Хаһаайыстыбалар сирдэрин тупсаран оҥостоллоругар анаммыт көмө үп быһаччы тиийиэҕэ

Эрдэ иһитиннэрбиппит курдук, тыа хаһаайыстыбатын сирин тупсаран оҥоруу (дулҕатын, талаҕын ыраастааһын) уонна ууттан босхолооһун, уунан хааччыныы дьаһалларыгар анаан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн быйыл аан маҥнай 100 мөл. солкуобай кээмэйдээх өйөбүл көрүллүбүтэ. Бу күннэргэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин анал хамыыһыйата куонкурус түмүгүнэн көрөн-дьүүллэһэн баран, ол үбү 35 хаһаайыстыбаҕа үллэрдэ.

Кыайыылаахтартан үгүстэрэ сирэй бас билиилэригэр сирдээх-уоттаах урбаанньыт-бааһынайдар. Олору тэҥэ “Кириэстээх”, “Ил Тосхол” (иккиэн Сунтаартан), “Уолба” (Таатта) производственнай кэпэрэтииптэр, “Лүүчүн”, “Сайылык-МТС” (иккиэн Кэбээйиттэн) уонна “Ээйик” (Өлөөн) потребительскай кэпэрэтииптэр бааллар. Тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччулартан барыта 66 сайаапка киирбит. Олортон 12 хаһаайыстыба нолуокка, хомуурга, усунуоска, ыстараапка, о.д.а. төлөбүрдэргэ иэстээх буоланнар, туоратыллыбыттар. Оттон сайаапкаларын кэнники киллэрбит 19 хаһаайыстыбаҕа, бүддьүөттэн көрүллүбүт үп лимиитэ бүтэн, аккаастаабыттар.

Көмө үпкэ кыайан тиксибэтэх хаһаайыстыбалар салгыы федеральнай куонкуруска кыттыахтарын сөп. Ол курдук, Арассыыйа Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ от ыйын 10 күнүттэн от ыйын 24 күнүгэр диэри 2024 сыллааҕы бүддьүөттэн мэлирээссийэ бырайыагар субсидия ылыан баҕалаахтары сүүмэрдээһини ыытар уонна куонкурус түмүгүн атырдьах ыйыгар таһаарар. Өйөбүл тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сири туһаҕа таһаарар уонна мэлирээссийэ тиһигин сайыннарар сыаллаах оҥоһуллар.

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов этэринэн, хаһаайыстыба олоххо киллэрэр бырайыагын ороскуотун 80 бырыһыанын толуйар кээмэйдээх субсидия бэриллэр. “Көмө ылбыт хаһаайыстыбалар сирдэрин-уоттарын сыл иһинэн тупсарыахтаахтар, ону тэҥэ 4 тыһ. гектартан тахса иэннээх бааһыналаахтар нүөлсүтэр-угуттатар тэриллэри атыылаһыахтара. Тыа хаһаайыстыбатын сирин туһаҕа таһаарыы, чөлүгэр түһэрии уонна нүөлсүтүү дьаһалларын түмүгэр от уонна тыа хаһаайыстыбатын култууратын үүнүүлэрэ үрдүүрүгэр бүк эрэнэбин”, – диир Александр Павлович.

Быйылгы өйөбүл туох уратылааҕый? Урукку сылларга маннык өйөбүл федеральнай дьаһаллар истэринэн эрэ көрүллэрэ итиэннэ таһаарыллыбыт ороскуот чахчытынан толуйууга бэриллэрэ. Быйылгыттан көмө үп оҥоһуллуохтаах үлэ иннигэр сылдьар тосхоло ылыллыбыта кэрэхсэбиллээх.  Этиллибитин курдук, мэлирээссийэ бырайыага олоххо киллэриллэр сиригэр бас билиилэригэр уонна туһаналларыгар сурукка бэлиэтэммит сирдээх хаһаайыстыбалар эрэ куонкуруска кыттар кыахтаахтар.

Кэбээйи Мукучутун оттуур сирин аҥаара ууга олорорун туһунан нэһилиэк баһылыга Николай Левинтэн иһиттим. Ити – ааспыт сайын-күһүн уһуннук ардаабытын уонна кыһынын халыҥнык хаардаабытын содулларын көстүүтэ. Мукучуга икки кэпэрэтииптээхтэр: сүөһү иитэр “Сайылык” производственнай уонна сүөһү аһылыгын бэлэмниир “Сайылык-МТС” потребительскай. “Сайылык-МТС” ТХПК куонкуруска кыайан, ходуһатын ууттан босхолуурга, чуолкайа, 10-ча килэмиэтир усталаах хорууну ыраастыырга 3 мөл. солкуобай кээмэйдээх көмөнөн туһаныа.

Кэпэрэтиип салайааччыта Петр Дьяконов этэринэн, сопхуос саҕанааҕы хоруулара бүөлэнэн, өҥ сайын 800-1000 туонна оту биэрэр Дьиикимдэ эбэлэрэ аанньа оттоппот буолбут. “Уулуун, мастыын ааҕан туран, 350-ча гектар иэннээх ходуһалаахпыт. Итинтэн дьиҥ оттоноро 200-чэ. Быйыл 600-700 туонна оту ыларга суоттанабыт. Ол сөбүлэһии түһэрсибиппит кэннэ үбэ киирэн, мэлирээссийэ салалтатын Бүлүүтээҕи филиалыттан саҥа экскаватордаах кэлэн, хорууну ыраастаан, ууну түһэрэр түбэлтэлэригэр эрэ туолар кыахтаах”, – диэн билиһиннэрдэ бэрэссэдээтэл.

Хаҥалас улууһугар Күөрдэмҥэ II Дьөппөн нэһилиэгин сир үлэтинэн таһаарыылаахтык дьарыктанан эрэр эдэр урбаанньыт-бааһынайа Сергей Латышев быйыл саас 17 гектарга хортуоппуй, 7 гектарга хаппыыста ыһыылаах. Кини аҕыйах хонуктааҕыта куонкуруска кыттан кыайбытын туһунан иһитиннэрии туппут уонна быйыл сайын хортуоппуйун бааһынатын өлгөмнүк нүөлсүтэн, үрдүк үүнүүнү хомуйар эрэлэ өссө күүһүрбүт. Күөлтэн ууну оборторон ыстарар, бэйэтэ хаамар, 500 миэтэрэ уһуннаах шлангалаах тэрил сыаната 3 мөл. солкуобайга хабааттар үһү. “Онтон төһөтүн толуйалларын бэйэм даҕаны билбэппин эрээри, атаҕар саҥа турар хаһаайыстыбаҕа ол улахан тирэх буолара биллэр. Өрөспүүбүлүкэм, министиэристибэм салайааччыларыгар өйөбүллэрин иһин ис сүрэхпиттэн махтанабын”, – диир эдэр пиэримэр.

Василий Никифоров   

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ