Учуонай-агроном Александр Илистяров Ньурба быраҕыллыбыт бааһыналарын сөргүтэн, сиэмэ хаһаайыстыбата буоларга үлэлиир

САХА СИРЭ. Кулун тутар 14 күнэ — ULUS.MEDIA. Александр Илистяровы Дьокуускайга “Туймаада-Агроснаб” тэрилтэҕэ үлэлиир сылларыттан билэбин. Туймаада хочотугар Тулагы эргин быраҕыллыбыт бааһыналары сөргүтэн, тилиннэрэн, элбэх сыллаах от, бурдук ыһан, үүнүү бөҕөнү хомуйара. Хас даҕаны сыллааҕыта дойдутугар, Ньурбаҕа, үлэлии барбыт сураҕын истибитим. 

Онтон бу соторутааҕыта Саха сирин тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуларын сийиэһигэр көрсөн, сэһэргэһэ түһэр түгэн тосхойдо. “Мин ол кэмҥэ Ньурба улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччынан үлэлии олорор  Артур Янович Яковлев ыҥырыытынан дойдубар тиийэн, 2018 сыл ыам ыйыгар “Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньата” ХЭУо-ны тэринэн үлэбин саҕалаабытым”, – диэн билиһиннэрэр Александр Иванович.

Александр Илистяров Иркутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэн, учуонай-агроном дипломун 1992 с. бүтэһигинэн ылбыт исписэлиис буолар. Кини кууруһа үөрэнэн бүппүт сылыгар институт академияҕа уларытан тэриллибитэ. Идэтигэр бэриниилээх буолан, түһүүлээх-тахсыылаах күннэргэ-дьылларга даҕаны, сиртэн тэйбэтэҕэ. “Туймаада-Агроснаб”-ка агрономнуур сылларыгар үтүөкэн киһи, талааннаах салайааччы Василий Николаевич Филипповтан үлэ-олох мындырдарыгар уһуйуллубутун-такайыллыбытын истиҥник саныыр эбит.

“Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньата” ХЭУо Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин уонна Ньурба улууһун дьаһалтатын сүөһү аһылыгын оҥорууга туһуламмыт кыттыгас бырагыраамаларыгар улуустан соҕотоҕун кыттар. Бырагыраама өйөбүлүнэн сир үлэтигэр аналлаах тиэхиньикэнэн добуочча сэбилэммиттэр: биир “Енисей-1200” комбайн, икки “Агратор-3400”, бурдук ыраастыыр ОВС-25, иккилии булуук, ыарахан диискэ, барана, каток, икки МТЗ-12-21, биир МТЗ-82, сушилка. Ону тэҥэ сири алдьаппакка оту ыһар Голландия “Вредо” сиэйэлкэлээхтэр.

Хампаанньа генеральнай дириэктэрэ: “Ньурба куорат тулатыгар, Убайаан өттүгэр урукку сопхуос бааһыналара быраҕыллан, оһорбо буолан сыппыттарын таҥастаан, чөлүгэр түһэрэн, 1200 гектар кэриҥэ сири оҥордум. Бэйэбэр онтон 300 гектарын түүлэһиигэ ылбытым. Бастакыбын 2019 с. эбиэс ыспыппын күһүн хомуйан, 1200 туоннаны сиилэстээбитим. Эһиилигэр 64 гектарга элбэх сыллаах оту ыспытым. Ити сыл 150 туонна эбиэһи ылбытым. Курааҥҥа уолан хаалбыт күөл оннун ыраастаан, 14 тыһ. куб. м сабардамнаах ууну хаһаанар гына оҥостон, чөлүгэр түһэрбитим. Онно собо балык ыытан үөскэттим. Кытылларынан облепиха олордубутум”, – диэн кэпсиир.

Ааспыт сайын улуус кииниттэн чугас сытар нэһилиэктэр сирдэригэр курааннаан, аһыҥа турбута. Александр Илистяровтаах Ньурба куорат тулатыгар 500 гектар иэннээх сиргэ “эмтээһини” ыыппыттар, 5 лиитирэлээх иһит 20 гектарга тиийэр. “Эми” Россельхозцентр тэрилтэттэн атыылаһаллар эбит.

Сааһын курааннаан баран, күһүөрү сайынтан кэлэ-кэлэ ардаан, хомуур үлэтин атахтаабыта. “Алтынньы 27 күнүгэр диэри оттоотубут. Бурдук ситэн иһэн, саһаран баран көҕөрөрүн саҥа көрдүм”, – диир Александр Иванович.

Хаһаайыстыба элбэх сыллаах окко анаан 64 гектар иэннээх питомнигы 2020 с. тэриммит. Ардах атахтаабытын уонна аныгы ирдэбилгэ эппиэттээбэт буолан, үлэттэн туоратыллыбыт эргэ комбайнынан хомуйалларыгар сорох сиринэн үүнүү аҥаарын сүтэрэллэрин үрдүнэн, 4 туонна “кострец безостый” диэн от сиэмэтин ылан хаһааммыттар. “Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньата” ХЭУо быйыл, табылыннаҕына, идэтийбит сиэмэ хаһаайыстыбатын быһыытынан федеральнай реестргэ Саха сириттэн бастакынан киириэҕэ. “Докумуоннарбытын ыыппыппыт. Ирдэбиллэргэ сөп түбэһэбит диэн эрэх-турах сананабыт”, – диир генеральнай дириэктэр.

Хампаанньа дьыл кэминэн үлэлиир буолан, ыһыыга уонна хомуурга дьону ГПХ дуогабарынан үлэлэтэр. АГАТУ-тан агрономҥа үөрэнэр устудьуоннар тиийэн быраактыкаланаллар эбит. Кинилэргэ хаһаайыстыба 50-нуу тыһ. солкуобай хамнас төлүүр. Александр Иванович инникитин өссө Маарга баар Ньурбатааҕы СПТУ-га үөрэнэр ыччаттары сир үлэтигэр уһуйар былааннаах.

Үйэ чиэппэрэ сиртэн үүнүүнү ылыыга  көлөһүммүн тохпут кэммэр бэйэм сыыһаларбар үөрэнэн, уопутуран, инникитин бу эйгэҕэ үлэлиирбэр элбэх билиини мунньуннум. Өрөспүүбүлүкэм уонна улууһум салалталара, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ өйүүллэрин түһэн биэрбэт, аара тохтообот бигэ санаалаахпын”, – диир Александр Иванович. Арай, эргитэ санаан көрдөххө, кини агроном идэтин баһылаабатах, үгүс үөлээннээхтэрин курдук куораттан тыаҕа үлэлии барыан баҕарбатах буоллун – тыһыынчанан гектардаах бааһыналар эрбэһининэн, талаҕынан бүрүллэн сытыахтар эбитэ буолуо. Александр Илистяров үтүө холобуругар дойдутун таптыыр, идэтигэр бэриниилээх үлэһит киһи соҕотоҕун даҕаны элбэҕи оҥоруоҕар итэҕэйэҕин.

Василий Никифоров

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ