Ыһыах дьиҥ суолтатын уhугуннарар кэм кэллэ

Быраабылалары тутуhа сатаабыппыт да иннигэр Ыhыах суолтата, ис дьиҥэ билигин да ситэ өйдөнүллэ илик курдук.

Ыhыахха түhүлгэни ыраастааhын хас да күн инниттэн, сир-дойду иччилэриттэн көрдөhүү-ааттаhыы, көҥүл ылыы эрэ кэнниттэн ыытыллыахтаах. Билигин уопсай олохтоммут бырагыраама эрэ быhыытынан тэриллэрэ мэлдьэhиллибэт.

Аар Айылҕа, Аан Ийэ дойдубут, сирдиин-халлаанныын биир ситимҥэ тутуллан тураллар, онно дьон-киhи «Кинилэр» айбыт улуу Айымньылара буолан, биир ии иhигэр сылдьар икки атахтаах бороҥ Урааҥхай дэтэн кэллэҕэ.

Улахан итэҕэллээх, итэҕэйэр эрэ буоллахха, Ыhыахтан Алгысчыт нөҥүө күүскэр күүhү тилиннэриэххин, саппаҕырбыт санааҕыттан босхолонуоххун сөп.

Ыhыах алгыhын ылыыга бэлэмнээх эрэ киhи ылар, бырааhынньык (шоу) диэн өйдөбүлүнэн сылдьааччыларга алгыс тиийиэ дии санаабаппын.

Алгысчыт ананан төрүүр. Тыллаах, сатаан саҥарар барыта алгысчыт буолбат. Алгысчыт Айылҕа  курдук буолуохтаах.

Ыhыах ыытыллар кэмнэрэ эмиэ ураты, бэлиэ күн буолар. Сир, халлаан ситимнэhэр порталларын арыллыыта. Ол иhин тылы, санааны сэрэнэн туттуу, чуумпуруу, киhи ис таҥаратын тыллыыта буолуохтаах.

Бу барыта Киhи бэйэтэ Айылҕа сорҕото буоларын итэҕэйэ ылыннаҕына, ыhыахтаатым дэниэхтээх.

Ыhыах сиэрэ-туома уйгуну-быйаҥы элбэтиигэ, сиэрдээхтик олорууга, күрүөлэниигэ, сомоҕо буолууга сирдииллэр.

Дьөhөгөй оҕотугар аналлаах сиэр-туом саха киhитин кэскилэ, миинэр миҥэтэ, аhыыр аhа, байылыат олоҕо салалларын түстүүр. Онон ат сүүрдүүтүн Ыhыахтан уратытык оҥоруохха сөп. Холобур, ат сүүрдүүтугэр сылгылар хастыы эмэ үрүйэни, үрэхтэри туораан, бырдахха ибили сиэтэн, сылайан, эстэн кэлэллэр, ыраах 300 км тахса тэйиччи сирдэртэн тиийэ аҕалыллаллар.

Ыhыах ыал, эр-ойох буолууга дал аhар мааны түhүлгэ.

Ыhыах алгыhа туругу тупсарар, уйулҕаны сырдатар Айылҕа күүhэ.

Ыhыаҕы оонньууга-көргө кубулутуллуо суохтаах. Бырааhынньык диэн өйдөбүллээх тэрээһиннээх ыhыах түhүлгэлэриттэн ураты, атын күннэргэ атыннык ааттаан ыытыллыан сөп.

Оттон ыйы, күнү, халлаан хаамыытын ааҕан, сир тыынын иhиллээн, сөптөөх кэми талан туруоруллубут Ыhыах күнэ ураты, дириҥ суолтатын өйдөөтөххө, Итэҕэл онно баар.

Билигин Аан Дойду үрдүнэн ыгым тыыннаах балаhыанньаҕа олоробут. Саханы ууhатыахтаах эдэр-эмэн дьон төрөөбүт дойдуларыттан ыраах, эйэлээх олох туhугар Арассыыйа буойуна буолан, Ийэ дойдуларын араҥаччылыы, көмүскүү сылдьаллар. Араас сурах-садьык баhаам, ортотунан ылан баары баарынан итэҕэйиэххэ наада. Сүрүн күүс, көмө онно ананыахтаах.

Аҕа дойду уоттаах сэриитин кэмнэригэр олох таhыма билиҥҥи олохтон адьас атын этэ. Ол нүhэр кэмнэргэ дьону, норуоту сэргэхситэр, кынаттаах тылларынан санааларын күүhүрдэргэ улахан, дьону сомоҕолуур тэрээhин Ыhыах этэ. Оттон билигин адьас атын кэмҥэ олоробут. Ыhыах дьиҥ суолтатын, Ыhыах алгыhын ыла бардыбыт диэн өйдөбүлү дьиҥнээхтик уhугуннарар кэм кэллэ. Итэҕэллээх эрэ буоллахпытына сомоҕо буолар, ытыктаhар ыллыктаахпыт, оонньуутун, күрэҕин онно киллэрбэккэ. Ыhыах — Алгыс ылыы, кымыс иhии.

Раиса Чирикова, «Дьааҥы аартыга» хаһыат


Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Отдых Обо всём Мир Культ