Дьолго дьулуһуу… сарсыҥҥыга сурук… саха геолога

«Чолбон» сурунаал ыам ыйынааҕы нүөмэригэр:

— Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии уот холоругун ортотунан ааспыт танкист, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик Семен Осипович Никифоров төрөөбүтэ 100 сылын көрсө олох муудараһыгар үөрэтэр «Күһүҥҥү киэһэ», «Сырдык таммахтар» кэпсээннэрэ;

— «Үтүө олоҕу олорор туһуттан, дьолго дьулуһар буоллахха, киһи күннээҕинэн буолбакка, инникини ырааҕы-киэҥи өтө көрүөх тустаах» диэн сүрүн санааны тиэрдэр Сэмэн Маайыһап «Дьолго дьулуһар буоллахха» диэн бүгүҥҥү тыа сирин туһунан романын салгыыта;

— удьуор суруйааччы Хамалҕа «Кэскил» диэн арыгыттан оҕустарбыт ыал кэскилэ быстыытын; эмчит уонна суруйааччы Буор Булгунньах «Атастыылар» диэн сааскы булт уонна саха дьахтар таҥаралааҕын тустарынан саҥа кэпсээннэрэ;

— Поэттар Хабырыыс Ондороос «Поэт – үрүҥ, боотур – хара саахымат хараҕа суоллаахтар…» уонна Елизавета Мигалкина «Сарсыҥҥыга сурук суруйуохха…» диэн саҥа хоһооннорун бөлөҕө;

— Утум Захаров аныгы кэм хоһуун айанньыта Дугуйдаан Винокуров туһунан «Арассыыйа устун ат арҕаһыгар» уочаркатын түмүктүүр түһүмэҕэ;

— Таатта учууталлара Алампа «Мин ыллыым ээ, ыллыым…» биир хоһоон антологиятын туһунан санаа атастаһыылара;

— норуот суруйааччыта Тумарча «Саха геолога» кинигэтигэр кырдьаҕас суруналыыс Николай Крылов сэҥээриитэ;

— норуот суруйааччыта Баһылай Харысхал «Ааспыт кэм аартыктарынан» документальнай романын тула Горнай улууһун ааҕааччыларын кытта сэһэргэһии;

— «Саха сирин Үлэҕэ Геройдара» тиһиккэ Амма аатырбыт ыанньыксыта Петр Ионович Яковлев уонна «куйаар кодунан» кини Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыытын туһунан ахтыыта.

Күн – сири, «Чолбон» – саханы сырдатар!

Алгыһы кытта «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ

Салгыы сэҥээрэн иһит:

Подкаст: Римма Корякина «Халлаан уола» кэпсээнэ

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ