СӨ Бырабыыталыстыбатын иһинэн ГТАС Управлениетын Амма улууһунааҕы салаатыгар саахсаланыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Бу түгэн өссө биир умнуллубат бэлиэтинэн ыал буолуу туоһу докумуонун байыаннай дьайыы кыттыылааҕа туппута буолар, диэн сырдатар «Амма олоҕо» хаһыат.
СӨ Бырабыыталыстыбатын иһинэн ГТАС Управлениетын Амма улууһугар салаатын салайааччыта Екатерина Васильева бу күн үс бүк долгуйан туран, сабыс саҥа сүрэхтэммит беседкаҕа саҥа ыалы сүрэхтээтэ.
— Олус долгутуулаах буолла. Наһаа долгуйдум. Бар дьоммор бары үчүгэйи эрэ баҕарабын. Барыта этэҥҥэ буолуо диэн этэбин, — диэн балаҕан ыйыгар ыҥырыллан барбыт, дойдутун хорсуннук көмүскүү сылдьар К. этэр.
Бэлиэ түгэҥҥэ эдэр ыалы улуус баһылыга Степан Кузьмин эҕэрдэлээтэ уонна ыал аҕатыгар “Амма киэн туттуута” бэлиэни туттарда. Маны сэргэ эҕэрдэ тылларын СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистири бастакы солбуйааччы Надежда Мохначевская, Абаҕа нэһилиэгин баһылыгын э.т. Степанида Гоголева, Абаҕа оскуолатын дириэктэрэ, учууталлара Людмила Александрова тириэртилэр, истиҥ тылларын анаатылар. Биир дойдулаахтара бэлиэтээбиттэринэн эдэр ыал уопсастыбаннай олоххо куруутун көхтөөхтүк кыттар, нэһилиэк биир холобурга сылдьар үлэһит дьоно буолаллар.
Бүгүн саҥа ыал буолбут дьоҥҥо барыта бэлиэ буолла. Ол курдук саҥа беседкаҕа аан бастакынан саахсаланнылар, от ыйын 20 күнүгэр оруобуна 20 нүөмэрдээх ыал буолбуттарын туоһулуур докумуону туттулар. Онон эдэр дьон чахчы да долгуйуохтарын долгуйдулар. Биһиги кинилэргэ сир үрдүгэр дьолу, этэҥҥэ буолууну, бары өттүнэн баай буолууну баҕарабыт.
Өссө сэргээн ааҕыҥ:
Хаҥалас ийэлэрэ, эбээлэрэ байыастарга таҥас тиктилэр
Читайте нас в: