Ыам ыйын 15 күнүнээҕи туругунан, Өлүөнэ өрүскэ көмүөл аллараа кирбиитэ Ленскэй Батамаайытыттан аллара бэлиэтэннэ. Ленскэй куорат аннынан муус элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүттэн 2 суукка хойутаан, ыам ыйын 14 күнүгэр эстибитэ.
Билигин Ленскэй туһаайыытынан уу таһыма 1379 см тиийдэ. Кутталлаах таһымы быһытынан ыллахха, 1803 см тэҥ. Пуостан аллара муус харан турар. Икки чаас иһигэр 11 см эбиллибит. Инженернэй тутуута суох сиринэн кутталлаах таһым – 1410 см. Онон, уу итинтэн үрдээтэҕинэ, намыһах сирдэри ылыаҕа.
Алын Ленскэй уонна Өлүөхүмэ улуустарын сирдэригэр-уоттарыгар муус уста турар. Өлүөхүмэ үрэх киллэрэн, муус аллараа кирбиитэ Өлүөхүмэ Хатыҥ Тумулунааҕы гидропоһуттан аллара хамсыыр. Итиннэ өрүс бүгүн эһиннэ, ол нуормаҕа чугас. Уу таһыма эмиэ элбэх сыллаах орто көрдөрүүгэ сылдьар.
Өлүөнэ өрүскэ муус харан, уу таһымнаан, Ленскэй улууһун Мууруйа, Турукта уонна Өлүөхүмэ улууһун 1-кы Нөөрүктээйи, Дабаан, Дэлгэй, Кыыллаах, Троицкай, Хоро нэһилиэнньэлээх пууннара ууга барар кутталлаахтар.
Өлүөнэ уута киин улуустар сирдэригэр сууккаҕа 50-90 см эбиллэр. Табаҕа гидропоһун аннынан олохтоох муус устар. Бүгүн Покровскай куорат аннынан хамсаан эрэр. Покровскай – Дьокуускай – Хаҥалас учаастагар улахан эбэ ыам ыйын 17-18 күннэригэр эстэрэ күүтүллэр. Ол нуормаҕа чугас. Киин куорат аннынан уу кыһыҥҥы намыһах таһымтан 4,7 миэтэрэ үрдээтэ.
Василий Никифоров
«Ленский вестник» хаһыат хаартыската
Читайте нас в: