От ыйын 2 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыгар Чингиз Айтматов “Буурҕалаах тохтобул” (,,Буранный полустанок») романынан Василий Борисов туруоруутугар, СӨ үтүөлээх артыыската Софья Баранова толоруутугар ,,Моҥкуруут ийэтэ» моноспектакль премьерата буолан ааста. Чингиз Айтматов бу айымньытын Үлэ Албан Аата уордьан III истиэпэннээх кавалера,Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үтүөлээх учуутала, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна Трофим Кириллин тылбаастаабыта.
“Моҥкуруут ийэтэ” моноиспэктээкил Ньурба куоракка «САТА-2023» XII өрөспүүбүлүкэтээҕи театральнай фестивальга кыттан, дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээбит Россия биллиилээх театральнай диэйэтэллэр уонна кириитиктэр Жанна Зарецкая, Глеб Ситковскай уонна Оксана Кушляева биһирэбиллэрин ылбыта, итиэннэ фестиваль “Үһүйээн уонна дьиҥ олох алтыһыытын иһин” диэн анал бирииһинэн наҕараадаламмыта.
Театр дьылын түмүктэниитигэр моноиспэктээкил премьератын көрбүт дьон бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр.
Ирина Никифорова, СӨ үтүөлээх артыыската:
— Софья Иннокентьевнаны куруутун бииргэ алтыhабын, кини айымньыларын күүтэбин,сөбүлээн кэтээн көрөбүн. Кинини киhи симфоническай оркестры кытта тэҥниэн сөп. Хайдах курдук уйанын, эрчимнээҕин, дириҥ ис дууhалааҕын айымньылара көрөөччүгэ тиэрдэллэр. Кини бэйэтэ араас жанрдарга суруйбут уонна толорбут “Уол куолакал”, “Уhуктуу”, “Алгыстаах этинии”, “Биэс чаҕыл сулуспут” “Мария – Кыайыы саллаата” испэктээкиллэрэ, “Кыыс Ньургустай Куо” олоҥхоҕону испэктээкил оҥорон толоруута, Чингиз Айтматов ”Моҥкуруут ийэтэ” диэн үһүйээнэ тус-туһунан хатыламмат айымньылар буолан үөскээн тахсаннар көрөөччү сэргээн, бэйэтигэр ылынан, саҥа санааны арынан дууhатын таарыйтаран көрөр. Софья Иннокентьевна –театральнай эйгэлээх айар дьоҥҥо холобур буолар, Саха театрын бар дьоно киэн туттар ытык киhибит. Инникитин Софья Иннокентьевна Россия эрэ таһымыгар буолбакка, Аан дойду театральнай эйгэтигэр моноспектакль фестивалын иилээн-саҕалаан тэрийэн, түүр омук театрдарын түмэ тардыа диэн бигэ эрэллээхпин.
Любовь Попова, көрөөччү:
— Моноспектакль – театр жанрдарыттан саамай ыарахан көрүҥ: актер соҕотох тахсан бэйэтин оонньуутунан көрөөччү болҕомтотун тардар.
“Моҥкуруут ийэтэ” испэктээкил Софья Баранова толоруутугар олус тыҥааһыннаах, кутталлаах түгэннэринэн көрөөччүлэр дууһаларын долгутта. Артыыска араас ньымаларынан талаанын толору туһанан, көрөөччүнү кытта ыкса алтыһара, кэпсэтэ олорор курдук сэһэргиирэ, ис сүрэҕиттэн оонньообута итэҕэтиилээхтик көһүннэ.
Киргиз омук айымньытыгар сахалыы туойан ылара, ийэ сүрэҕэ кыланара, ытыыра-соҥуура омугуттан тутулуга суох, үйэлэри уҥуордаан, ийэ оҕотугар таптала тулхаһыйбатын көрдөрөр.
Онон билигин аймалҕаннаах кэмҥэ көрөөччү, уйадыйан туран, ийэ уонна кини уола эрэйдээх дьылҕаларын олус чугастык ылынна.
Софья Баранова – СӨ үтүөлээх артыыската олус итэҕэтиилээхтик оонньоон, көрөөччү биһирэбилин уонна махталын ылыан ылла.
Аида Еремеева, М.С. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище (институт) алтыс саха студиятын бүтэрбит эдэр артыыска:
— «Моҥкуруут ийэтэ» диэн моноиспэктээкилгэ сылдьан, олус сөбүлээтим. Бу моноиспэктээкилгэ диэннэригэр бастакыбын сырыттым, олус интэриэьинэй эбит. Софья Иннокентьевна оруолун олус үчүгэйдик биэрдэ, хараҕым уутун туттумматым. Соҕотох онньуур диэн ыарахан эбит, ол да буоллар айымньы ис хоһооно көрөөччүгэ тиийэр.
Читайте нас в: