Арчы ыалдьыта: Айыыһыт ыйын бэлиэ тэрээһиннэрэ

Муус устар ый «Арчы» духуобунас киинигэр олус айымньылаахтык ааспыт. Бу туһунан биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт, культура духуобунас киинин салайааччыта, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитин Лариса Андреевалыын көрсөн, атах тэпсэн олорон сэһэргэһэн аастыбыт.

— Лариса Константиновна, Сахабыт сиригэр тоҕус ыйдаах томороон уһун кыһыммыт бүтэн, сандал сааспыт кэлбитинэн, күөх окко этэҥҥэ үктэнэн эрэрбитинэн эҕэрдэлиибин! Муус устар ый эһиэхэ олус сэргэхтик ааспыт. Онон буолан ааспыт сүрүн  тэрээһиннэргит туһунан кэпсэтэ түһүөххэ?

— Муус устар – Айыыһыт ыйа. Бу ыйга төрүүр-ууһуур олох тускуланар диэн. Бу ыйга ыал, дьиэ кэргэн соргута улаатар. Сибэ уот оттуллар, Ийэ Маска кут тохтуур. Айыыһыт хотун кэлэр. Айыыһыт иччитэ Көтөҕөөччү ийэ кинини көрсөр. Айыыһыт — Бастакы халлааҥҥа олорор айыы. Кини биир курдук эрээри сэттэ дьүһүннээх. Сэттэ аҕас-балыс буолан көстөр. Тапталы уонна кэрэни төрүттээн, оҕо кутун аҕалан, Иэйэхсиккэ биэрэн, Иэйиэхсит дьолу киһиэхэ иҥэрэр диэн былыр-былыргыттан кэлбит  үтүө өйдөбүл баар.

Сыллааҕы былааммытыгар киирбит тэрээһиннэрбит бука бары ыытылла тураллар. Дьон-сэргэ уһун кыһын кэнниттэн, тымныыттан босхолонон, биһиги кииммитигэр сылдьара элбээбитин бэлиэтиир оруннаах.

Ааспыт ыйы биһиги  И.Г. Васильев — Алгыс Уйбаанныын «Сүр көтөҕүү» төбүрүөннээн төгүрүччү олорон, бэрт сэргэх ураты, кутаа уот кытыастар тыаһыгар чуумпуран иһийэн иһиллэнэн көрсүһүү, аһаҕас кэпсэтиитинэн саҕалаабыппыт. Кэлбит дьон бэйэлэригэр туох эрэ саҥаны, үтүөнү иҥэринэн барбыт буоллахтарына, бу биһиги  ситииһиибитинэн буолар.

Иван Герасимович  билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ, уларыйыылар күннэтэ буолар кэмнэригэр, киһи — дьиҥ бэйэтин иһиллэниэхтээх, Ийэ кутун уһугуннаран айылҕаҕа чугаһаан, урукку «оҕо» эрдэҕинээҕи уйулҕатынан, бэҕэһээҥҥинэн буолбакка, билиҥҥинэн уонна сарсыҥҥыга сырдыгы саҕан олоруохха наадатын чопчулаан дьонугар-сэргэтигэр бэрт элбэҕи сүбэлээбитэ, алгыһын анаабыта.

Сүрэ көтөҕүүлээх киһи толору олоҕу дьоллоохтук олорор, талбыт суолун устун эрэллээхтик хаамарын туһунан, мустубут дьоҥҥо быһааран, ырытан  сэргэх көрсүһүү буолан ааспыта.

— Сүрдээх күүстээх куоластаах далбар хотуттар мустан, түмсэн ыллыы сылдьар «Далбар” народнай ансамбыл 20 сыллаах үбүлүөйэ буолан ааспыт. Бу туһунан “Саха” НКИК хампаанньа анал биэрии оҥорон таһаарбытын сэргии көрбүтүм.

— Элбэх үрдүк таһымнаах аандойдутааҕы, республикатааҕы ырыа күрэхтэрин Кылаан кыайыылаахтара, лауреаттара уонна дипломаннара​ «Далбар» народнай ырыа ансамбыла төрүттэммитэ 20 сылын бэлиэтиир «Ырыа–олохпут аргыһа!» ​үбүлүөйдээх дьоро түһүлгэтигэр элбэх көрөөччү мустубута.

​​ «Арчы Дьиэтэ» киинин иһинэн үлэлиир «Далбар» ансамбыл 2003 сыллаахха муус устар ыйыгар тэриллибитэ. Уус-уран салайааччынан Саха Республикатын культуратын туйгуна Р.И.Винокурова буолар. ​​

​Раиса Иннокентьевна ырыаны таптааччылары мунньан, “Далбар” дьахталлар ырыа ансамбылларын тэрийбит киһинэн буолар.

Манна араас идэлээх, чахчы да саха далбар хотуттара үлэлэриттэн, дьиэтээҕи түбүктэриттэн быыс-арыт булан, кыһыннары-сайыннары салгыбакка, ырыаны олохторун ис хоһооно, аргыһа оҥостон дьаныардаахтык туруулаһан, үгүс күннэрин-дьылларын харыстаабакка 20 сыл устата ыллаан, культура биир салаатын дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник чиэстээхтик тарҕата сылдьаллар.

Ансамбыл репертуара сөптөөхтүк таҥыллан, куоластарынан чочуллан саха норуотугар уруккуттан биллэр уонна аныгы да ырыалары толороллор. Ол курдук, ансамбыл «Төрөөбүт дойду туһунан ырыа», «Чорооммут», «Ой дуораана», «Ийэбэр», «Туймаада хочото», «Төгүрүк алааскын эн таптаа» уонна да атын ырыалары толоруулара көрөөччүлэр дууһаларыгар өрө көтөҕүллүүнү үөскэтэр, маныаха ансамбыл ырыалара баянист Михаил Павлов иэйиилээх доҕуһуолугар ордук тупсан, киэркэйэн иһиллэллэр.

Раиса Иннокентьевна бу «Далбар» ансамбылга олоҕуран уонна «Өрөгөй» эр дьон ансамбылын холбоон, 2010 сыллаахха «Арчы» хорун тэрийбитэ. Хор 13 сыл устата Дьокуускай куорат, республика араас улуустарыгар ыллаан, ону таһынан Чита, Хабаровскай, Санкт-Петербург куораттарга үрдүк таһымнаахтык кыттан, улахан наҕараада хаһаайыттара, лауреаттара, дипломаннара буолары ситиһэн, кинилэргэ 2017 сыллаахха Норуот хорун аата иҥэриллибитэ. Ити күн «Арчы» хора уонна «Далбар» ансамбыл народнай ааттарын чиэстээхтик көмүскээбиттэрэ.​«Далбар» ансамбыл 20 сыл устатыгар республика араас улуустарынан саҥаттан саҥа ырыаларынан ыччат дьону кэрэҕэ уһуйа, төрөөбүт дойдуларыгар тапталы иҥэрэ, тарҕата сылдьар.

— Саха дьоно сылы быһа кэтэһэр Ыһыахпыт күнэ чугаһаата. Быйылгы ыһыахпыт тэрээһинигэр анаммыт ханнык көрсүһүүлэр ыытылынныларый?

— Муус устар 6 күнүгэр  «Арчы Дьиэтэ» духуобунас киинигэр Татарстан Республикатын культураҕа миниистирин солбуйааччы Д.Д. Натфуллин, СР культураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы А.И.Ноев, Дьокуускай куорат культураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын салайааччыта И.П.Ли, «Үс Хатыҥ» этнографическай комплекс директора В.Ф.Яковлев уонна «Туймаада ыһыаҕын» сүрүн тэрийээччилэрэ көрсөн, быйылгы ыһыаҕы туох уратылаах ыытар туһунан төгүрүк остуолга көрсөн кэпсэппиппит.

Ыраахтан кэлбит ыалдьыппытыгар сахалыы сиэринэн аал уот оттон, алгыс тыл этэн, алаадьылаах кымыспытынан айах тутан күндүлээн, үгэс быһыытынан оһуохайы оройуттан тутан, бу үтүө түһүлгэни түмүктээбиппит.

Дамир Данилович саха төрүт культурата, уус-уран баайа-дуола кэлэр көлүөнэҕэ тириэрдиигэ сүҥкэн улахан үлэ бара турарын биһирээбитэ уонна түмүккэ, «Ыһыах-саха норуотун  культуратын уонна духуобунай үгэстэрин, омук быһыытынан уратытын көрдөрөр» сүдү бырааһынньык буоларын бэлиэтээн, инникитин тэҥҥэ үлэлэһиэхпит диэн баҕа санаатын эппитэ.

Ааспыт ыйбыт биир алгыстаах түһүлгэтинэн, улуус культуратын үлэһиттэригэр уонна саха сиэрин-туомун сэргээччилэргэ анаан “Кымыс иһиитин сиэрэ-туома” диэн семинары тэрийбиппит.

Семинарга Тааттаттан, Уус-Алдантан, Чурапчыттан, Горнайтан, Хаҥаластан, Намтан кымыска сыһыаннаах мас оҥоһуктар  маастардара бэйэлэрин үлэлэрин, ону таһынан «Чороон XXI үйэ» тэрилтэ быыстапкаларын дьон-сэргэ астына көрбүтэ. Бу тэрээһин аныгы үйэ ирдэбилинэн куйаар ситимин нөҥүө быһа холбонууга араас улуустартан сүүрбэттэн тахса киһи киирэн истибитэ.

«Кымыс иһиитин сиэригэр-туомугар туттуллар иһиттэр» “Симэх” Норуот искусствотын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинин уус-уран оҥоһуктары сайыннарар салаатын салайааччыта Д.К.Осипов, “Кымыс иһиитин сиэрин-туомун оҥорор сирин уонна ландшафтнай көстүүтүн​ булуу, тэрийии” туһунан ​ этнограф, «Үс Хатыҥ» архитектурнай этнографическай комплекс дириэктэрэ В.Ф. Яковлев, «Кымыс иһиитэ” сиэри-туому толорууга аналлаах түһүлгэ тутуулара» республикатааҕы норуот айымньытын дьиэтин фольклорга специалиһэ А.В.Васильева, “Сылгы сиэлэ, саха итэҕэлэ” Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын үөрэтэр институт старшай научнай үлэһитэ, история билимин кандидата Н.К.Данилова о.д.а. бу эйгэҕэ үлэлии-хамсыы сылдьар дьон кэпсэтиигэ кыттыыны ылбыттара.

— Республикабытыгар аан бастаан эр дьон оһуохайын тэрийэн ыыппыккыт. Дьэ, саҕалааһын хайдах бардай?

— «Ньурба улууһа» муниципальнай тэриллии, Ньурба улууһун культураҕа департамена, Дьокуускай куорат «Уокуруктааҕы норуот айымньытын киинэ» «Арчы дьиэтэ » духуобунас култуура киинэ бары кыттыһан, «Алгыстаах илдьит — хотойдуу кынатынан хорсуннук көттүн» диэн, Сахабыт сиригэр Аҕа уонна уол күннэригэр, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытын өйүүр сыаллаах Ытык Оһуохай күрэҕин тэрийэн ыыппыппыт.

Күрэх киэҥ түһүлгэтигэр, Сахабыт сирин араас улуустарыттан, 23 уолан эр бэртэрэ күөн көрсүбүттэрэ. Күрэх Кылаан чыпчаал кыайыылааҕынан, Ньурба Малдьаҕарыттан сылдьар 23 саастаах Александр Кириллин буолбута. Оһуохай түһүлгэтигэр дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустан, эр дьон тыынынан сыдьаайбыт олус күүстээх күнү атаарбыппыт. Ол курдук бу тэрээһиҥҥэ, Аар Дархан этээччилэр, СӨ үтүөлээх оһуохайдьыттара уонна саҥа саҕалаан эрэр этээччилэр кыттыбыттара. Элбэх ыччат кыттыыны ылбыта биһигини олус үөрдүбүтэ.

Күрэскэ бииртэн биир мааны куолас, устар ууну сомоҕолуур хомоҕой тыллаах этээччилэр, саха таҥаһын мааныта, күүстээх көтүтүү, наллаан хаамтарыы, үөһээ үрдүк Айыылартан,сир-дойду иччилэриттэн көрдөһүү, уол оҕо айыллыытын, эр киһи буолан үүнүүтүн, буойуҥҥа-ууска уһуйуллуутун, Байанайдаах булчут буолуутун хоһуйуулар ити күнү ордук суолталаабыттара.

Билигин дьон-сэргэ эмтээх оту олус сэҥээрэр. Итиниэхэ биир интэриэһинэй тэрээһиҥҥитигэр элбэх билэр дьонум сылдьан, сүбэ-ама ылбыт, астыммыт этэ.

«Үүнээйи туһата-олохпутугар. Тымныйыыга туһалыыр эмтээх отторбут» анал тэрээһиҥҥэ Саха сирин эмтээх үүнээйилэрин үөрэтэр, эмтээх үүнээйилэринэн 20-тэн тахса сыл дьарыктанар, элбэх кинигэ ааптара, провизор, фармация наукатын кандидата Л.Г.Кривошапкина кыттыылаах көрсүһүүгэ эмтээх оту интэриэһиргээччилэр мустубуттара.

Билиҥҥи кэмҥэ эмтээх от сүрүн суолтатын, хайдах сөптөөхтүк туһаныахха сөбүн туһунан кэпсээн, авторскай рецептарыттан үллэстэн, ааптар кинигэлэрин​ уонна эмтээх отторунан арчылыыр чэйдэрин атыы быыстапката ыытыллыбыта.

Маннык тэрээһин, үгүс дьон көрдөһүүтүнэн ыам ыйыгар эмиэ быланнанар.

Республикабыт күнүгэр төрөөбүт тылбыт кэскилигэр, сайдыытыгар үлэлэһэр общественнай деятеллэрбит И.И.Шамаев, У.А.Винокурова, П.В. Ксенофонтов, Н.В.Михалёва — Сайа, Е.А.Протодьяконова, Г.Г.Торотоев о.д.а. төрөөбүт төрүт тылбыт, норуот быһыытынан сайдар кэскилбит туһунан, дириҥ хорутуулаах кэпсэтиигэ кыттыбыттара.

Түмүккэ, биһиги «Арчы» культура духуобунас киинигэр дьон-сэргэ сааһыттан, дуоһунаһыттан тутулуга суох сылдьар. Бары эйгэни хабар сыаллаах, билиҥҥи кэмҥэ хас биирдии киһи биһиэхэ кэлэн бэйэтигэр туһалаах, наадалаах көрсүһүүгэ, тэрээһиҥҥэ сылдьан астынан, түмүк оҥостон барарын ситиһэр баҕалаахпыт.

— Лариса Константиновна, сандал саас хас биирдии күнэ түмүктээх буоллун!

Кэпсэттэ Екатерина Бястинова.

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ