Ааспыт нэдиэлэҕэ этиҥтэн турбут ойуур баһаардара кэҥээн-улаатан, от ыйын 3 күнүгэр Бүлүү улууһугар ыксаллаах быһыы-майгы биллэрилиннэ. Бу туһунан «Олох суола» хаһыат иһитиннэрэр.
Бүлүү улууһун лесничествотын салайааччы Михаил Кутугутов улууска ойуур баһаардарын умулуннарыыга ыытыллар үлэни бу курдук билиһиннэрдэ:
— Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги улууспут сиригэр-уотугар 4 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Бороҕон сиригэр турбут 4 №-дээх баһаар төгүрүтүлүннэ. Ойуур баһаарын Бүлүүтээҕи авиаотделение 4 баһаарынай парашютистара, 8 баһаарынай десантниктара, ГАУ «Якутлесресурс» 6 үлэһиттэрэ умулуннара сылдьаллар.
Эмиэ Бороҕон сиригэр турбут 5 №-дээх баһаары утары Сангаар авиаотделениетын парашютнай-баһаарынай сулууспатын 6, десантнай-баһаарынай сулууспатын 9 үлэһиттэрэ, Үөһээ Бүлүү авиаотделениетын 17, Ньурба авиаотделениетын 9 баһаарынай десантниктара киирсэ сылдьаллар.
Тылгыны сиригэр умайар 7 №-дээх баһаары утары Үөһээ Бүлүү авиаотделениетын 6, Бүлүүтээҕи авиаотделение 5 парашютистара, ГАУ «Якутлесресурс» 5 үлэһиттэрэ охсуһаллар.
Баппаҕаайыга турбут 8 №-дээх баһаар төгүрүтүлүннэ. Баһаары Үөһээ Бүлүү авиаотделениетын 6, Горнай авиаотделениетын 8 парашютистара умулуннара сылдьаллар.
Ааспыт нэдиэлэҕэ улууска 6 баһаар бэлиэтэммитэ, 2 баһаар умулуннарылынна, 2 ойуур баһаара төгүрүтүлүннэ.
Баһаартан кутталлаах кэм саҕаланыаҕыттан Бүлүү улууһун сиригэр-уотугар барыта 8 ойуур баһаара турда.
Николай Куприянов
Читайте нас в: