Горнайдар «Боевые шелкопряды России» акцияҕа тус бэйэ кылааттарын киллэрдилэр

Горнай улууһун дьоно бүтүн Арассыыйатааҕы «Боевые шелкопряды России» акция бойобуой дьайыыга сылдьар байыастарга тус бэйэ кылааттарын киллэрдилэр.

Саха сирин Бойобуой шелкопрядтара хамсааһыны улуустааҕы дьахтар Сэбиэтэ тэрийэн дьону түмтэ.

Ол курдук Горнай улууһун бары нэһилиэктэрэ 10х11 м иэннээх 6 маскировочнай сетка оҥордулар. Бэрдьигэстээххэ уопсайа ДИПИ, СРЦН тэрилтэлэрэ уонна улуус киинин  дьахталларын сүбэтэ холбоон 4 устуука 15х7 миэтэрэ иэннээх сетка өрдүлэр.

Бу оҥорүллубут маскировочнай сеткалар «Боевые шелкопряды Якутии» уонна «ЯкутияМыВместе!» өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаапка туттарылыннылар.

Горнай улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата


Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Отдых Обо всём Мир Культ