Ирина Саввина: «Илиибит сылааһын – хас биирдии байыаска…»

От ыйын 17-18 күннэригэр Покровскайга «Саргы Түһүлгэтэ» Култуура киинигэр Дьокуускайтан «Илии сылааһа» өрөспүүбүлүкэтээҕи иис сыаҕын салайааччыта Ирина Саввина үлэһиттэрин кытта байыастарга аналлаах таҥас кэмпилиэгин тигиигэ маастар-кылаас ыыттылар. Бу туһунан «Хаҥалас» хаһыат сырдатар. 

Маастар-кылааска Покровскайтан, Өктөмтөн, Нөмүгүттэн ийэлэр, эбээлэр, үлэлэрин быыһыгар эдэр да кыргыттар кэлэн үөрэннилэр. Иистэнньэҥнэр бэйэлэрин иистэнэр массыыналарын, туттар тэриллэрин илдьэ кэлэн сыах тиксэрбит матырыйаалларынан ыстаан, куртка, тактическай ырбааҕы тиктилэр.

«Илии сылааһа» сыах хаһан тэриллибитэй, туох соруктааҕый диэн үгүспүт интэриэһиргиирэ буолуо. Бу сыаҕы ааспыт сылтан, байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан, Дьокуускай куорат ийэлэрэ, эбээлэрэ түмсэн үлэлэтэллэр. Кинилэр сулууспалыы барар уолаттарга таҥаһынан-сабынан, наадалаах малынан көмөлөһөллөр. Билигин анал бырайыак быһыытынан улуустарынан сылдьан, дьону көҕүлүүллэр. Көҕүлээччи уонна салайааччы – биллэр уопсастыбанньык Ирина Егоровна Саввина буолар. Кини биһиги хаһыаппыт ааҕаааччыларыгар анаан хайдах курдук бу үтүө дьыала үтүмэн дьону биир тыыҥҥа киллэрбитин сиһилии кэпсээтэ.

"Илии сылааһа" сыах иистэнньэҥнэрэ

«Илии сылааһа» сыах иистэнньэҥнэрэ

— Амарах санаалаахтары кытта үлэлэһэр сыахпыт былырыын байыаннай дьайыыга хомуур ыытыллаатын кытта, балаҕан ыйын бүтэһик күннэригэр үлэтин саҕалаабыта. Хомуурга ыҥырыллыбыт оҕолор чараас таҥаһынан баралларын илэ харахпынан көрбүт буоламмын, сонно, бу уолаттары сылаас таҥаһынан хааччыйыахха наада диэн санаа киирбитэ. Дьокуускайга тутатына Николай Бугаев, Мария Емельянова, Ольга Григорьева, мин уо.д.а. кыттыылаах «Якутия с тобой» пуун тэриллибитэ. Ол иннинээҕи сыл ойуур баһаардарыттан өрөспүүбүлүкэбит бүтүннүү аймаммыт кэмигэр гуманитарнай көмөнү тэрийиигэ тус бэйэм туора турбакка кыттыбытым. Куһаҕан үчүгэйдээх дииллэринии, ол көмөттөн ордубут утуйар мөһөөччүктэри, лежактары, плащтары, эми-тому бүтүннүүтүн хомуурга барбыт уолаттарбытын батыһыннара Хабаровскайга ыыппыппыт. Онтон саҕаламмыта бастакы көмөбүт. Салгыы алтынньы ыйга диэри күүстээх үлэ барбыта: дьон-сэргэ көмөлөһөн, Бырабыыталыстыба өйөөн үлэбит тэтимирбитэ. Кистэл суох, оччолорго соһуйуу, дьиксинии, ыксааһын да баар этэ. Тэриллибиппитин истэн оҕолорун атаарбыт ийэлэр, кэргэттэрин атаарбыт кыргыттар биһиэхэ кэлэллэрэ. Онтон сылтаан психологическай, юридическай көмө наада эбит диэн санааммыт СӨ Общественнай палататын иһинэн оннук көмөнү оҥоруу тэриллибитэ. Онуоха бэрэссэдээтэл Николай Бугаев өйөбүлэ улахан, быһаччы Бырабыыталыстыбаны кытта үлэлэһэн элбэҕи ситиспитэ.

— Иистэнэр көмөҕүт туохтан саҕаламмытай?

— Бастакы көмө эмпитин уган ыытарбытыгар аптечка наада эбит диэн санаа киирбитэ. Ол толкуйбун ыһыктыбакка Саха сирин дьахталларыгар этии киллэрбиппин бары бүттүүн өйөөн, хас бирдии улууска, кыра нэһилиэккэ аптечка тигиитэ саҕаламмыта. Биир нэдиэлэ иһинэн аптечка пууммутугар кэлбитинэн барбыта. Алтынньы ыйтан сыах аһар наада диэн, Александра Колесова салайар «Кэрэ» ательетыгар миэстэ биэрэн, сыаҕын аҥарын туран биэрэн ииспит саҕаламмыта. Онтон СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайловы көрсөн иискэ көмөлөһөр баҕалаах киһи ахсаана элбии турар, туспа сыахтанарга дьиэтэ-уотта биэриҥ диэн тыл көтөхпүтүм. Тутатына өйдөөн-өйөөн, биһиэхэ «Технопарк» дьиэтигэр сааланы анаабыттара. Инньэ гынан Дьокуускайга Дзержинскэй уулуссатын 76 №-дээх дьиэтин С блогугар үлэлии-хамныы олоробут. Кыһын устата 150 дьахтар үлэлээн ааста биһиги сыахпыт иһинэн. Үксүн тыаттан киирбит куорат олохтоохторо кэлэллэр, сэриигэ кытта сылдьар, кыттыбат да дьонноохтор бааллар, ким да туора турбат. Үлэбит буор босхо, ону биир дойдулаахтарбытыгар көмөлөһүөххэ наада диэн амарах санаалаахтар кэлэллэрэ үөрдэр. Уон ый устата 900-тэн тахса уолу таҥыннаран ыыттыбыт. Биһиги ыстаанынан, ырбаахынан муҥурдаммаппыт, бүтүн кэмпилиэгинэн тигэбит. Кыһын халыҥ таҥас тигэргэ уустуктар бааллара, ис-тас таҥаһы барытын бэлэмниирбит. Сайыҥҥы ыйдарга арыый үлэбит чэпчээтэ.

Билигин атырдьах ыйын 10 күнүттэн номнуо халыҥ таҥаһы тигэн саҕалыыбыт. Ити курдук сезон аайы уларыйа турар. Кыһын бастайааннай иистэнньэҥмит 20 эбит буоллаҕына, сайын эбээлэр сиэннэрин-оҕолорун туппутунан улуустарыгар сайылыы бардылар, сорохтор үлэҕэ киирэннэр иистэнньэҥмит ахсаана лаппа аҕыйаата. Оттон уоппускаҕа кэлэн барааччы байыастарбыт элбии тураллар. Холобура, ыам ыйыгар 165 уол биһигиттэн таҥнан барда, 125 уол — бэс ыйыгар, от ыйыгар 200-кэ тиийэллэрэ буолуо, номнуо 130 уолу таҥыннардыбыт. Уолаттарбыт биһиги тикпит таҥаспытын билэллэр, хаачыстыбата үчүгэйин сыаналыыллар. Онон ийэлэри, эбээлэри көҕүлүүр соруктаах бу улуустарынан сылдьан маастар-кылаас ыытарга быһаарынныбыт.

Сунтаарга, Ньурбаҕа сырыттыбыт, үөһээ бүлүүлэр, мэҥэ хаҥаластар, намнар, таатталар, ыкса үлэлэһэ олороллор. Тулагыга, Хатаска сырыттыбыт.

Ирина Саввина, "Илии сылааһа" сыах салайааччыта

Ирина Саввина, «Илии сылааһа» сыах салайааччыта

— Ирина Егоровна, бу үтүө дьыалаҕыт ороскуотун ким уйунарый? Хантан матырыйаал, иистэнэр тэрили ылаҕытый?

— Матырыйаалга анаан ыам ыйын бүтэһик күннэриттэн «Фонд помощи Донбасса» диэн пуондаттан көмө биэрэн эрэллэр. Ол иннинэ бэйэбит күүспүтүнэн, норуот көмөтүнэн барытын атыылаһан үлэлии олордубут. Тус бэйэм хаачыстыбалаах матырыйаалы, сабы, фурнитураны барытын Новосибирскай куораттан сакаастыыбын. Ый аайы 400-500 тыһ. солкуобай курдук суумалаах матырыйаал ылыллар. Онон ортотунан 150 киһиэхэ таҥас тигэбит. Хас биирдии таҥас хаачыстыбата, тигиитэ хонтуруолланар. Уопсайынан, бэлэми атыылаһардааҕар бэйэ тигии быдан барыстаах эбит. Билигин бэрт дьоҕус сүгэ сылдьар рюкзакка сииккэ-силбиккэ, тыалга-кууска, куйааска-тымныыга сылдьарга сөптөөх чараас да, халыҥ да кэмпилиэк таҥас — сылааһы тутар чараас-сылаас ыстаан, ырбаахы, футболка, плащевой уонна «хаки» таҥастарынан икки көстүүм, кээнчэ, куллуку тигэбит. Ол сыаната 4500-5000 солк. буолан тахсар. Иккистээн кэлэн барар уолаттар хайдах-туох таҥас наадатын этэллэр, тугу эбэрбитин, ханна сиэптэнэрин эбэри-көҕүрэтэри эмиэ ыйаллар. Тактическай ырбаахы баар дуо диэбитинэн кэлэллэр. Оннук ырбаахы тигиллиитэ уустук, бириэмэни ылар. Билигин кытайдар тигэ олороллор эрээри хаачыстыбатынан биһиэнигэр тиийбэт эбит. Онон өрөспүүбүлүкэбитигэр чэпчэки промышленноһы сайыннарыыга үлэ барара буоллар. Сахалар сүрдээх үчүгэйдик тигиэхпитин сөп эбит диэн көрөбүн. Маассабай тигээһини, сэбиэскэй кэмтэн тохтообут дьыаланы, сөргүтүөххэ наада эбит. Араас тэрээһиннэргэ формалары, үлэҕэ кэтиллэр спецтаҥаһы, булка-алка да кэтэргэ — сакааһынан тигэр бастайааннай 30-40 киһилээх сыахтанарбыт буоллар диэн баҕалаахпын.

Үлэлээбитим устата бүтэһик уон сыл тыйаатырга костюмердаабытым, онон бэйэм таҥаһы барытын быһабын, дизайнын толкуйдаан кырыйабын, тигэбин. Аны, киһи сөҕүөх, бэйэм иистэнньэҥ идэтэ суохпун. Түөрт оҕолоох буоламмын иискэ-ууска бэйэм көрөн үөрэммитим. Сааҕа чехол, «колпачок», илиигэ-атахха баанар таҥас – барыта биһиги көҕүлээһиммитинэн тигилиннэ. Илиим тиийбэт буолан ити маскировочнай сетканы эрэ оҥоро иликпит. Биллэн турар, маҥнай саҕалыырбытыгар билбэппит-көрбөппүт элбэҕэ. Ону бары ийэлэр буоларбыт быһыытынан, оҕолорбутун харыстаан, сүрэхпит-өйбүт тугу саныырынан, этэринэн, маннык гыннахха сылаас буолуо, бу матырыйаалтан тиктэххэ бөҕө буолуо диэн тигэн саҕалаабыппыт. Биһиги үтүө дьыалабытын өйөөччүлэр баалларыгар махталбыт муҥура суох. Билигин улуус-улуус аайы баһылыктары кытта кэпсэтэн дьоҕус филиал курдук арыйан үлэлэтэргэ кэпсэтии ыытабыт. Хаҥаласка да өйүөхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпин, — диэн Ирина Саввина түмүктээтэ. Бэлиэтээн эттэххэ, Ирина Егоровна бэйэтин уола эмиэ байыаннай дьайыыга кыттыбыт, бааһырыы ылан кэлбит эбит. Баҕар, ол да иһин буолуо, кини сүрэҕин уонна илиитин сылааһын хас биирдии байыаска тиэрдэр санаалаах дьаһанан айар-тутар.

Покровскайга бу маастар-кылаас тэриллэрин истээт да, биир бастакынан Нөмүгү нэһилиэгин общественниктара, араас түмсүүлэр кыттааччылара көхтөөхтүк кытыннылар. Олортон биирдэстэрэ, эмиэ төрөппүт оҕото сэрии толоонугар сылдьар ийэ, тарбаҕар талба талааннаах иистэнньэҥ Антонина Гермогенова буолар.

— Биллэриини тутаат даҕаны нөмүгүлэр уонтан тахса буоламмыт хомустан, иистэнэр тээбириммитин илдьэ кэлэн икки күн толору иистэннибит. Биһиги нэһилиэкпититтэн 30-н тахса уол байыаннай дьайыыга кытта сылдьар. Кинилэргэ туох эмэ кыра да көмөнү оҥорор баҕаттан бу үтүө дьыалаҕа кыттыстыбыт. Хас биирдиибит ийэ буоламмыт оҕолорбутугар долгуйабыт, кинилэр эрэ этэҥҥэ сырыттыннар диэн алҕаан, санаабытын ууран туран маннык көмөлөһөбүт. Тус бэйэм маннык иистэнэн аралдьыйабын, санаабын сааһылыыбын, долгуйуубун чэпчэтэбин. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар ыҥырыылартан туора турбаппыт. Бу куораттар барыта 12 араас ааттаах таҥаһы тигэллэр эбит. Икки күҥҥэ ырбааҕы, ыстаан тиктибит, олус практичнай таҥастар диэн бэлиэтээтим. Маастар-кылааска сатыыбын, сатаабаппын диэн аахсыбакка дьахталлар кэлбиттэрэ үөрдэр.

Бу курдук сүрэх баҕатынан, илии сылааһа иҥэриэн тигиллибит таҥас-сап уолаттарбытын харыстаатын, туһалаатын.

Ольга Гермогенова

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ