Ойуунускайга анаммыт «Чолбон» өй күрэһигэр Дьокуускай хамаандата бастаата

Таатта улууһун Хадаайытыгар «Үргэл сулус куорсуннара» айар дьон өрөспүүбүлүкэтээҕи фестивала саха омук национальнай лидерэ, уһулуччулаах судаарыстыбаннай деятель, классик суруйааччы, бөдөҥ учуонай Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар ананан буолан ааста. Дьокуускай куораттан, Амма, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Нам, Горнай, Хаҥалас, Бүлүү, Орто Халыма, Уус Алдан улуустарыттан уонна Таатта нэһилиэктэриттэн 60-тан тахса айар тыл алыбыгар ылларбыт дьон кыттыыны ыллылар.

Бу тэрээһин чэрчитинэн «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ бэс ыйын 28 күнүгэр Былатыан Ойуунускай олоҕор уонна айар үлэтигэр анаммыт «“Чолбон” өй күрэһэ» интеллектуальнай оонньууну тэрийдэ.

Өркөн өй тургутуһуутугар Дьокуускайтан, Горнайтан, Намтан, Амматтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Таатта Дьохсоҕонуттан, Уолба, Игидэй нэһилиэктэриттэн барыта аҕыс хамаанда кытынна.

«“Чолбон” өй күрэһэ» интеллектуальнай оонньууну «Чолбон» сурунаал эппиэттиир сэкирэтээрэ Туйаара Павлова ыытта.

Дьүүллүүр сүбэҕэ сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов уонна суруйааччы Анатолий Слепцов үлэлээтилэр.

Көхтөөх уонна күүрээннээх күрэхтэһии түмүгэр Дьокуускай куораттан кэлбит «Айар кут» хамаанда бастакы миэстэни ылан, СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтата туруорбут бирииһинэн – П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун саҥа таһаарыытынан наҕараадаланна. Иккис миэстэлээх «Дьохсоҕон» (Таатта) хамаанда СӨ Геокультура институтун, үсүһү ылбыт «Айар абылаҥ» (Амма) «Илин» сурунаал эрэдээксийэтин бириэмийэлэринэн бэлиэтэннилэр. Ону сэргэ кыайыыга дьулуурдарын иһин «Эҥсиэли» (Нам), «Мэҥэбил» (Мэҥэ Хаҥалас) хамаандалар «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтин аатыттан биһирэбил бириистэри туттулар.

Оонньууга үһүс миэстэлээх Амма улууһун «Айар абылаҥ» хамаандатын чилиэнэ, Амма лицейин саха тылын уонна литературатын учуутала, эдэр суруйааччы Наталья Рязанская санаатын үллэстэр:

– Бу оонньуу Платон Алексеевич олоҕун кэрдиис кэмнэрин чопчу чахчыларыгар эрэ олоҕурбакка олус кэрэхсэбиллээхтик билиһиннэрэр. Манна кыттан элбэх саҥаны биллибит. Тыҥааһыннаахтык киирсии түмүгэр биһиги хамаандабыт миэстэлэһэн сүргэбит көтөҕүлүннэ, дуоһуйдубут. «“Чолбон” өй күрэһин» улуустарга тахсан ыытаргыт буоллар биһиги куоталаһыах этибит.

«Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ

Өссө сэргээн ааҕыҥ:

Хадаайыга айымньылаах үрүҥ түүннэр

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ