САХА СИРЭ. Муус устар 14 күнэ — ULUS.MEDIA. Гимнастиканан дьарыктанар ба5аттан өрүс уҥуор туоруур диэни баччааҥҥа диэри истэ илик этим. «Муус устар » ыччат фестивалын түмгүнэн матырыйаал бэлэмнии сылдьан, бу наһаа ис киирбэх хаартысканы өйдөөн көрөн билбитим: Хаҥаласка оҕолор уус-уран гимнастиканан дьарыктанар баҕаттан Покровскайтан бэйэтиттэн эрэ буолбакка, нэһилиэктэртэн кытта айаннаан кэлэн дьарыктаналлар эбит. Бу ЯСИА суруналыыһа Мария Васильева түһэрбит хаартыскатыгар Россия билиҥҥитэ саамай күүстээх гимнастката, юниордарга аан дойду үс төгүллээх, улахан дьоҥҥо Европа чемпионката, Россия Гран-притын кыайыылааҕа Лала Крамаренконы уонна олимпийскай чемпионка Ксения Дудкинаны тулалаабыт кырачаан кыргыттар- Хаҥалас спортивнай оскуолатын үөрэнээччилэрэ.
Покровскай куоракка 2019 сыллаахха бастаан «Туймаада бриллианнара» кулууп үлэтин саҕалаабыта. Онтон 2021 сыллаахха оҕо-ыччат спортивнай оскуолатыгар уус-уран гимнастика салаата арыллыбыта. Онно кыргыттардаах эдэр ийэлэр ымсыыран, Покровскайтан эрэ буолбакка Ой, Уулаах Аан, Аллараа Бэстээх,Өктөм, Мохсоҕоллоох , бэл уҥуор I уонна II Дьөппөн нэһилиэктэриттэн о5олор тиһигин быспакка сылдьан дьарыктаналлар. Дьаныар, баҕа санаа баар буоллаҕына- табыллар эбит. Оҕолор республикаҕа, Россия араас регионнарыгар буолар араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кытталлар, ситиһиилэнэллэр.
Айыллаана Очиржапова таптыыр гимнастикатынан дьарыктанаары өрүһү нэдиэлэҕэ үстэ туоруур. Кини 7 саастаах, II Дьөппөн нэһилиэгэр олорор, маҥнайгы кылааска үөрэнэр. Гимнастиканан 3 сааһыттан дьарыктанар, элбэх ситиһиилээх, күрэхтэһиилэргэ көхтөөхтүк кыттыны ылар, дьарыгын наһаа сөбүлүүр. Даша Тарасова 9 саастаах , Мохсоҕоллоохтон сылдьан эрчиллэр, иккис сменаҕа үөрэнэр буолан, Покровскайга сарсыардаттан айанныыр, улахан күрэхтэһии иннигэр күн аййы, ардыгар күҥҥэ иккитэ да кырыныан сөп. Тренердэрэ Тамара Борисова этэринэн, кыргыттар дьарыктанарга улахан баҕалаахтар, дьаныардаахтар, дьонноро наһаа өйүүллэр, көмөлөһөллөр, спорт туһуттан тугу барытын умнан туран сүүрэллэр-көтөллөр.
Надежда Очиржапова, Айыллаана ийэтэ: «О5ом кыра эрдэ5иттэн гимнастикаҕа наһаа баҕалаах этэ Дьарыктаныахпын баҕарабын диэн бэйэтэ туруорсан манна сылдьыбыта. Лала Крамаренконы тиһигин быспакка көрөр, наһаа сөбүлүүр, кэрэхсиир, кини курдук буолуон баҕарар. Ол иһин кини кэлэрин билэн, наһаа долгуйбута, оҥостубута. Тренрбит биһигини наһаа өйдүүр, өйүүр. Кыһын массыынанан сылдьабыт, үчүгэй. Сайын, күһүн өрүһүнэн сырыы, биллэн турар, уустугурар, мотуорканы сороҕор иккилии чаас күүтэн кытылга олоруохпутун сөп. Онтон хаайтарыы буоллаҕына дьиэбититтэн онлайн дьарыктанабыт».
Алена Тарасова, Даша ийэтэ: «Кыыспыт ыра оҥостубут санаата туолбутуттан биһиги наһаа үөрэбит. Оҕолор Лала Крамаренко уонна Ксения Дудкина курдук улахан таһымнаах гимнасткалары, Россия успуордун сулустарын илэ көрөн, ону ааһан кинилэртэн дьарык ылан дьоллоннулар. Бу маннык түгэн тосхойбутугар тренербитигэр, уус-уран гимнастика федерациятыгар ,«Муус устар» фестивалы тэрийээччилэргэ махталбыт муҥура суох. Кыргыттар фестиваль кэнниттэн наһаа үөрдүлэр, кынаттаннылар, инникитин дьарыктанарга улахан төһүүнү ыллылар, күүһү-уоҕу эбиннилэр».
Ксения Дудкина, уус-уран гимнастика5а олимпийскай чемпионка: “Бу о5олор бэйэлэрин ис киирбэхтэринэн, аһаҕас, үөрүнньэҥ майгыларынан биһигин сөхтөрдүлэр. Кэнсиэр саҕаланыан иннинэ трибунаҕа олордохпутуна бэйэлэрэ тиийэн кэлэн наһаа үчүгэйдик кэпсэппиттэрэ, ыйыталаспыттара. Лалаттан: «Лала, дорообо, эҕэрдэ! Биһиги эйиигин наһаа сөбүлүүбүт, кэрэхсиибит! Эн билигин композицияны көрдөрөҕүн дуо? Хайдаххыный?» диэн ыйытыласпыттара. Сүрдээх истиҥ,маладьыас кыргыттар!».
Людмила Николаева, уус-уран гимнастикаҕа СР федерациятын президенэ: «Гимнастика5а спортсменнар биир ыал оҕолорун кэриэтэ буолаллар. Олох кырачаан, саҥа саҕалаан эрэр оҕо да, уһулуччу ситиһиилээх, үрдүкү титуллаах да чемпионка буоллун-син биир кинилэр бэйэ-бэйэлэригэр тэҥ сыһыаннаахтар, түмсүүлээхтэр, хаһан баҕар биир сомоҕо буолаллар. Бу кырачаан кыргыттар бэйэлэрин аһаҕастарынан, истиҥнэринэн ыалдьыттарбыт, чемпионкаларбыт сүрэхтэрин сүүйдүлэр, кинилэри үөртүлэр».
Түмүктээн эттэххэ, бу маннык фестиваллар туһалара, көдьүүстэрэ сүрдээх күүстээх. Ыалдьыттар оҕолорго кэрэҕэ, үтүө быһыыга, дьаныардаах үлэҕэ үтүө холобуру көрдөрөллөр, көҕүлүүр күүһү, дьулууру биэрэллэр.
Елена Николаева
Мария Васильева ЯСИА хаартыскаҕа түһэриитэ
Читайте нас в: