Нам улууһун Модутун олохтооҕо Спиридон Шамаев бэйэтэ арбуз олордон чугас дьонун күндүлүүр. Уонтан тахса сыл анараа өттүгэр 1 Хомустаахха кэлэ сылдьыбыт кэриэйдэртэн сиэмэ атыылаһан олордубут. Муус устар ый ортотуттан арассаадатын олордон саҕалыыр, диэн сырдатар «Эҥсиэли» хаһыат.
«Хортуоппуйум бааһынатыгар үүннэрэбин. Сүүсчэкэ, икки сүүсчэкэ арассааданы олордобун. Бастаан көрүүлээх-истиилээх, онтон буорга олордубут кэннэ бэйэтин дьаалытынан үүнэр. Соҕуруу дойду аһа буоларын быһыытынан итии буолуон наада. Биһиги дойдубут тымныы буолан, саас эрдэ олордор сирбин буора сылыйа турарын курдук гына салапаанынан бүрүйэн кэбиһэбин. Ол салапааммын ылбаппын, хайаҕастаан баран быыһынан олордобун. Быйыл «хайдах буолар эбитий» диэн боруобалаан сиртэн үрдэтэн хорууда оҥорон олордон көрдүм. Халлаан туругуттан эмиэ тутулуктаах. Ол да буоллар балаҕан ыйын саҕаланыыта ситэр. Ортотунан 8-9 киилэ буолар. Ситтэҕин аайы оҕолор утары сиэн иһэллэр.
Саха сиригэр син анаан дьарыктанан эрэллэр. Арбуз олордооччулар ватсап бөлөхтөрүгэр баарбын. Онно сүбэлэри-амалары ыыталлар, уопут атастаһабыт. Хоту улуустарга тэпилиисэҕэ үүннэрээччилэр кытары бааллар эбит», — диэн Спиридон Титович үүнээйитин туһунан кэпсиир.
Семен Аргунов
Читайте нас в:
