Ойуур уота: Халыма сүнньүгэр сөмөлүөт ардаҕы түһэрэн, быһыы-майгы намыраата

Саха сиригэр, от ыйын 24 күнүн сарсыардатынааҕы туругунан, 50 ойуур уота 606 838,1 гектар иэннээх сири хабан умайар. Мантан 22-тин бохсор иһин 650 киһи үлэлии сылдьар. Оттон 28 уоту умулларар үлэ, ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын быһаарыытынан, тохтотулунна.

Тэҥнэбилгэ суруйдахха, былырыын баччаҕа 57 ойуур уота (Кэбээйигэ, Тааттаҕа уонна Томпоҕо 1-дии, Өймөкөөҥҥө – 5, Нерюнгрига – 10, Уус Маайаҕа – 15, Алдаҥҥа – 24) 55 817,1 гектардаах сири хабан умайара. Иллэрээ сыл 1 628 795,1 гектардаах сиргэ 181 ойуур баһаара тэнийбитэ.

Билиҥҥитэ саамай элбэх уот (11) Үөһээ Халымаҕа баар. Арыылаахха бөһүөлэктэн 7 биэрэстэлээх сиргэ диэри суоһуу сырытта, дьон оттуур ходуһатын салаата. Нэһилиэк олохтоохторо оттуулларын быыһыгар уот көрдүгэнниирин маныыллар. Улуус үрдүнэн барыта 102 144 гектардаах сири сиэбит баһаары саба тутууга 201 киһи үлэлиир. Ардаҕы ыҥырар сөмөлүөт Орто Халыма куоракка базаланан үлэлээбитин түмүгэр бээтинсэттэн саҕалаан үс күн самыырдаан, уот уоҕун намыраппыт.

Ыаллыы Орто Халымаҕа соҕотох эрээри, саамай киэҥ иэннээх (161 234 гектар) уокка 97 баһаарынай сылдьар. Уус Маайаҕа 7 уоттан 544 гектарга тэнийбит 1 уоту эргийдилэр. Бу улуус сиригэр-уотугар саамай элбэх киһи (318) үлэлиир. Муомаҕа 2, Өймөкөөҥҥө 1 ойуур уоттаахтар.

Бүгүҥҥү туругунан III кылаастан үрдүгэ суох кылаастаах ойуур уота турар куттала Үөһээ Дьааҥы, Бүлүү, Мииринэй, Ньурба уонна Өймөкөөн улуустарыгар баар. Гидрометеорологтар билгэлииллэринэн, бүгүн соҕуруу улуустарга этиҥнээх дохсун ардахтар түһүөхтэрэ, хоту уонна хотулуу-арҕаа көтө сылдьан самыырдыаҕа, салгын 14-19 кыраадыска диэри сылыйыа. Илин 25-30 кыраадыс итийиэ.

Василий Никифоров

Также читайте:
В Якутии ликвидировали ландшафтный пожар в трех километрах от села Соболох

Читайте нас в:

Читайте дальше