Орто дойду олоҕо очурдаах, чочурдаах, элбэх эридьиэстээх уонна олус түргэнник устар уу курдук киһиттэн киһиэхэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕанан субуллар. Үгүс кэрдиис кэм уҥуоругар элбэх дьон үтүө да мөкү да олоҕо олох долгунугар суураллан аастаҕа. Ол эрэн норуокка олоҕурбут: «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» диэн этиини бигэргэтэн Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр нэһилиэгэр, олохтоох балыыһаҕа кэһии баһыылка кэлэн соһутта.
Билиҥҥи үйэҕэ кэһии бэрт чугас эрэ дьоҥҥо ону да киһи нөҥүө эрэ тута үөрэммит тыа сирин олохтоохторугар соһуччу бэлэх буолла. Бэлэҕи ыраах Саха сирин соҕуруу куоратыттан Нерюнгриттэн ыыппыттар.
Бу 50 уонтан тахса сыллааҕыта олохтон туораабыт эбэтин Кривогорницына Наталья Васильевна үтүө аата үйэтин тухары үлэлээбит балыыһатыгар үйэ саас иҥэриллибититтэн үөрэн, Далыр кэнчээри, күн сирин саҥа көрөр оҕолоругар анаан сиэн кыыс Кристина ыыппыт бэлэҕэ эбит.
Кристина аҕата Наталья Васильевнаҕа 11 оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэлэрэ ыарахан ыарыыттан олохтон туорууругар Кристина аҕата Толя баара суоҕа 8 саастааҕа. Кэлин аҕалара иккитэ кэргэннэнэ сылдьыбыта. Онон Толя улаатар сааһа Үөһээ Бүлүү улууһун киин бөһүөлэгэр ааспыта. Ксенофонтовтар 12 төрөппүт, 2 аймахтарын тулаайахтарын ииппит оҕолоро бары үрдүк үөрэҕи баһылаан бука бары норуоттарыгар, бар дьонноругар ааттара — суоллара хаалардыы үлэлээбит, үлэлиир дьиэ кэргэн буолаллар. Ол курдук элбэхтэн аҕыйахтарын аҕыннахха, Володя биллиилээх, Россияҕа тарбахха баттанар композитор, Валерий үтүөлээх тренер, Саша РФ саппааска сылдьар полковнига, Сергей лүөччүк, сиэн уолаттар Леонид математическай наука доктора, Ойуур Байбал Ил Түмэн депутата.
Онтон Кристина дьылҕа хаан ыйааҕынан аҕатыгар иитиллибэтэр, хаан тардыыта күүстээх буолан, харахтаан да көрбөтөх эбэтин аата үйэтитиллибититтэн үөрэн, эбэтэ үлэлээбит балыыһатын кытта сибээһи туттаҕа. Куйаар ситимин нөҥүө билсэн, Кристина үөрэммит оскуолатын төрдүн тэрийбит Михаил Андреевич кэс тылыныы «Күннэтэ бар дьонугар үтүөнү эрэ оҥорор баҕалааҕын» итэҕэйдим. Ол курдук биир дьоһуннаах улахан дьиэ кэргэн саҥа көлүөнэ ыччата Егорова Кристина Анатольевна М.А. Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи гимназияҕа үөрэммитэ, Санкт -Петербург куоракка Плеханов аатынан институту эколог идэлээх бүтэрэн, билигин Нерюнгри куоракка идэтинэн биир хампаанньаҕа үлэлиир. Икки уол оҕолоох, эбэтин курдук бастыҥ обшественник, аһымал акциялары тэрийэр үтүөкэн үгэстээх эбит.
Дьиэ кэргэн — уопсастыба акылаата. Кристина курдук ыччаттаах норуот кэскилэ киэҥ уонна кэрэ.
Үөһээ Бүлүү, Ороһутааҕы К.С.Чиряев аатынан норуот педагогикатын түмэлин мэтэдииһэ
Валентина Осипова
Читайте нас в: