Кыайыы күнэ Алтаҥҥа көхтөөхтүк ааста

Быйыл дойдубутугар Улуу Кыайыы 78 сыла бэлиэтэнэр. Бу өрөгөйдөөх күнү көрсө Алтан нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ Кыайыы бэлиэлэрин тутан параадтаан ньиргиттилэр. Холуонна Арассыыйа былааҕын моһуонунан үрүҥ, халлаан күөҕэ уонна кыһыл өҥнөөх салгын саардарынан киэргэннэ. Манна оҕолуун-кырдьаҕастыын нэһилиэк киин уулуссаларынан кулууп дьиэтигэр хааман кэллилэр. Холуоннаны дуораанньык доҕуһуоллаах массыына арыаллаата, диэн иһитиннэрэр «Амма олоҕо» хаһыат. 

Ытыктыыр-убаастыыр бэтэрээннэрбитигэр махтанар, сүгүрүйэр тыллар этилиннилэр.

Өрөгөйдөөх миитин нэһилиэк килбэйэр киинигэр турар култуура уонна устуоруйа эбийиэгэр — 1941-1945 сс. Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар аналлаах буойуннар пааматынньыктарын таһыгар ыытылынна.

Ыҥырыылаах ыалдьыттар — бэтэрээннэр аҕыйах ба буоллаллар тэрээһиҥҥэ сырыттылар, Кыайыы күнүн көрүстүлэр. Үөрүүлээх чаас кэннэ мустубут дьон тоҥолохтон тутуһаннар, саха алаадьытыныы төгүрүччү тураннар Кыайыы оһуохайын туойдулар, үрүҥ күҥҥэ сүгүрүйдүлэр, эйэлээх олоҕу уруйдаатылар.

Тэрээһин чэрчитинэн эти-хааны сайыннарыыны көҕүлүүр, Ийэ дойдуга таптал сырдык өйдөбүлүн иҥэрэр, чөл олоҕу өрө тутар сыаллаах түөлбэлэр икки ардыларыгар «Кыайыы күрэҕэ» диэн ааттаах байыаннай-спортивнай күрэх ыытылынна. Түөрт түөлбэттэн биэстии киһилээх хамаандалар аптамааты ыһыыга, сыал ытыыга, гранатаны быраҕыыга, хааһы сиэһинигэр, боппуруостарга эппиэттээһиҥҥэ уонна хамаанданан ырыаҕа күөн көрүстүлэр. Алта түһүмэх түмүгүнэн «Аргыс» түөлбэ бастакы, «Кэскил» иккис, «Чараҥ» үһүс уонна «Эрэл» төрдүс миэстэлэри ыллылар, махтал суруктарынан уонна сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Кулууп дьиэтигэр ытыктыыр дьоммут — сэрии кыттыылааҕын огдообото уонна сэрии сылларын оҕолоро итии чэйдээх остуол тула олороннор элбэҕи кэпсэттилэр, ахтылҕаннарын таһаардылар, кинилэргэ анаммыт кэнсиэри көрдүлэр, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүлэр. Маны сэргэ нэһилиэк баһылыга уонна дьаһалта үлэһиттэрэ тэрээһиҥҥэ кыайан кэлбэтэх бэтэрээннэри кэрийэн эҕэрдэлээтилэр, бэлэхтэри уонна бородуукта набордарын туттардылар.

Кыайыы өрөгөйдөөх күнүн көрсөр тэрээһин куруук буоларыныы нэһилиэк тэрилтэлэрин, биэнсийэлээхтэр түмсүүлэрин уонна биирдиилээн урбаанньыттар көмөлөрүнэн бэрт сэргэхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста.

Татьяна Атласова

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ