватордар күүппүппүтүнээҕэр эрдэ кэлэннэр, күүс-көмө буолан эрэллэр. Ол гынан баран, 2023 сылга судаарыстыба сорудаҕын толоруохтаах үлэбитин былааннаабыппыт кэнниттэн сэлээркэ сыаната 10 бырыһыан үрдээбитэ, биллэн турар, оҥоһуллуохтаах үлэ кээмэйигэр охсор. Ааспыт нэдиэлэҕэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко Бүлүү умнаһынааҕы улуустарынан оробуочай сырыытыгар барсан кэллим. Андрей Владимирович көрсүбүт, мунньахтаабыт сирин ахсын ууну түһэриигэ сайаапкаларын атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри киллэрэллэригэр улуустар дьаһалталарын сорудахтаата. Кэлэр сыллааҕы үлэбит былаанын онно олоҕуран торумнуохпут.
Василий Никифоров
Салгыы ааҕыҥ:
Мелиорация: Үөһээ Бүлүүгэ сааскы халаан уутун этэҥҥэ аһарарга бэлэмнэнэллэр
Читайте нас в: