Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар гуманитарнай көмө оҥоһулунна

Бу күннэргэ оройуон дьаһалтатын тэрээһининэн Байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар хорсун-хоодуот биир дойдулаахтарбытыгар оройуоҥҥа хомуллубут гуманитарнай көмөнү илдьэ уонна билсиһэ, санааларын көтөҕө Өлөөн национальнай нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Христофор Павлович Васильев салайааччылаах 4 киһилээх оробуочай биригээдэ баран кэллэ.

«Сардаҥа» хаһыат эрэдээксийэтэ бу бэлиэ түгэни туһанан Христофор Васильевы көрсөн сулууспалыы сылдьар биир дойдулаахтарбытын кытта көрсүһүүлэр хайдах тэриллэн ыытыллыбыттарын билиһиннэргэ көрдөспүккэ бэрт судургутук ылынан санаа атастаста.

— Христофор Павлович, сулууспалыы сылдьар биир дойдулаахтарбытын кытта билсиһэ, гуманитарнай көмөнү тиэрдэ кимнээх сырыттылар?

— Оройуон дьаһалтатын сорудаҕынан Байыаннай эпэрээссийэҕэ (СВО) кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытын сөрсүһэ уонна гуманитарнай кмөнү тиксэрэ биһиги 4 киһи буолан үлэлээтибит. Ол курдук оробуочай биригээдэҕэ киирэн үлэлэстилэр: Леонид Христофоров — Дьокуускай куоракка Өлөөн оройуонун бэрэстэбиитэлэ, Филипп Христофоров — Өлөөн оройуонуттан төрүттээх, Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕа, Антон Волошинов — Өлөөн оройуонуттан төрүттээх, грузовой массыына хаһаайына.

— Оройуоҥҥа хомуллубут гуманитарнай көмөнү бачча ыраах сиргэ хайдах тиксэрдигит?

— Бастатан туран, оройуон дьаһалтатын баһылыга Лена Степановна Иванова «Якутия» авиахампаанньаны кытта кэпсэтиитинэн гуманитарнай кемебүтүн Москва куоракка диэри самолетунан илтибит. Салгыы биир дойдулаахпыт Антон Волошинов Москва аэропордугар грузовой массыыналаах көрсөн таһаҕаспытын тиэйэн Донецкайга диэри айаннаатыбыт.

— Сулууспалыы сылдьар саллааттарга баһыылкалары, гуманитарнай көмөнү хайдах былааннаахтык тэринэн үлэлээҥҥит миэстэтигэр тиксэрдигит уонна көрүстүгүт?

— Бастатан туран, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Украина сиригэр сулууспалыыр саллааттарга сибээһи олохтооһуҥҥа, көмө оҥоруутун тэрийиигэ бэрэстэбиитэлистибэ арыйан үлэлэтэри саҕалаабыт. Биһиги опорнай пууҥҥа регистрацияны ааһан бараммыт бэрэстэбиитэлистибэ үлэһиттэрин көмөтүнэн массыына ылан, харабыллыыр дьонноох байыаннай чаастарга сылдьан баһыылкаларбытын, гуманитарнай көмөбүтүн сулууспалыы сылдьар саллааттарбытыгар туттартаатыбыт. Көрсүһэн истиҥник кэпсэттибит. Сулууспалыы сылдьар саллааттарбыт санаалара бөҕөх, уопсай туруктара үрдүк таһымнаах. Баһыылкаларбытын туттаран бараммыт, өссө туохха наадыйалларын туоһуластыбыт.

— Христофор Павлович, Байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытын өйөөн үһүс гуманитарнай көмөнү ситиһиилээхтик тэрийэн ыыппыккытынан эҕэрдэлиибит уонна бар дьоҥҥор туох этиилээххиний?

— Бастатан туран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар суһал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар дьоммутугар көмөнү оҥорууга усулуобуйа тэрийэн, байыаннай хампаанньа бара турар сиригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэстэбиитэлистибэтин арыйан үлэлэппитин иһин махталбытын аныыбыт.

Ону тэҥэ оройуон дьаһалтатын баһылыга Лена Степановна суһал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын бары өттүнэн өйөөһүҥҥэ ыытар үлэтин биһирээн тураммыт гуманитарнай көмөнү тэрийэн ыытыыны өссө күүһүрдэр үлэни тэрийиэхтээхпит дии саныыбын.

«Биһиги дьыалабыт кырдьыктаах — кыайыы биһиги өттүгэр буолуоҕа. Биһиги бэйэбит дьоммутун хаалларбаппыт — кыайыы-хотуу биһигинниин аргыстастын!», — диэн түмүктээтэ Христофор Павлович.

Николай Стручков

«Сардаҥа»

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ