Үөһээ Бүлүүгэ “Остуоруйа ыллыгынан” ойуулук күрэҕин тэрийдилэр

Кэлиҥҥи сылларга оҕо сахалыы саҥарбат, тылбыт сүтүө-симэлийиэ диэн дьон айманар буолла. Кыра эрдэхтэриттэн нууччалыы саҥарар оҕо элбээтэ, онно телевизор, төлөпүөн, куйаар ситимэ буруйдаах диэн буолар. Ол эрэн сүрүннээн ырытан көрдөххө, итиннэ дьиэ кэргэн улахан оруоллаах. Билигин көрдөрөр-иһитиннэрэр ханаалларга сахалыы биэрии элбээтэ. Ордук оҕолорго аналлаах араас саайтар, биэриилэр элбээн иһэллэрэ үөрдэр. Сахалыы ойуулуктары айаллара, тылбаастаан таһаараллара элбэх сэҥээриини ылла.

Оҕолор бэйэлэрэ айан, толкуйдаан оҥорбут ойуулуктара ордук биһирэнэрэ саарбаҕа суох.

“Тускул” оҕо айымньытын киинин иһинэн үлэлиир “Саҥа Step” салайааччы Анна Павловна оҕолору араас бырагыраамаларга үөрэтэн, интэриэһинэй үлэлэрдээхтэр. Үөрэнээччилэрэ олус сөбүлээн көтүппэккэ дьарыктаналлар. Россия таһымыгар ыытыллар күрэхтэргэ ситиһиилэрдээхтэр.

Үөһээ Бүлүүгэ «Остуоруйа ыллыгынан» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи, сахалыы саҥалаах муултук бастакы күрэҕин тэрийэн ыыттылар.

Намтан, Кэбээйиттэн, Горнай Бэрдьигэстээҕиттэн,  Мэҥэ Хаҥаластан, Орто Халыматтан, Өлөөнтөн, Сунтаартан, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүү Далырыттан, Дүллүкүттэн, 8 нүөмэрдээх  «Алёнушка», 5 нүөмэрдээх  «Кэнчээри» оҕо уһуйааннарыттан сахалыы муултук оҥоруутун күрэҕэр кытыннылар.

Дьүүллүүр сүбэ: Оҕо бибилэтиэкэтин бибилэтиэкэрэ Мая Захарова  уонна педагог-психолог Наталья Кузьмина сыаналаатылар. Элбэх үлэ киирэн, түмүгэ маннык буолла:

Цифровой муултуктарга

1 миэстэ — «Ый кыыhа», 5 нүөмэрдээх «Кэнчээри” оҕо уһуйаана, Үөһээ Бүлүү

2 миэстэ — «Үтүө санаалаах куобахчаан», Горнай улууһа, Аhыма

3 миэстэ —  «Колобок», «Алёнушка»оҕо уһуйаана, Үөһээ Бүлүү

Пластилинтан муултуктарга

1 миэстэ — «Күөрэгэй», Горнай, Бэрдьигэстээх

2 миэстэ — «Былыыр — былыр», Далыр, «Тускул» оҕо уһуйаана

3 миэстэ – «Адил», Орто Халыма

Перекладка, кумааҕыттан муултукка

1 миэстэ  — «Эриэппэ», Дүллүкү,  «Кустук» оҕо уһуйаана

2 миэстэ  — «Атас уонна Күнчээн»,  Горнай, Бэрдьигэстээх

3 миэстэ — «Булчуттар», Өлөөн.

Оҕо айар дьоҕурун сайыннарыыга үлэлэһэ сылдьар педагогтар үлэлэрэ олус сэргэх. Өссө да ойуулуктары оҥорон киэҥ эйгэҕэ тарҕатыахха наада.

Саха сиригэр сахалыы саҥарар, наһаа үчүгэйдик ыллыыр-туойар ойуулуктар баар буоллулар. Маннык үлэлэр оҕо төрөөбүт тылынан сайдар суолларыттан, хайысхаларыттан биирдэстэринэн сахалыы ойуулук буолар. Төһөнөн элбэх хайысханы  сайыннарабыт, соччонон оҕо сахалыы тылланарыгар усулуобуйаны тэрийэбит.

Анна Павловнаҕа өссө үрдүк ситиһиилэри, оҕолоро сайдан үлэлэрэ киэҥ эйгэҕэ тарҕанарыгар баҕарабыт.

                             Үөһээ Бүлүүтээҕи “Сыккыс” пресс-киин

Читайте нас в:

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ