Мин 1938 сыллаахха ыам ыйын 3 күнүгэр Нам оройуонун II Модут нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Убайбынаан Модукка 11-12 сааспытыгар диэри олорбуппут. Убайым миигиттэн биир сыл аҕа.
Аҕам өлбүтүн өйдүүбүн
Биһиги аҕабыт сэриигэ барбатаҕа, холкуоска от-мас тиэйиитигэр үлэлии сылдьан, сут дьылларга, 1943 сыллаахха өлбүтэ. Биһиги саха балаҕаныгар хас да ыал буолан, Григорьевтар, Аммосовтар, Петровтар дьукаах олорбуппут. Биһиги уонна Аммосовтар дьиэ кэргэттэрэ иккилии оҕолоох этибит, оттон Петровтар хаһыа да этилэрэ. Сэрии, сут дьылларыгар элбэх киһи, оҕо өлбүтэ.
Аҕабыт Григорьев Михаил уонна дьукаахпыт Аммосов Миитэрэй биир күн өлөөхтөөбүттэрэ. Мин аҕам өлбүтүн өйдүүбүн: саас саха сыарҕатыгар тиэйэн илдьибиттэрэ.
1949 сыллаахха аҕабыт аймаҕа Сафронов Дмитрий биһигини II Модуттан ирдэһэн булан, Нам оройуонун Хамаҕаттатааҕы детдомугар туттарбыта. Кини сэрииттэн аҥаар атаҕа суох буолан эргиллибитэ. Мин кинини куруутун махталынан ахтабын-саныыбын, аймахпыт биһиги туспутугар кыһаллан детдомҥа киллэрбэтэҕэ буоллар, хайдах-туох дьылҕаланыахпыт биллибэт.
Убайбынаан 1949-54 сс. детдомҥа олорбуппут. Онтон 1954 сыллаахха мин интернакка олорон, Хамаҕатта 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрбитим. Оскуола кэнниттэн холкуоска үлэлээбитим.
Бэйэлэрэ оҥорбуттара буолуо диэн итэҕэйбэттэрэ
Биһиги детдомҥа олорор кэммитигэр директорынан Парников Роман Семенович үлэлээбитэ. Кэргэнэ Нина Петровна медик этэ. Детдомҥа изолятор диэн баара, онно Васса Федоровна диэн фельдшер миигин наар эмтээн тахсарын өйдүүбүн. Биир сайын атаҕым арамачыыстаан, кыайан хаампат буола сылдьыбытым, ону кини олус кыһаллан эмтээбитэ.
Детдомҥа олус элбэх буолан олорорбут. Хаартыскаҕа түспүппүтүнэн көрдөххө, ардыгар 70-ча оҕо буоларбыт быһыылаах. Ол да буоллар, сүрдээх иллээх этибит. Директорбыт Роман Семенович оҕолору мөҕө-этэ сылдьарын олох өйдөөбөппүн. Иитээччилэрбит биһигини туохха барытыгар үөрэтэллэрэ. Саас аайы быыстапкаларга (ону олимпиада диэн ааттыыллара) кыттарбыт. Оҥоһуктарбыт куруутун миэстэлэһэллэрэ. Биирдэ кофта быысапкалаан киллэрбиппитин, оҕолор бэйэлэрэ оҥорбуттара буолуо диэн олох итэҕэйбэтэхтэр этэ. Ол иһин хас да кыыс буолан, кофталарбытын быысапкалаан кэтэн барбыппыт. Аны мин убайым уонна Шапошников Миша самолет макетын оҥорбуттарын эмиэ итэҕэйбэтэхтэр.
Ол курдук оҕолору үчүгэйдик үөрэтэллэрэ. Пионербаһаатайбыт Эверстов Василий Васильевич, детдом үлэһиттэрэ Таркаева Александра Дмитрьевна, Новгородов Николай Гаврильевич, Петров Федор Иванович, Колесов Николай Петрович, Новгородова Татьяна Васильевна Аммосова Анна Петровна, Тараярова Розалия Васильевна, Дьяконова Мария Георгиевна, Находкина Октябрина Ивановна, Охлопкова Анна Ивановна, Дмитриева Александра Дмитриевна биһигини иистэнэргэ, быысапкалыырга, уруһуйдуурга, уһанарга үөрэппиттэрэ. Катя оҕуһунан уу баһара, прачкатетя Саня, кастелянша Авксентьева Вера Николаевна, дьиэ сууйааччы сыгаан дьахтара бары кыһамньыларын ууран үлэлииллэрэ. Аны оҕуруоттаахпыт, онно аҕыйах кэмҥэ кытай дуу, кэриэй дуу үлэһиттээх этибит. Биһиги, оҕолор, сайын от үлэтигэр, оҕуруокка көмөлөһөрбүт, кыстык мас бэлэмигэр үлэлиирбит, луук хомуйарбыт. Оттон улахан оҕолор холкуоска үлэлэһэллэрэ.
Повардарбыт Марфа Алексеевна, Ольга Орлова, Ольга Лобанова, Сивцева Анастасия Семеновна олус минньигэс астаахтара. Күҥҥэ түөртэ аһыырбыт. Бырааһынньык буоллаҕына, ураты, минньигэс ас оҥоһуллара. Оҕолор төрөөбүт күннэрин да бэлиэтиирбит. Биһиги төрөөбүт күммүтүн үс хас оҕо буолан ыларбытын өйдүүбүн. Ити курдук, 1954 сыллаахха детдоммут сабыллыар диэри директорбыт Р.С. Парников, детдом коллективын үлэһиттэрин үтүөлэринэн-өҥөлөрүнэн аска-таҥаска кыһалҕаны билбэккэ олорон, үөрэнэн кэлбиппит. Тулаайах оҕолорго бары усулуобуйаны тэрийэн көрбүт-истибит дьоммутугар махталбыт хаһан да уҕараабат.
Сыл-хонук аастаҕын аайы детдомҥа олорбут сылларбын өссө ордук күндүтүк саныыбын. Сэрии кэмигэр тулаайах хаалбыт оҕолор тустарыгар сэбиэскэй былаас кыһамньытынан төһөлөөх оҕо олоҕо быыһаммыта буолуой! Сир-сир аайы детдомнар аһылланнар, тулаайахтар киһи-хара буоллахпыт.
Социальнай көмүскэлгэ — икки ыйытыым
Мин билигин 85 саастаахпын, детдомҥа иитиллэн, бачча сааспар диэри кэллэҕим дии саныыбын. 1969-70 сс. Ростов-на-Дону куоракка закройщик идэтигэр үөрэммитим, онтон ыла пенсияҕа тахсыахпар диэри иискэ үлэлээбитим. Арыычча хойутаан да баран идэ ылларбын, син дьонтон хаалсыбакка үлэлээбитим. Үлэм ыстааһа 31 сыл, билигин бэтэрээн буоларга 35 сыл наада дииллэр, онон үлэ бэтэрээнэ буолбатахпын, «Дети войны» диэн мэтээл биэрбиттэрэ. Дьиҥэр, биһиги, оччотооҕу көлүөнэ оҕолор, олох кырабытыттан, 6-7 сааспытыттан үлэни билэн улааттахпыт…
Түгэнинэн туһанан, өссө биир суолга тохтуохпун баҕарабын. Билигин тулаайах оҕолору дьиэнэн-уотунан хааччыйаллар. Сайдыылаах олоххо итинник киирбитэ олус үчүгэй. Ону тэҥэ биһиэхэ, кырдьаҕастарга, сэрии тулаайахтарыгар (наадыйар дьоҥҥо анаан) государственнай дьиэ диэн баара буоллар. Сэрии кэмин оҕолоругар анаан чэпчэтиилэри туруорсар общественнай тэрилтэлээхпит, ол гынан баран былаас өртүттэн ити тэрилтэбит этиилэрэ тоҕо соччо өйөммөттөрүй?
Александра Григорьева-Авксентьева
Хаартыскалар Ем. Ярославскай аатынан түмэл фондатыттан, А.М. Григорьева-Авксентьева дьиэтээҕи архыыбыттан
Читайте нас в: