Волейболу таптааччылар быйылгы түһүлгэлэрэ Дьокуускайга 380-ча спортсмены түмтэ

САХА СИРЭ.  Муус устар 28 күнэ — ULUS.MEDIA. Муус устар 14-16 күннэригэр дьоллоох  Дьокуускайбыт киинигэр турар “Кыайыы 50 сыла» спортивнай уораҕайга волейболу таптааччылар  тоҕуоруһа муһуннулар. Быйыл номнуо үһүс төгүлүн  ыытыллар республикатааҕы Саха АССР оскуолаларын  бүтэрбиттэр  волейболга аһаҕас турнирдара, уопсайа 380-ча спортсмены, 32 хамаанданы түмтэ.

Быйыл Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын уонна Россияҕа  волейбол төрүттэммитэ үбүлүөйдээх 100 сылларыгар анаммыт  күрэхтэһии үс күн устата ыытылынна. 1968-1978 сылларга Саха сирин оскуолаларын бүтэрбиттэр кыттыһан биир  1975 сыллааҕы выпустар хамаандаларын  туруорбуттар. Онтон салгыы 1993 сылга бүтэрбиттэргэ тиийэ эр дьоҥҥо, дьахталларга хамаандалары туруоран, кыттааччылар сытыы киирсиилэри, кыраһыабай оонньуулары көрдөрдүлэр.

Онон ытык саастаах эдьиийдэрбит, убайдарбыт биһиги күн сиригэр кэлэ да иликпитинэ, оскуоланы бүтэрбит дьон буолан  үс бүк убаастабылы, ытыктабылы ыллылар. Сааспыт ыраатта диэн олорон хаалбакка, көтөр мээчиги эккирэтэн, сүүрэ-көтө, астына оонньообуттарыттан улаханнык сөхтүбүт да, дуоһуйа көрдүбүт даҕаны.

Сыл аайы күрэхтэһии тэрээһинэ тупсан, кыттааччыта элбээн иһэрин үгүс киһи бэлиэтии көрбүт буолуохтаах.  Бу улахан түһүлгэҕэ кыттыыны ылаары сылы быһа бэлэмнэнэн, настройданан, ыраах сиртэн айаннаан, араас улуустартан да кэлэн выпустарын чиэһин көмүскээбиттэр аҕыйаҕа суохтар. Оонньуулар быыстарыгар араас саастаах волейболистар санааларын иһиттим.

Ульяна  Макарова:

— Мин 1980 сыллаахха бүтэрбиттэр  ааттарыттан  тэрийэр хамыыһыйаҕа көлүөнэлэр көрсүһүүлэрин үһүс төгүлүн үрдүк таһымнаахтык тэрийбит дьоҥҥо махталбын биллэрэбин. Волейбол бырааһынньыга үс күн устата ньиргийэн ааста. Биһиги аҕа саастаах дьон кыттааччылары 4 бөлөххө араарбыттарыттан астынныбыт. Тоҕо диэтэххэ, элбэх киһи мэтээлгэ тиксэн, илии тутуурдаах төнүннэ. Суперфиналы олус сэргээн астына көрдүбүт. Тиритиилээх-хорутуулаах, уопут, маастарыстыба барыта көстөр кыраһыабай  киирсиилэриттэн  олус астынныбыт.

— Оскуола оҕолорун саастарынан арааран көтө мээчик күрэхтэһиитин тэрийэллэрин туһунан истэ, билэ олоробут. Онон  инникитин волейбол курдук кыраһыабай  спорт көрүҥүн сэҥээрээччилэр, таптааччылар элбии турдуннар. Волейболга аналлаах спортивнай киин тутуллара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Спорт атын көрүҥнэригэр курдук, волейболбутугар  анал киин  арыллан, ордук ыччат дьон  бириэмэлэрин туһалаахтык атааралларыгар, спордунан дьарыктаналларыгар  усулуобуйа тэриллэрэ буоллар.

Максим Аммосов- 1986 сыллаах выпустар уолаттарын хамаандатын чилиэнэ:

— Бу күрэхтэһии үгэскэ кубулуйан эрэриттэн, биһиги олус үөрэбит. Сыл аайы бүтүн республика оскуолаларын биир сылга бүтэрбиттэр бу күрэххэ кыттаарылар эрдэттэн доруобуйаларын көрүнэр, эт-хаан өттүнэн дьарыктаах буоларга үлэлэһэр буоллулар. Хас биирдии киһиэхэ мотивация буоллаҕа дии? Бэйэни көрүнүү, уопсай туругу тупсарыы, ким эрэ ыйааһынын түһэрэр, ким илиитин, атаҕын эмтэнэр.

— Манна кыттааччылар эрэ буолбатах. Биир сылга бүтэрбиттэр бүттүүн мустан, оонньообот да дьон кэлэн, бэйэлэрин үөлээннээхтэригэр ыһыытаан-хаһыытаан, кыайыыга кынаттыылларын көрөр астык.

— Биһиги 1986 сыллаахха бүтэрбиттэргэ быйыл хайа да сыллардааҕар элбэх ыалдьааччы кэлбит. Транспорант оҥостон, эрдэттэн бэлэмнэнэн кэлэн, үс күн устата үс площадканан оонньуулары көрдүлэр. Онон выпустар турнирдара элбэх киһини сомоҕолоото, түмсүүлээх оҥордо диэн киэн тутта этэбин.

1975 сыллаахха оскуоланы бүтэрбит кыргыттар санаалара:

— Көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ күрэх үһүс төгүлүн үчүгэй, үрдүк тэрээһиннээхтик ааста. Эдэр сааһы кытта көрсүһүү куруук олус истиҥ, иһирэх буолар. «А» бөлөххө, ол аата 1975-1981 сыллаахха бүтэрбит выпустарга дьахталларга биһиги, 1975 сыллар бастаатыбыт. Эр дьоммут хамаандата бөлөхтөрүгэр иккис буоланнар, биһиги выпуск кубок хаһаайыттара буоллубут. Хамаандалар бары күүскэ бэлэмнэммиттэр, онон оонньуулар олус тыҥааһыннаахтык аастылар.

— Инникитин суперфиналга бириэмэ ыыппакка, күрэхтэһии субуотаттан саҕаланара буоллар, үлэлээх дьоҥҥо өссө ордук буолуох эбит  диэн баҕа санаалаахпыт.

Янис Ефимов- СР волейбол Федерациятын бэрэссэдээтэлэ, 1985 сыллаах выпуск хамаандатын капитана:

— Саха Республикатын волейбол Федерациятын аатыттан  үһүс төгүлүн ыытыллыбыт Саха сирин оскуолаларын  выпускниктарын волейболга аһаҕас турнирдара  таһымнаахтык ыытыллыбытыгар тэрийэр кэмитиэккэ, 1987 сыллаах выпустарга, чуолаан,  Ирина Степановна Николаеваҕа, Михаил Николаевич Гуляевка улахан махталбын биллэрэбин.

— Үс күн устата спорт дыбарыаһа үөрбүт-көппүт сирэйдэринэн, кыайыыга дьулуурдаах спортсменнарынан, кыайыыга кынаттыыр ыһыынан-хаһыынан тобус-толору ньиргийэн олордо. Бу күннэргэ волейбол биһиги республикабытыгар саамай маассабай спорт көрүҥүнэн буоларын өссө биирдэ дакаастаата.

— Ол курдук, саастарыттан, дуоһунастарыттан, ханна олороллоруттан тутулуга суох бука бары мустан выпустарын чиэһин көмүскүү түмсүбүт дьоҥҥо-сэргэҕэ кытаанах доруобуйаны, чөл, чэгиэн сылдьалларыгар, спортка ситиһиилэр кэлэ туралларыгар, эдэр көлүөнэ волейболистар ахсааннара элбии турарыгар   баҕарабын.

Павел Яковлев- 1984 сыллаах выпуск. “Волейбол- гармония нашей жизни”  альбом- кинигэ ааптара, “Сахава-волейбол” ырыа ааптара:

— Мин 1990 сыллартан саҕалаан Россияҕа тиийэ араас таһымнаах күрэхтэһиилэри видеоҕа устубутум. Билигин видеокассеталары оцифровкалаттараммын, барытын түмэн, ютуб ханаалга таһаараары үлэлэһэ сылдьабын.

Сахава күрэхтэһиитин сайын кулууптарынан буолбакка, маннык выпустарынан хамаанда туруоран кытыннарар киһи, адьас элбэх киһи кыттыылаах, маассабай хамсааһын тахсыах эбит. Онон инникитин улуустарынан, кулууптарынан араарбакка, выпустарынан кытыннарарга этии киллэрэбин.

Кубок, мэтээл хаһаайыттарын кытта билсиҥ!

Түмүккэ, 1975-1981 сылларга бүтэрбиттэргэ, дьахталларга:

1 м.- 1975 с.

2 м. – 1980 с.

3 м. – 1981 с.

Эр дьоҥҥо:

1м.- 1979 с.

2 м.- 1975 с.

3 м.- 1980 с.

1982-1985 сылларга, дьахталларга:

1 м. -1983

2 м.- 1985 с.

3 м.- 1984 с.

Эр дьоҥҥо:

1 м.- 1985

2 м.- 1982 с.

3 м. – 1983 с.

1986-1989 с.выпустарга

Дьахталларга:

1 м.- 1988 с.

2 м.- 1987 с.

3м.- 1989 с.

Эр дьоҥҥо:

1 м.- 1986 с.

2 м.- 1987 с.

3 м.- 1988 с.

1990-1993 сыллаах выпустарга

Дьахталларга:

1 м.-1993 с.

2 м.- 1990 с.

3 м. – 1991 с.

Эр дьоҥҥо:

1 м.- 1992 с.

2 м.- 1993 с.

3 м.- 1990 с.

Эр дьоҥҥо суперфинал кыайыылаахтарынан быйыл маннык турнирга аан бастакыларын кыттыбыт 1992 сыллаах выпускниктар,  дьахталларга  1993 сыллаахха бүтэрбиттэр таҕыстылар. Бастыҥ оонньооччулар анал бириистэринэн, махтал суруктарынан наҕараадаланнылар.

Ити курдук, өрүспүт суола сабыллыан аҕай иннинэ, ыраахтан, чугастан элбэх спортсмен  мустан, күөн көрүстүлэр. Сылы быһа кэтэспит көтөр мээчикпит улахан түһүлгэтиттэн хас биирдии кыттааччы бэйэтигэр сыал-сорук, түмүк, быһаарыныы ылынан тарҕастаҕа.

Саха Сирин оскуолаларын 1987 сыллаахха бүтэрбит выпускниктар бэркэ толкуйдаан, тэрийэн номнуо үгэскэ кубулуппут күрэхтэһиилэрэ  сыл аайы таһыма күүһүрэн истин, дьон-сэргэ астына, махтана турдун!

Екатерина Бястинова, 1990 выпуск

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ