“Агростартап” 92 мөлүйүөннээх көмө үбүн 20 кыайыылаахха үллэрдилэр

“Агростартап” гранын ылар иһин киирсээччилэри сүүмэрдээһин түмүк боротокуола дьэ бигэргэнэн, кыайыылаахтар ааттара билиннэ. Быйылгы куонкуруска барыта 104 сайаапка хамыыһыйа дьүүлүгэр аһарыллыбытыттан бааһынай суолугар турунарга баҕалаах 20 киһиэхэ көмө үп бэриллэр буолла. Санатан эттэххэ, куонкурус “Дьоҕус уонна орто урбаан уонна биирдэм урбаан көҕүлээһинин өйөөһүн” национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар.

Сайаапка киллэрбиттэртэн 9 киһи докумуона ирдэбилгэ сөп түбэспэтинэн эрдэ туоратыллыбыт буоллаҕына, 84 киһи баала кыратынан сүүмэрдээһини кыайан ааспата. Кыайыылаахтар бааллара 98-тан 124-кэ диэри таһымныыр. Кинилэр ортолоругар Чурапчыттан 4, Амматтан уонна Намтан 3-түү, Хаҥалас, Өлүөхүмэ, Ленскэй, Ньурба, Сунтаар, Уус Алдан, Куорунай, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Сунтаар, Үөһээ Дьааҥы улуустарыттан 1-дии эдэр киһи бааллар.

Быйылгы грант бүттүүн суумата – 92,2 мөл. солкуобай. Бастыҥнар 7-8 мөлүйүөҥҥэ тигистилэр. Хаһаайыстыбаны хамнатарга 1,5-2 мөл. солкуобай даҕаны хаалыа суоҕа.

Василий Никифоров

Маны сэргэ: Саха сирин эдэр пиэримэрдэрэ бүгүн-сарсын “Агростартап” көмө үбүн ылар иһин киирсиэхтэрэ

Читайте нас в:

“Агростартап” 92 мөлүйүөннээх көмө үбүн 20 кыайыылаахха үллэрдилэр

no-img

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ