«Харысхал сиэккэ» аахсыйа

Бу күннэргэ улуус үрдүнэн «Харысхал сиэккэ» аахсыйа бара турар. Бу байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар эр хоһууннары харыстыыр сыалтан хаххалыыр сиэккэни баайан саҕалаабыттар.

Бу аахсыйа ыам ыйын 15 күнүттэн Дьүлэй нэһилиэгин ийэлэриттэн саҕаламмыт. Харыстыыр сиэккэни баайыыны нэһилиэк иистэнньэҥ, норуот маастара Изабелла Элякова сүбэтинэн-аматынан, ыйан-кэрдэн биэриитинэн ыытыллыбыт. Ол кэннэ улууска нэһилиэктэринэн хаартысканан, маастар кылаас уһулан сибээс нөҥүө хайдах буолуохтааҕын тарҕаппыттар. Биир бастакынан Амма, Уолба, Игидэй нэһилиэгин ийэлэрэ баайан улуустааҕы ыстаапка аҕалан туттарбыттар. Манна ирдэбилэ сиэккэ өҥүн таба тайаныы, ол эбэтэр от-мас өҥүн туттубуттар, анал килэбэчийбэт х/б матырыйаалы сөптөөх кээмэйинэн кырыйан быыһа суох гына быаҕа баайбыттар.

Күн бүгүн ыстаапка Ытык Күөл 1-гы нүөмэрдээх орто оскуолатын учууталлара, улуустааҕы бэтэринэриийэ үлэһиттэрэ, анал эпэрээссийэҕэ сылдьар байыастар кэргэттэрэ, «Алдаана» ырыа-үҥкүү кэллэктиибэ аахсыйаҕа кыттан харысхал сиэккэни баайан туттардылар.

Елена Слепцова

«Татта»

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ