Олоҥхо летопиһа суруллан саҕалаата

Новый сайт о якутском эпосе Олонхо

Киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньытынан билиниллибит олоҥхобутун сыыппара эйгэтигэр үйэтитэр уонна аан ситиминэн бар дьоҥҥо тарҕатар сыалтан СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ Olonkho.nlrs.ru саайты оҥордо. Бырайыак кыттыгас ааптардарынан Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтэ, Олоҥхо тыйаатыра, Национальнай художественнай мусуой, Олоҥхону чинчийэр билим үнүстүүтэ, «Олоҥхо» ассоциация буолаллар.

Саайт биир салаата олоҥхо туһунан сонуннарга ананна. Ханнык улууска, нэһилиэккэ олоҥхоҕо аналлаах тэрээһин буолбутун, ханна олоҥхо испэктээги туруорбуттарын, кимнээх олоҥхону толорбуттарын, Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии хайдах бара турарын, оскуолаларга олоҥхону үөрэтии, олоҥхоҕо аналлаах кэмпириэнсийэлэр, о.д.а.бу хайысхаҕа ыытыллар үлэ туһунан, ону сэргэ олоҥхо биллэриилэрин бу саайка киирэн ааҕыаххытын сөп.

Анисия Иевлева, “Олоҥхо” саайт эрэдээктэрэ:

— Бастаан оҥорорбутугар саныыр этибит: “Ол хантан күн аайы олоҥхо сонунун булан ылабыт?” — диэн. Онтуката, доҕоттоор, өрөспүүбүлүкэбитигэр олоҥхону кытта ситимнээх түгэннэр күннэтэ кэриэтэ буола тураллар эбит. Ол аата олоҥхобут кинигэҕэ эрэ суруллубут айымньы буолбакка, биһиги күннээҕи олохпутугар баар эйгэ эбит. Ону суруналыыстар, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэр, култуура үлэһиттэрин, социальнай ситимҥэ биирдиилээн дьон суруйуулара туоһулууллар. Уопсайынан, олоҥхоҕо сыһыаннааҕы истибиппитин-билбиппитин барытын бу Olonkho.nlrs.ru саайка тиһэн-таһааран иһэбит. Этэргэ дылы, олоҥхо летопиһа суруллан саҕалаата.

Манна даҕатан эттэххэ, бу Olonkho.nlrs.ru саайка сонуннары, чинчийиилэри ааҕар эрэ буолбатаххыт, өссө олоҥхону толороллорун, ырыталларын истиэххитин, кэпсэтиилэри, лиэксийэлэри, испэктээктэри, ойуулуктары, хартыыналары көрүөххүтүн эмиэ сөп.

Онон үйэлээх үлэҕэ эһиги эмиэ кыттыһыаххытын сөп. Ол курдук, олоҥхону кытта ситимнээх сонуннаах эбэтэр олоҥхоһут туһунан ахтыылаах буоллаххытына, olonkho.nlrs@mail.ru электроннай почтаҕа ыытыаххытын сөп. Итини таһынан олоҥхоһуттар базаларын оҥоро сылдьабыт. Маныаха билиҥҥи кэм олоҥхону толорооччулара ааккытын-суолгутун, төрөөбүт күҥҥүтүн-дьылгытын, дойдугутун, репертуаргытын, (толорор олоҥхолоргут ааттарын, ааптардарын ыйан), хаартыскаҕытын, ситиһиигитин, бэйэҕит тускутунан кылгас информацияны суруйан ыытаргыт буоллар. Итиэннэ удьуоргутугар олоҥхоһут баар буоллаҕына, кини туһунан сибидиэнньэни үллэстэргитигэр көрдөһөбүт. Билсэр нүөмэргит 89142223579.

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ