Александр Фомин: Ил Дархаммыт Айсен Николаев ыытар үлэтин биһириибин

Бу күннэргэ Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Саха сиригэр сүҥкэн үлэлэр ыытыллалларын, бары хайысхаларынан эрэгийиэн сөптөөхтүк сайдан иһэрин бэлиэтээтэ. Маны кини Ил Дархан Айсен Николаевы кытта Кириэмилгэ көрсүһүүтүн кэмигэр эттэ. Көрсүһүүнү өрөспүүбүлүкэ үгүс олохтоохторо астына көрдүлэр. Ол иһигэр бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта, Амма улууһугар хортуоппуй үүннэриитинэн утумнаахтык дьарыктанар Александр Фомин, диэн сырдатар «Амма олоҕо» хаһыат.

«Тус бэйэм биһиги Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич бу олус ыарахан кэмҥэ өрөспүүбүлүкэни салайан олорор диэн бэлиэтиибин. Биһиги тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр бу сыллар устата улахан болҕомто ууруллар, үлэ тэтимнээхтик барар. Холобура, сааҥсыйа кэмигэр тас дойду табаарын солбуйуу (импортозамещение) өттүгэр тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар пиэримэрдэргэ сайдалларыгар, атахтарыгар туралларыгар кыах бэриллиннэ.

Бу сыллар устата бырабыыталыстыба өттүттэн сөптөөх көмөлөр оҥоһуллуннулар, бара да тураллар. Онон оҥорон таһаарар бородууксуйабыт кыралаан да буоллар улаата турар. Билигин дьон-сэргэ тыа сириттэн көһөн барар, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар да дьон ахсаана аҕыйыыр кэмигэр бу улахан көмө буолар диэн этиэм этэ. Ил Дархаммыт сайдыы тула араас эйгэҕэ эппит туһаайыылара, бырагыраамалара олоххо киирэннэр, билигин үлэлээн эрэллэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Онтон үгүстэрэ хайыы үйэ үтүө түмүктэри, ситиһиилэри аҕалан эрэллэр.

Тыа хаһаайыстыбатыгар, сири-уоту кытта үлэлиир биир идэлээхтэрбин Ил Дархаммытын өйөөн, салгыы субу курдук үүнэн-сайдан иһиэҕиҥ диэн ыҥырабын”, — диэн пиэримэр Александр Фомин бэйэтин санаатын эттэ.

Өссө сэргээн ааҕыҥ:
Дугуйдаан Винокуров Ил Дархан Айсен Николаевы өйүүрүн биллэрдэ

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ