Үлэ Дьоруойа Владимир Михайлов Сунтаар улууһун «Кириэстээх» кэпэрэтиибигэр 54-с сылын ыанньыксытынан таһаарыылаахтык үлэлиир. Кини Ил Дархан Айсен Николаевы ис сүрэҕиттэн өйүүрүн биллэрдэ:
— Үлэ киһитин сыралаах үлэтин сыаналаан, Ил Дархан Айсен Сергеевич Үлэ Дьоруойа буоларбар көмөлөспүтүгэр махталбын биллэрэбин. Быйыл биллэриллибит Үлэ сылыгар киэҥ далааһыннаах үлэ саҕаламмыта миигин наһаа үөрдэр.
Мин Айсен Сергеевич өссө да инникитин Сахатын сирин, норуотун туһугар үлэлиэ диэн эрэнэн туран, Ил Дархаммытын ис дууһабыттан өйүүбүн. Доруобуйаны, таһаарыылаах үлэни баҕарабын! – диэтэ Арассыыйа Үлэ Дьоруойа Владимир Африканович.
Санатан эттэххэ, бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытта көрсөн, Саха сирин сайдыытыгар сыһыаннаах кэккэ боппуруостары дьүүллэстилэр.
Читать также:
Владимир Путин отметил положительную динамику роста численности населения Якутии
Читайте нас в: