Үүт соҕотуопката: көмө улаатан уонна өҥ сайын сатыылаан, тэтим былырыыҥҥыттан ордук

Саха сирин сайылыктарыгар, пиэримэлэригэр үрүҥ илгэни сомсон хаалар хаарыан былдьаһыктаах күннэр үүннүлэр. Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 64 тыһ. туонна үүт тутуллуохтаах. Бу кээмэй ааспыт сылга соҕотуопкаламмыттан 2 тыһ. туоннанан элбэх. Үрдүк үүккэ, сүрүннээн, тэриллиилээх хаһаайыстыбалар эрэ үлэлииллэр.

Ол тоҕото биллэр: судаарыстыба өйөбүлэ кэтэхтэн ураты хаһаайыстыбаларга туһаайыллар. Ил Дархан тус дьаһалынан соҕотуопкаланар ыаммытынан үүт 1 киилэтигэр субсидия ыстаапката 2023 сылга 10 солкуобайынан үрдэтиллэн, 60 солкуобай буолла. Онно үүтү тутар тэрилтэ кырата 10 солкуобайы эбии уктаҕына, 70 солкуобайга тиийэр. Быйыл 20 улууска уонна Дьокуускай куоракка 40 соҕотуопкалыыр тэрилтэ үүт соҕотуопкатынан дьарыктанар быраабы ылбыта.

Үүтү тутуу былаанын толорууга Чурапчы, Кэбээйи, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Мииринэй, Ньурба, Куорунай улуустара ордук үчүгэй көрдөрүүлээхтэр. Ол курдук, ити улуустарга былырыын баччатааҕы тэтимнэрин куоһаран иһэллэр. Итиэннэ биирдиилээн соҕотуопсуктарынан ылан көрдөххө, сорохтор былааннарын улахан аҥаарын толордулар: “Новай” ХЭУо (Мииринэйгэ соҕотох) 61,84, “Ситим” ТХПК (Хаҥалас улууһугар 5 соҕотуопсуктан биирдэстэрэ) 55,90 бырыһыаннаахтар. “АЛ-СУ” уонна “Үрдэл” ТХПК-тэрэ (иккиэн Сунтаартан), “Туймаада” ПК ХЭУо (Дьокуускай) былааннарын аҥаардатан эрэллэр.

Отчуоттанар кэмҥэ 23 990,98 туонна үүт соҕотуопкаланан, сыллааҕы былаан 37,49 бырыһыана туолла. Оттон былырыыҥҥы туһааннаах кэми кытта тэҥнээтэххэ, үүтү тутуу хаамыыта 2,6 %-нан ордук. Ааспыт сайын баччаҕа 23 367 туонна үүт тутуллубута. Оттон ааспыт нэдиэлэтээҕиттэн (үүт субуокката нэдиэлэҕэ биирдэ хомуйуллар) өссө тэтимирдэ (1,7 %-нан урутаан испитэ). Онон үүт харчыта үрдэтиллибитэ хаһаайыстыбалары көҕүлээтэ диэн бигэтик этиэххэ сөп. Итиэннэ өҥ сайын өҥөтүн мэлдьэһэр сатаммат.

Василий Никифоров

  Хаартыска: Ulus.Media архыыбыттан    

Маны тэҥэ: Оттооһун хаамыыта: охсууга Чурапчы, кэбиһиигэ Нам отчуттара инники иһэллэр

Читайте нас в:

Үүт соҕотуопката: көмө улаатан уонна өҥ сайын сатыылаан, тэтим былырыыҥҥыттан ордук

no-img

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ