Россияҕа анал механизмнар көмөлөрүнэн кибермошенниктары утары охсуһуохтара

САХА СИРЭ. Муус устар 14 күнэ — ULUS.MEDIA. «Профилактика и противостояние кибермошенничеству» форумҥа саҥа механизмнар уонна хайдах олору киллэрэр туһунан кэпсээтилэр. Тустаах сокуон бырайыактара сотору кэминэн Государственнай Думаҕа көрүллүөхтэрэ. Ол туһунан Российскай Федерация генеральнай прокурорун солбуйааччы Дмитрий Демешин иһитиннэрдэ.

«Арассыыйаҕа сыллата информационнай, телекоммуникационнай технологиялары туһаныыга эбэтэр компьютернай информация эйгэтигэр мөлүйүөн аҥарыттан тахса буруйу оҥоруу бэлиэтэнэр. Аҥардас 2022 сылга дойдуга баан операцияларынан 13 млрд солк. тахса харчыны ылан турардаахтар. Маннык дьайыылар үс гыммыт биирэ эрэ сатаан арыллар», — диэн генеральнай прокурору солбуйааччы иһитиннэрдэ.

Кини итини сэргэ Уһук Илин территориятыгар 30 тыһыынча кэриҥэ буруйу оҥоруу учуокка туруоруллубутун туһунан эттэ. Саамай элбэх хамсааһын Приморскай, Хабаровскай, Забайкальскай кыраайдарга, Бурятияҕа уонна Амур уобалаһыгар бэлиэтэммит эбит.

Демешин государственнай органнар информационнай куттал суох буолуутун хааччыйар стратегическай соруктара быһаарыллыбыттарын уонна кибермошениктары кытта охсуһууга  үлэ саҕаланна, диэн бэлиэтээбит.

Бу эйгэҕэ буруйу оҥорууну тохтотууга уонна арыйыыга Киин бааны кытта Ис дьыала министиэристибэтэ бииргэ үлэлэһиэхтэрэ.

Генпрокурору солбуйааччы эмиэ РФ Госдуматыгар клиеннэр суоттарыттан үбү-харчыны уорууну утары механизмнары киллэрэргэ көмөлөһөр сокуон барыла көрүллэрин иһитиннэрдэ. Докумуон баанҥа кырдьыга суох биллэриилэр киирдэхтэринэ үбү-харчыны хаһаайыныгар төннөрөргө сорудахтыыр. Ону таһынан баан кырдьыга суох быһыылаах дии санаатаҕына, харчыны икки күн иһигэр ыытымыан сөп эбит.

Маны тэҥэ дааннайдары биэриигэ уонна сибээс өҥөтүн тохтотууга сыһыаннаах эбээһинэстэрин толорбот буолуу иһин административнай эппиэтинэс олохтонно. Төлөбүр докумуоннарын биэриигэ омук мессенджердарын  туттуу бобулунна. Сибээс оператордара тутуһуу систематын үлэлиирин хааччыйыыга кэккэ боломуочуйалар Радиочастотнай сулууспаҕа бэрилиннилэр.

«Информационнай ресурстарга кибератака баттааһынын усулуобуйатыгар араас салаалары сөргүтүллүбэт дьоһун инфраструктураны, ол иһигэр бааннарга уонна электроннай төлөбүр оператордарыгар сыаллаан- соруктаан туруоруллубут, ордук мөлтөөбүт категориялаах, пенсионердар ураты суолтаны ылар. Дистанционнай албыны- көлдьүнү утары дьайымтыалаах механизмнары оҥорон таһаарыы биир кэлим ньыманы ирдиир», — диэтэ Дмитрий Демешин.

Уһук Илиҥҥи Сбербаан бэрэссэдээтэлэ Андрей Черкашин финансовай секторга кэлиҥҥи сылларга хаайыыга олорор мошенниктар тэриммит колл-центрдарын суох оҥорорго, ону тэҥэ мобильнай сибээс оператордара  кибермошенниктары утары охсуһар механизмнар тупсубуттарын иһитиннэрдэ. Ылыллыбыт миэрэнэн Сбербаан клиеннэригэр сыһыаннаан харчыга албыннаталлара 15-20 төгүл аҕыйаабыт.

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ